YouVersion Logo
Search Icon

Лука 1

1
Аан тыл
1Үгүстэр биһиэхэ буолбут түбэлтэлэри хайыы-үйэ сэһэргээн суруйар буолбуттарыттан, 2ону хара маҥнайгыттан көрбүт-истибит, Тыл туһугар сулууспалаабыт дьон биһиэхэ тиэрдибиттэрин 3барытын төрдүттэн ырытан-чинчийэн көрөн бараммын, ытыктабыллаах Феофил, мин эмиэ барытын эйиэхэ саас-сааһынан суруйан биэрэргэ быһаарынным. 4Бу урут истэн үөрэммит үөрэҕиҥ бигэ төрдүн билэргэр эйиэхэ көмөлөөх буолуоҕа.
Иоанн Сүрэхтээччи төрүүрүн иһитиннэрии
5Ирод Иудея ыраахтааҕыта буолан олордоҕуна, Авия бөлөҕөр#1:5 Авия бөлөҕө – аҕабыыттар 24 бөлөххө арахсаллара, хас биирдии бөлөх сылга иккитэ сэттэлии хонук устата Таҥара Дьиэтигэр сулууспалыыра. Захария диэн ааттаах аҕабыыт баара; кини кэргэнэ Аарон аҕатын ууһуттан төрүттээҕэ, аата Елисавета диэн этэ. 6Иккиэн Айыы Тойон кэриэстэрин, ыйыыларын-кэрдиилэрин – барытын эҥкилэ суох толорор буолан, Таҥара иннигэр көнө дьон этилэр. 7Елисавета кыайан оҕоломмот буолан, оҕолоро суоҕа, саастара буоллаҕына быданнаабыта.
8Биирдэ Захария, бөлөҕүн ирээтэ кэлэн, Таҥара иннигэр сулууспалыы сылдьыбыта. 9Аҕабыыттар үгэстэринэн сэрэбиэй бырахпыттарыгар фимиам уматыыта киниэхэ түбэспитэ. Захария Айыы Тойон Дьиэтигэр киирбитэ, 10оттон дьон, кини фимиам уматар кэмигэр таска туран үҥпүтэ.
11Арай Захария көрдөҕүнэ: үчүгэй сыттаах сиэртибэни уматар остуол уҥа өттүгэр Айыы Тойон Аанньала турара. 12Захария кинини көрөн өмүттэн хаалбыта, улаханнык куттаммыта. 13Аанньал киниэхэ эппитэ: «Куттаныма, Захария, эн үҥэриҥ Таҥараҕа тиийдэ. Кэргэниҥ Елисавета эйиэхэ уол оҕону төрөтүөҕэ, эн оҕоҕун Иоанн диэн ааттыаҥ. 14Эйиэхэ улуу үөрүү кэмэ үүнүөҕэ, үгүстэр кини төрөөбүтүттэн үөрүөхтэрэ. 15Кини Айыы Тойон иннигэр улуу киһи буола үүнэн тахсыаҕа; ханнык да арыгыны, итирдэр утаҕы иһиэ суоҕа, ийэтин иһиттэн тахсаат да, Сибэтиэй Тыынынан туолуоҕа; 16Израиль уолаттарын үгүстэрин Айыы Тойон Таҥараларыгар эргилиннэриэҕэ; 17аҕалары оҕолорун кытта эйэлэһиннэрэн, бас бэриммэттэри кырдьык суолугар төнүннэрэн, норуоту Айыы Тойон кэлэригэр бэлэмнээри, Илия курдук тыыннанан-күүстэнэн Кини иннигэр баран иһиэҕэ».
18Захария Аанньалтан: «Бу чахчытын мин хайдах билэбин? – диэн ыйыппыта. – Бэйэм кырыйдым эбээт, хотунум да сааһа ыраатта».
19«Мин Таҥара иннигэр турар Гавриилбын, – диэбитэ Аанньал. – Кини миигин эйиэхэ маны этиттэрэ, бу үөрүүлээх илдьити биллэртэрэ ыыппыта. 20Бу эппиппин итэҕэйбэтэҕиҥ иһин, Мин эппит тылым туолуор диэри, эн тылгыттан матан, кыайан саҥарбат буолуоҥ».
21Дьон Захарияны күүтэн турбуттара, кини Таҥара Дьиэтигэр өр буолбутун дьиктиргээбиттэрэ. 22Захария тахсан баран, дьоҥҥо тугу да кыайан эппэтэҕиттэн иһирдьэ көрүү көрбүт эбит диэн өйдөөбүттэрэ; кини саҥа таһаарбакка, илиитинэн эрэ кэпсэтэр этэ.
23Таҥара иннигэр сулууспалыыр күннэрэ ааһаннар, Захария дьиэтигэр төннүбүтэ. 24Бу кэнниттэн сотору кэргэнэ Елисавета ыарахан буолбута; кини биэс ый устата кистэнэ сылдьан: 25«Дьон-сэргэ ыар тылыттан быыһаары, Айыы Тойон миэхэ маннык үтүөтүк сыһыаннаста», – диирэ.
Иисус Христос төрүүрүн иһитиннэрии
26Онтон алтыс ыйыгар Таҥара Аанньалын Гавриилы Галилея Назарет диэн куоратыгар 27Давид удьуора Иосиф кэргэн ылар кэпсэтиилээх Кыыһыгар ыыппыта; Кыыс аата Мария диэн этэ. 28Аанньал кини дьиэтигэр киирэн: «Үөр-көт, Үрдүк Алгыстаах! – диэбитэ. – Айыы Тойон Эйигинниин! Эн дьахталлартан алгыстаахтарынаҕын!#1:28 Эн дьахталлартан алгыстаахтарынаҕын! – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар.»
29Мария Аанньалы көрөн, кини тылыттан симиттэн, бу эҕэрдэни хайдах да быһаарыан булбатаҕа. 30Аанньал эппитэ: «Мария, куттаныма! Эн Таҥара үрдүк алгыһын ыллыҥ: 31Эйиэхэ оҕо үөскээн Уолу төрөтүөҥ, Киниэхэ Иисус диэн ааты биэриэҥ. 32Кини улуу буолуоҕа, Үрдүк Таҥара Уола диэн ааттаныаҕа; Айыы Тойон Таҥара Киниэхэ өбүгэтин Давид бүрүстүөлүн биэрэн 33үйэлэр тухары Иаков удьуордарыгар ыраахтааҕылыаҕа; Кини Саарыстыбата муҥур уһуга суох буолуоҕа».
34Мария Аанньалга: «Хайаан оннук буоларый, Мин эрэ суохпун эбээт?» – диэбитэ.
35«Эйиэхэ халлаантан Сибэтиэй Тыын түһүөҕэ, Үрдүк Таҥара күүһэ сайыаҕа, – диэбитэ Аанньал, – онон Эн төрөтөр Сибэтиэй Оҕоҥ Таҥара Уола диэн ааттаныаҕа. 36Бэл диэтэр аймаҕыҥ Елисавета, оҕото суох дэнэр бэйэтэ, кырдьан баран уол оҕону көтөхпүтэ алтыс ыйыгар барда. 37Таҥара кыайбатаҕа диэн суох».
38«Мин Айыы Тойон кулутунабын. Эн эппиккинэн буоллун», – диэбитэ Мария. Аанньал Киниттэн барбыта.
Мариялаах Елисавета көрсүһүүлэрэ
39Ол күннэргэ Мария бэрт тиэтэлинэн Иудея хайалаах өттүгэр баар куоракка аттаммыта. 40Кини Захария дьиэтигэр киирэн Елисаветаны эҕэрдэлиир 41саҥата иһиллээтин кытта, Елисавета иһигэр оҕото мөхсөн ылбыта, оттон бэйэтэ, Сибэтиэй Тыынынан туолан, 42улаханнык саҥа аллайбыта: «Эн дьахталлартан алгыстаахтарынаҕын, төрөтө илик Оҕоҥ эмиэ алгыстаах! 43Бу мин ким буоламмын, Айыы Тойонум Ийэтэ миэхэ Бэйэтинэн тиийэн кэллэ? 44Эн эҕэрдэлиир саҥаҥ кулгаахпар иһиллээтин кытта, испэр оҕом үөрэн мөхсөн ылла. 45Оо, алгыстаах да буоллаҕа Айыы Тойон эппитэ туоларын итэҕэйбит Кыыс!»
Мария айхал тыла
46Мария эппитэ: «Дууһам Айыы Тойону айхаллыыр, 47Таҥарабыттан – Быыһааччыбыттан – сүргэм көтөҕүллэр. 48Кини Миигин, кыра биллибэт Кулутун, бэлиэтии көрдө, онон аны бары көлүөнэлэр Миигин Алгыстаах диэн ааттыахтара. 49Сүдү Күүстээх Таҥара миэхэ маннык улуу үтүөнү оҥордо – Кини аата сибэтиэй! 50Кинини ытыктыыр дьоҥҥо Таҥара удьуортан удьуорга амарах сыһыаннаах. 51Күүстээх илиитин уунна да, Кини киэмсиктэр өйдөрүн-санааларын үрэйдэ, 52баһылыктары бүрүстүөллэриттэн суулларда, намыһахтары өрө таһаарда. 53Аччыктарга байылыат олоҕу биэрдэ, баайдары кураанах ыыталаата. 54-55Өбүгэлэрбитигэр, Авраамҥа уонна кини удьуордарыгар, үйэлэр тухары амарахтык сыһыаннаһыах буолбутун толорон, чаҕарыгар – Израильга – көмөлөстө».
56Мария Елисаветаны кытта үс ый бииргэ олорон баран, дьиэтигэр төннүбүтэ.
Иоанн Сүрэхтээччи төрөөһүнэ
57Елисавета оҕолонор кэмэ уолдьаһан, уол оҕону төрөппүтэ. 58Ыаллара уонна аймахтара Айыы Тойон киниэхэ хайдах курдук амарахтык сыһыаннаспытын истэн, кинилиин тэҥҥэ үөрсүбүттэрэ.
59Ахсыс күнүгэр кыра оҕоҕо быһыллыы сиэрин-туомун оҥоро кэлбит дьон уолу аҕатын аатынан Захария диэн ааттаары гыммыттарыгар 60ийэтэ: «Суох, кини Иоанн диэн буолуоҕа», – диэбитэ.
61«Эн уруугар-аймаххар итинник ааттаах ким да суох ээ», – диэбиттэрэ. 62Илиилэринэн имнэнэн аҕата оҕотун ким диэн ааттыан баҕарарын ыйыппыттара. 63Аҕата хаптаһын көрдөөн ылан: „Кини аата Иоанн“, – диэн суруйбута. 64Онуоха кини тыла өһүллэн, Таҥараны алҕаан киирэн барбыта. 65Ыаллыы олорооччулар бука бары маны истэн дьулайбыттара; бу туһунан сурах Иудея хайалаах дойдутун бүтүннүү тилийэ көппүтэ. 66Истибит эрэ барыта итини тойонноон: «Бу оҕоттон туох эрэ тахсар?» – диэн кэпсэтэрэ. Айыы Тойон алгыстаах илиитэ кинини араҥаччылыыра.
Захария айхал тыла
67Иоанн аҕата Захария Сибэтиэй Тыынынан туолан, маннык төлкөлөөн эппитэ: 68«Айыы Тойоҥҥо, Израиль Таҥаратыгар, алгыс буолуохтун! Кини биһиэхэ көмөҕө кэллэ, норуотугар көҥүлү биэрдэ. 69-70Былыр сибэтиэй пророктарынан эрэннэрбитин курдук, чаҕарын Давид дьиэтиттэн биһиэхэ улуу Быыһааччыны биэрдэ – 71бары өстөөхтөн, абааһы көрөөччүлэртэн Өрүһүйээччини! 72Кини өбүгэлэрбитигэр амарахтык сыһыаннаһыах, эппит сибэтиэй кэс тылын өйдүү сылдьыах буолан, 73аҕабытыгар Авраамҥа андаҕайбыта. 74-75Онон өстөөхтөрбүтүттэн быыһанан үйэ-саас тухары Кини иннигэр сибэтиэй, кырдьыксыт дьон буолар туһугар, туохтан да толлон-торуттан турбакка, биһиги Киниэхэ сулууспалыахпыт. 76Оттон эн, кыһыл оҕо, Үрдүк Таҥара пророга диэн ааттаныаҥ: Айыы Тойон иннигэр бараҥҥын, Кини суолун солуоҥ, 77Кини норуота быыһанарын, аньыыта-буруйа бырастыы буоларын иһитиннэриэҥ. 78Айыы санаалаах, амарах сүрэхтээх Таҥарабыт биһиэхэ үөһэттэн сырдык сарыалы ыытыаҕа, 79оччоҕо Кини – тахсан эрэр сырдык – хараҥаҕа, өлүү күлүгэр олорор дьону сырдатыаҕа, биһигини эйэ суолугар үктэннэриэҕэ».
80Оҕо улаатан, улам бөҕөргөөн, ис тыына күүһүрэн испитэ; Израиль норуотугар биллэр кэмэ кэлиэр диэри, кини дьоно-сэргэтэ суох иччитэх сиргэ олорбута.

Currently Selected:

Лука 1: СБК

Highlight

Share

Copy

None

Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in