Ол туһунан Исайя пророк кинигэтигэр маннык өтө көрөн суруллубут: «Кураайы куйаарга үөгүлээччи саҥата: „Айыы Тойон барар суолун солооҥ, Кини ыллыктарын көннөрүҥ: бары намыһах сир үрдүөхтүн, хайа, булгунньах намтыахтын, токур суоллар көннүннэр, эндирдээх ыллыктар дэхсилэнниннэр – оччоҕо киһи аймах барыта Таҥара быыһыырын көрүөҕэ!“»