YouVersion Logo
Search Icon

Лука 3

3
Иоанн Сүрэхтээччи суол солуур
1Тиверий императордаабытын уон бэһис сылыгар, Понтий Пилат Иудея баһылыга эрдэҕинэ, Ирод Галилеяҕа, кини быраата Филипп Итуреяҕа уонна Трахония уобалаһыгар, оттон Лисаний Авилинеяҕа баһылык буолан олордохторуна, 2Анналаах Каиафа#3:2 Анналаах Каиафа – Анна (евр. Хананья эбэтэр Ханан) б. э. 6–15 сс., оттон кини күтүөтэ Каиафа – 18–37 сс. архиерейдаабыттара. архиерейдыылларын саҕана, Захария уола Иоанн кураайы куйаарга сылдьан Таҥара киниэхэ этэр тылын истибитэ. 3Онон кини бүтүн Иордан хочотун кэрийэ сылдьан дьону, аньыыны-хараны билинэн, сүрэхтэнэргэ ыҥырбыта. 4Ол туһунан Исайя пророк кинигэтигэр маннык өтө көрөн суруллубут: «Кураайы куйаарга үөгүлээччи саҥата: „Айыы Тойон барар суолун солооҥ, Кини ыллыктарын көннөрүҥ: 5бары намыһах сир үрдүөхтүн, хайа, булгунньах намтыахтын, токур суоллар көннүннэр, эндирдээх ыллыктар дэхсилэнниннэр – 6оччоҕо киһи аймах барыта Таҥара быыһыырын көрүөҕэ!“»
7Иоанн киниэхэ сүрэхтэнэ кэлэр дьоҥҥо этэрэ: «Эриэн үөн ыамалара! Ким эһиэхэ кэнэҕэски уортан-кылынтан куотар өй укта? 8Аньыыгытын билинэн Таҥараҕа чахчы эргиллибиккитин олоххутунан туоһулааҥ; итиэннэ биһиги аҕабыт Авраам диэн сананымаҥ даҕаны. Эһиэхэ этэбин: Таҥара бу да таастары Авраамҥа оҕо гынан туруортуон сөп. 9Сүгэ хайыы-үйэ мас төрдүгэр сытар: ханнык баҕарар маһы, үтүө аһы биэрбэт буоллаҕына, кэрдэн уокка быраҕаллар».
10Норуот киниттэн: «Биһиги оччоҕо тугу гынабыт?» – диэн ыйыппыта.
11«Ким икки таҥастаах, ол туга да суохтуун үллэһиннин, ким аһыыр астаах, ол эмиэ оннук гыннын», – диэбитэ Иоанн.
12Түһээн хомуйааччылар эмиэ, сүрэхтэнэ кэлэн баран: «Үөрэтээччи! Биһиги тугу гынабыт?» – диэн ыйыппыттара.
13«Ылыахтааххытыттан ордугу ирдээмэҥ», – диэбитэ Иоанн.
14Буойуннар ыйыппыттара: «Оттон биһиги тугу гынабыт?»
Кинилэргэ эппитэ: «Кими да холуннарымаҥ, атаҕастаамаҥ, хамнаскытынан дуоһуйуҥ».
15Норуот кэтэһэрин, бары Иоанны Христос буолуо дии саныылларын иһин, 16Иоанн, бары истэн турдахтарына, эппитэ: «Мин эһигини уунан сүрэхтиибин, ол гынан баран кэннибиттэн Кэлэн Иһээччи миигиннээҕэр күүстээх. Мин Кини атаҕын таҥаһын быатын да сүөрэргэ сөбө суохпун. Кини эһигини Сибэтиэй Тыынынан уонна уотунан сүрэхтиэҕэ. 17Кини күрдьэҕин тута сылдьар, онон куумунатын ыраастаан баран сэлиэһинэйи маҥхааһайыгар мунньуоҕа, оттон соломотун умуллубат уокка уматыаҕа». 18Иоанн норуокка мантан да атыны элбэҕи үөрэппитэ.
Ирод Иоанны хаайыыга уктарар
19Ол эрээри кини Ирод баһылыгы, быраатын ойоҕун Иродиаданы ылбытын уонна да атын куһаҕан суоллары оҥорбутун иһин, сэмэлээбитигэр 20Ирод Иоанны хаайыыга бырахтаран, урукку аньыытыгар-харатыгар өссө биир аньыыны эбиммитэ.
Иисус Христос сүрэхтэниитэ
21Норуот бүттүүнэ сүрэхтэммитин кэннэ, Иисус эмиэ сүрэхтэнэн баран, Таҥараҕа үҥэ турдаҕына, Халлаан арыллыбыта, 22Сибэтиэй Тыын холууп курдук көрүҥнэнэн Киниэхэ түһэн кэлбитэ, онуоха Халлаантан: «Мин үтүө көҥүлбүн толорор Тапталлаах Уолум Эн бааргын!» – диир саҥа дуораһыйбыта.
Иисус Христос төрдө-ууһа
23Иисус үөрэтэрин саҕалыырыгар отучча саастааҕа. Дьон-сэргэ санаатыгар Кини Илия уолун Иосиф Уола этэ. Атын төрүттэрэ манныктар:
24Матфат, Левий, Мелхий, Ианнай, Иосиф,
25Маттафия, Амос, Наум, Еслим, Наггей,
26Мааф, Маттафия, Семей, Иосиф, Иуда,
27Иоаннан, Рисай, Зоровавель, Салафииль, Нирий,
28Мелхий, Аддий, Косам, Елмодам, Ир,
29Иосия, Елиезер, Иорим, Матфат, Левий,
30Симеон, Иуда, Иосиф, Ионан, Елиаким,
31Мелеай, Маинан, Маттафай, Нафан, Давид,
32Иессей, Овид, Вооз, Салмон, Наассон,
33 Аминадав, Арам, Есром, Фарес, Иуда,
34 Иаков, Исаак, Авраам, Фарра, Нахор,
35Серух, Рагав, Фалек, Евер, Сала,
36Каинан, Арфаксад, Сим, Ной, Ламех,
37Мафусал, Енох, Иаред, Малелеил, Каинан,
38Енос, Сиф, Адам, Таҥара.

Currently Selected:

Лука 3: СБК

Highlight

Share

Copy

None

Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in