YouVersion Logo
Search Icon

Лука 2

2
Иисус Христос төрөөһүнэ
1Ол саҕана Август#2:1 Август – Рим бастакы императорын Гай Юлий Цезарь Октавиан (б. э. иннинээҕи 31 с. – б. э. 14 с. диэри ыраахтааҕылаабыта) титула. Биэрэпис, ким да Римҥэ түһээн төлүүртэн куотумматын туһугар, суруллара. император сир-уот устунан биэрэпис оҥорторор уурааҕа тахсыбыта. 2Сирияны Квириний салайарын саҕана, бу бастакы биэрэпис этэ. 3Бары, биэрэпискэ суруйтараары, бэйэлэрин куораттарыгар барбыттара.
4 Иосиф эмиэ, Давидтан төрүттээх буолан, Галилея Назаретыттан Иудеяҕа баар Вифлеем диэн Давид куоратыгар 5кэргэн ылыахтаах Мариятыныын суруйтара барбыттара. Мария ыарахан этэ, 6онон Вифлеемҥэ сылдьан, оҕолонор кэмэ кэлэн, 7бастакы Уолун төрөппүтэ; түһэр дьиэҕэ хонук сиргэ тиксибэккэлэр, Кини Оҕотун суулаан баран күкүргэ сытыарбыта.
Маныыһыттар уонна Аанньаллар
8Ол дойдуга мэччийэр сүөһүнү көрөн, хонууга хонор маныыһыттар бааллара. 9Эмискэ#2:9 Эмискэ – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыл суох. кинилэр иннилэригэр Айыы Тойон Аанньала баар буолбута; Айыы Тойон килбиэннээх сырдыга кинилэргэ сыдьаайбытыгар маныыһыттар улаханнык куттаммыттара. 10Аанньал эппитэ: «Куттанымаҥ! Мин бар дьоҥҥо тосхойуохтаах улуу үөрүүнү эһиэхэ иһитиннэрэ кэллим: 11бүгүн эһиэхэ, Давид куоратыгар, Быыһааччы – Христос Айыы Тойон – төрөөтө. 12Кини бэлиэтэ маннык буолуо: эһиги күкүргэ сууланан сытар Оҕону булан ылыаххыт».
13Онтон эмискэ Аанньалы кытта бииргэ үөһээ Халлаан үтүмэн ахсааннаах сэриитэ Таҥараны айхаллыыра көстөн кэлбитэ: 14«Үрдүк Халлааҥҥа – Таҥараҕа айхал, сиргэ – эйэ-ил, дьоҥҥо – Таҥара үтүө сыһыана!»
15Аанньаллар кинилэртэн тэйэн Халлааҥҥа төннөөттөрүн, маныыһыттар: «Чэйиҥ, Вифлеемҥэ баран, онно туох буолбутун, Айыы Тойон биһиэхэ ити тугу биллэрбитин көрүөҕүҥ», – дэһиспиттэрэ.
16Ол кэннэ бэрт суһаллык тиийэн, Марияны, Иосибы уонна күкүргэ сытар Оҕону булан ылбыттара. 17Оҕону көрөөт, Аанньал Кини туһунан туох диэбитин кэпсээн биэрбиттэрэ. 18Истибит эрэ барыта маныыһыттар кэпсээннэрин сөрү диэн сөхпүтэ. 19Оттон Мария бу тыллары барытын, хаһан да умнубаттыы, сүрэҕэр сөҥөрдөн иһэрэ. 20Маныыһыттар барытын көрөн-истэн баран, Таҥараны уруйдаан-айхаллаан, төннүбүттэрэ: барыта үкчү Аанньал эппитин курдук этэ.
Таҥара Дьиэтигэр көрсүһүү
21Аҕыс күн буолан баран Оҕо быһыллыахтаах сиэрин-туомун оҥороллоругар Киниэхэ Иисус диэн, Аанньал Кинини, өссө ийэтин иһигэр үөскүү да илигинэ, ааттаабыт аатын биэрбиттэрэ.
22 Моисей Сокуона ирдиир ыраастанар күннэрэ ааспыттарын кэннэ, Оҕону Айыы Тойоҥҥо анаары, Иерусалимҥа аҕалбыттара. 23Айыы Тойон Сокуонугар суруллубутунан, «ыал бастакы уол оҕото Айыы Тойоҥҥо ананыахтааҕа», 24итиэннэ, эмиэ Айыы Тойон Сокуонугар этиллибитинэн, кинилэр «икки өтөнү биитэр икки холууп оҕотун» аҕалан сиэртибэлиэхтээхтэрэ.
Симеон төлкөлөөһүнэ
25Ол саҕана Иерусалимҥа Симеон диэн киһи баара. Кини Израиль быыһанарын көһүтэр кырдьыктаах, Таҥараҕа бэриниилээх киһи этэ; Сибэтиэй Тыын кинини кытта бииргэ сылдьара. 26Кини, Айыы Тойон Христоһун көрө илигинэ, өлүө суохтааҕын туһунан Сибэтиэй Тыынтан эрдэттэн билэр этэ. 27Арай биирдэ кини, Сибэтиэй Тыын угуйан, Таҥара Дьиэтигэр кэлбитэ. Сокуон сиэрин-туомун оҥороору, төрөппүттэрэ быыкаа Иисуһу аҕалбыттарыгар, 28Симеон Кинини илиитигэр ылан баран, Таҥараҕа махтаммыта: 29«Эппитиҥ курдук, билигин, Улуу Баһылык, кулуккун эйэни кытта ыытар буоллуҥ: 30-31эт харахпынан дьэ көрдөҕүм Эн бары норуоттарга анаабыт Быыһааччыгын – 32Таҥараны билбэт дьоҥҥо сыдьаайыахтаах сырдыккын, норуотуҥ Израиль албан аатын!»
33Иосиф#2:33 Иосиф – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «Оҕо аҕата». уонна Иисус Ийэтэ ити Кини туһунан этиллибити сөҕө истибиттэрэ. 34Онтон Симеон кинилэри алҕаан баран, Марияҕа, Иисус Ийэтигэр, эппитэ: «Бу Оҕо Израильга элбэх киһи охторугар да, турарыгар да ананан сытар; 35оттон Эн дууһаҕынан эмиэ үҥүү курдаттыы ааһыаҕа. Кини Таҥара бэлиэтэ буолуоҕа, үгүстэр ону утаран, кистэлэҥ санаалара арыллыаҕа».
Анна төлкөлөөһүнэ
36Манна Асир аҕатын ууһуттан төрүттээх Фануил кыыһа Анна диэн пророк дьахтар баара. Кини сааһа ырааппыт этэ, кыыс сылдьан эргэ тахсан баран, эрин кытта сэттэ эрэ сыл олороотун, 37эрэ өлөн, аҕыс уон түөрт сааһыгар диэри огдообо олорбута. Кини Таҥара Дьиэтиттэн арахпат этэ, поһу тутуһан, күннэри-түүннэри үҥэн Таҥараҕа сулууспалыыра. 38Анна эмиэ ол кэмҥэ кэлэн Айыы Тойоҥҥо махтанан баран, Иерусалим босхолонорун кэтэһээччилэргэ Кини туһунан кэпсээбитэ.
39Айыы Тойон Сокуонугар этиллибити барытын толорон баран, кинилэр Галилеяҕа, бэйэлэрин куораттарыгар Назарекка, төннүбүттэрэ. 40Оҕо улаатан, ис тыына күүһүрэн, муударай өйө дириҥээн испитэ; Кинини Таҥара алгыһа араҥаччылыыра.
Иисус Уолчаан Таҥара Дьиэтигэр
41Хас сыл аайы Иисус төрөппүттэрэ Паасха бырааһынньыгар Иерусалимҥа бараллара. 42Кини уон иккилээҕэр дьоно үгэстэринэн Иерусалимҥа бырааһынньыктыы кэлбиттэрэ. 43Бырааһынньык күннэрэ бүтэн дьиэлэригэр төннөллөрүгэр Иисус Уолчаан Иерусалимҥа хаалан хаалбыта; ону Иосиф да, Ийэтэ да билбэтэхтэрэ: 44дьону кытта аргыстаһан истэҕэ дии саныыллара. Күннүк сири айаннаан баран, дьэ Иисуһу аймахтарын уонна билэр дьоннорун ортотугар көрдөөбүттэрэ. 45Итиэннэ булбаккалар, Кинини көрдөөн Иерусалимҥа төннөн кэлбиттэрэ. 46Үс күн буолан баран Иисуһу Таҥара Дьиэтиттэн булан ылбыттара. Иисус үөрэтээччилэр ортолоругар кинилэри истэ, ыйыталаһа олороро. 47Истэн олорооччулар бука бары Кини өйүн, хайдах курдук хоруйдаһарын сөҕөллөрө. 48Дьоно Иисуһу көрөн, олус соһуйбуттара. Ийэтэ Киниэхэ эппитэ: «Тоойуом! Биһиэхэ тоҕо маннык сыһыаннастыҥ? Аҕаҥ биһикки Эйигин улаханнык айманан туран көрдөөтүбүт».
49Иисус эппитэ: «Миигин тоҕо көрдөөтүгүт? Мин Аҕам Дьиэтигэр буолуохтаахпын эһиги билбэт этигит дуо?» 50Дьоно Иисус тугу эппитин өйдөөбөтөхтөрө.
51Кини Назарекка төннүһэн, дьонугар толору бас бэринэн олорбута. Оттон Ийэтэ буоллаҕына ити истибит тылларын барытын сүрэҕэр уйалаан өйдүү-саныы сылдьыбыта. 52Иисус улаатан ситэн-хотон истэҕин аайы, муударай өйө дириҥээн испитэ; Кинини Таҥара да, дьон да таптыыра.

Currently Selected:

Лука 2: СБК

Highlight

Share

Copy

None

Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in