YouVersion Logo
Search Icon

Лука 4

4
Иисус Христоһу тургутуу
1Иисус Иордантан Сибэтиэй Тыынынан туолан төннүбүтүгэр Тыын Кинини кураайы куйаарга илдьэ барбыта. 2Онно Кинини түөрт уон хонук устата адьарай тургутан көрбүтэ; ол тухары Кини тугу да аһаабатаҕа, онтон тиһэҕэр дьэ аччыктаабыта.
3Адьарай Киниэхэ эппитэ: «Эн Таҥара Уола буоллаххына, бу тааһы килиэпкэ кубулуй диэн бирикээстээ».
4Иисус киниэхэ хоруйдаабыта: «„Киһи, аҥаардас килиэбинэн эрэ буолбакка, Таҥара этэр хас биирдии тылынан олоруоҕа#4:4 Таҥара этэр хас биирдии тылынан олоруоҕа – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар.“ диэн суруллубута».
5Адьарай Кинини үрдүк хайаҕа таһааран, чыпчылҕан түргэнинэн сир бары саарыстыбаларын көрдөрөн баран, 6эппитэ: «Мин бу саарыстыбалары – туох баар былаастары, албан ааттары – олоччу Эйиэхэ биэриэм. Бу барыта миэхэ бэриллибитэ, онон кимиэхэ биэрэрим бэйэм көҥүлүм. 7Эн миэхэ сүгүрүйдэргин эрэ, бу барыта Эйиэнэ буола түһүөҕэ».
8Иисус киниэхэ хоруйдаабыта: «Киэр буол Миигиттэн, сатана. „Айыы Тойон Таҥараҕар сүгүрүй уонна Киниэхэ эрэ сулууспалаа“ диэн суруллубута».
9Онтон адьарай Кинини Иерусалимҥа илдьэн, Таҥара Дьиэтин чыпчаалыгар туруоран баран эппитэ: «Өскөтүн Эн Таҥара Уола буоллаххына, ыстанан кэбис. 10„Аанньалларыгар Эйигин араҥаччылыырга соруйуоҕа, 11оччоҕо таастан бүдүрүйбэтиҥ туһугар, кинилэр Эйигин көтөҕөн илдьиэхтэрэ“ диэн суруллубута буолбат дуо?»
12Иисус хоруйдаабыта: «„Айыы Тойон Таҥараҕын тургутан көрүмэ“ диэн этиллибитэ».
13Адьарай Кинини бары өттүнэн холоон көрөн баран, кэмэ кэлиэр диэри, тэйэн биэрбитэ.
14Иисус Тыын күүһүн толору ылан Галилеяҕа төннүбүт сураҕа бүтүн дойдуну тилийэ көппүтэ. 15Кини синагогаларга үөрэтэрэ, киһи барыта Кинини хайгыыра.
Назарет синагогатыгар
16Биирдэ Иисус улааппыт куоратыгар Назарекка кэлэн, үгэһинэн субуота күн синагогаҕа киирэн, ааҕаары турбута. 17Киниэхэ Исайя пророк кинигэтин биэрбиттэрэ; Иисус кинигэни арыйан бу курдук суруллубут кэрчиги булбута: 18-19«Айыы Тойон Тыына Миэхэ баар – Кини Миигин елей арыынан аҕаабыта, дьадаҥыларга Үөрүүлээх Илдьити иһитиннэртэрэ, самныбыт санаалаахтары үтүөртэрэ#4:18-19 Елей арыынан аҕаабыта – илиҥҥи омуктарга ыраахтааҕынан ананар киһини үчүгэй сыттаах олива арыытынан аҕыыр сиэр-туом баара. Самныбыт санаалаахтары үтүөртэрэ – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар., билиэн барбыттарга босхолонууну, хараҕа суохтарга харахтаныыны биллэртэрэ, баттаммыттары өрө көтөхтөрө, Айыы Тойон айылгылаах үтүөкэн дьыла салаллан кэлбитин иһитиннэртэрэ Кини Миигин ыыппыта». 20Иисус кинигэни сабан үлэһиккэ биэрэн баран, оннугар олорбута; синагогаҕа баар дьон хараҕа барыта Киниэхэ хатаммыта.
21«Эһиги бу истибит Суруйуугут бүгүн туолла», – диэбитэ Кини.
22Бу этиитин бары биһирээбиттэрэ, Кини алгыстаах тылын-өһүн истэн сөхпүт-махтайбыт дьон: «Бу Иосиф уола буолбатах этэ дуо?» – дэһиспиттэрэ.
23Иисус кинилэргэ эппитэ: «Эһиги, биллэн турар, Миэхэ өс хоһоонун санатан: „Эмчит! Бэйэҕин үтүөрт; биһиги Капернаумҥа туох буолбутун истибиппит, ону манна, Бэйэҥ дойдугар, эмиэ оҥор“, – диэххит. 24Мин кырдьыгы эһиэхэ этэбин: хайа да пророк бэйэтин дойдутугар чиэстэммэт. 25Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: Илия кэмигэр Израильга огдообо дьахтар элбэх этэ да, үс сыл алта ый тухары халлаан хам хатанан, сир устун улахан сут сатыылаабытыгар 26Таҥара Илияны атын кимиэхэ да буолбакка, Сидон Сарептатыгар олорор огдообоҕо ыыппыта; 27эмиэ ити курдук Елисей пророк саҕана Израиль сиригэр араҥ ыарыылаах киһи элбэх этэ эрээри, Сирия киһититтэн Неемантан ураты ким даҕаны үтүөрбэтэҕэ».
28Синагогаҕа баар дьон маны истэн, бука бары уордайбыттара; 29ойон туран, Кинини куораттан үүрэн таһаарбыттара уонна, куораттара турар хайатыттан түҥнэри анньаары, хайа эмпэрэтигэр илдьибиттэрэ. 30Ол эрээри Иисус ортолорунан ааһан тахсан бара турбута.
Быртах тыыҥҥа буулаппыты үтүөрдүү
31Онтон Кини Капернаумҥа, Галилея куоратыгар, кэлэн субуотаҕа дьону үөрэппитэ. 32Тыла-өһө былаастаах буолан, Кини үөрэтиитэ сөхтөрбүтэ.
33Синагогаҕа быртах абааһы тыыныгар буулаппыт киһи баара улахан баҕайытык хаһыытаабыта: 34«Һуой, Эн биһиэхэ тугуҥ кыһалҕатай, Назарет Иисуһа? Биһигини үрэйэ кэлбиккин! Кимҥин мин билэбин, Эн Таҥара Сибэтиэйэҕин!»
35Иисус киниэхэ кытаанахтык: «Саҥарыма, киниттэн таҕыс!» – диэбитэ. Абааһы киһини синагога ортотугар охторон түһэрэн баран, киниэхэ туох да куһаҕаны оҥорбокко, тахсан барбыта.
36Бары улаханнык куттанан: «Кини быртах тыыннары бирикээстээн үүрэн таһаарар былаастаах! Бу аата тугуй?» – дэһиспиттэрэ. 37Иисус сураҕа тула өттүнээҕи сирдэри барытын тилийэ көппүтэ.
Петр дьиэтигэр
38Кини синагогаттан тахсаат, Симон дьиэтигэр киирбитэ; Симон ийэ кынна, күүстээх титириир тииһигэ киирэн, ыалдьа сытара, онон Иисустан көмөлөс диэн көрдөспүттэрэ. 39Иисус киниэхэ тиийэн ыарыыны боппутугар, дьахтар тииһигэ ааһан хаалбыта, сонно туран кинилэргэ ас тардыбытынан барбыта.
40Күн киириитэ араас ыарыылаах дьонноохтор ыарыһахтарын Киниэхэ аҕалтаабыттара; Иисус дьоҥҥо биир-биир илиитин ууран, барыларын үтүөрдүбүтэ. 41Үгүстэртэн абааһылар хаһыытаабытынан тахсан бараллара уонна: «Эн Христоскун, Таҥара Уолаҕын!» – дииллэрэ. Иисус, Кини Христос буоларын билэллэрин иһин, абааһылар саҥаралларын кытаанахтык боборо.
Иисус Христос Галилеяҕа үөрэтэр
42Халлаан сырдыыта Иисус дьиэттэн тахсан, бүччүм сиргэ барбыта; дьон Кинини көрдөөн булан ылан, ыытымаары, тохтото сатаабыттара. 43Ол эрээри Кини эппитэ: «Таҥара Саарыстыбатын Евангелиетын Мин атын куораттарга эмиэ иһитиннэриэх тустаахпын. Ол туһугар Мин ыытыллыбытым». 44Уонна Галилея#4:44 Галилея – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «Иудея». синагогаларыгар салгыы үөрэтэ сылдьыбыта.

Currently Selected:

Лука 4: СБК

Highlight

Share

Copy

None

Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in