Апостоллар 3
3
Босхоҥ умнаһыты үтүөрдүү
1Биирдэ Петрдаах Иоанн иккиэйэҕин Таҥара Дьиэтигэр тоҕус чаастааҕы#3:1 Тоҕус чаастааҕы – күнүс үс чаастааҕы. Бу кэмҥэ Таҥара Дьиэтигэр сиэртибэ биэрэллэрэ. үҥүүгэ баран испиттэрэ. 2Таҥара Дьиэтин «Кэрэ Аан» диэн ааттанар олбуорун аанын аттыгар биир төрүөҕүттэн босхоҥ киһи олороро. Кинини күн аайы, көтөҕөн аҕалан ааҥҥа олордон кэбиһэллэрэ, онно олорон, кини киирэр дьонтон умналыыра. 3Петрдаах Иоанн киирэн эрэллэрин көрөн, кини ытыһын тоһуйбута. 4Киһини болҕомтолоохтук көрөн баран, иккиэн: «Биһигини көр эрэ», – диэбиттэрэ.
5Тугу эрэ биэриэхтэрэ дии санаан, умнаһыт өрө көрө түспүтэ.
6«Үрүҥ да, кыһыл да көмүһэ суохпун, – диэбитэ Петр, – ол гынан баран туох баардаахпыттан эйиэхэ бэрсэбин: Иисус Христос Назорей аатынан этэбин – туран хаамп!» 7Уонна уҥа илиититтэн өрө тардан туруорбутугар, киһи, икки тобугун сүһүөҕэ эмискэ бөҕөргөөн, тирэҕирэ түспүтэ, 8ойон туран хаампытынан барбыта; онон, Таҥараны уруйдаан-айхаллаан, кинилэри кытта бииргэ хаамсан, Таҥара Дьиэтигэр дьиэрэҥкэйдээн киирбитэ. 9Кини Таҥараны айхаллаабытынан хааман киирбитин дьон барыта көрбүтэ. 10Бу били Кэрэ Аан таһыгар умналыыр босхоҥ үтүөрэн хаалбытын көрөн, олус диэн сөхпүттэрэ-дьулайбыттара.
Соломон колоннадатыгар
11Үтүөрбүт киһи Петрдаах Иоанны батыһа сылдьарын көрө бэркиһээн, бары кинилэргэ, Соломон колоннадата#3:11 Соломон колоннадата – Ин 10:23 быһаарыытын көр. диэн сиргэ, саба сырсан кэлбиттэрэ. 12Маны көрөн, Петр мустубут дьоҥҥо эппитэ: «Израиль дьоно! Биһигини тоҕо дьиктиргээбиттии одуулаһан тураҕыт? Биһиги бэйэбит күүспүтүнэн дуу, үтүөбүтүнэн дуу кинини хаамар гыммыт буолбатахпыт. 13Аҕаларбыт – Авраам, Исаак уонна Иаков – Таҥаралара Уолун Иисуһу албан аатырдыбыта, оттон эһиги Кинини туттаран тойотторго биэрбиккит, Пилат босхолуурга санаммытын үрдүнэн, Киниттэн киэр хайыспыккыт. 14Сибэтиэйтэн, Кырдьыксыттан аккаастанан, өлөрүөхсүтү босхолууругар Пилаттан көрдөспүккүт. 15Эһиги Олох Баһылыгын өлөрбүккүт гынан баран, Таҥара Кинини тилиннэрбитэ. Кини тиллибитин туоһулара биһиги баарбыт. 16Бу көрөр, бэркэ билэр ыарыһах киһигитин Иисус аата, Кини биэрбит итэҕэлэ сибилигин, бары көрөн турдаххытына, үтүөртэ. 17Ол эрээри, бырааттарым, эһиги, тойотторгут курдук, эмиэ билбэккэҕит, итинник быһыыламмыккытын мин өйдүүбүн. 18Христос эрэйи-буруйу көрүөхтээҕин туһунан Таҥара эрдэттэн Бэйэтин бары пророктарынан этиттэрбитэ ити курдук туолбута.
19Онон аньыыгыт-хараҕыт сотулларын туһугар, аньыыгытын билинэн, Таҥараҕа эргиллиҥ; 20оччоҕо Айыы Тойон эһиэхэ биэрэр уоскулаҥ кэмэ кэллэҕинэ, Таҥара эһиэхэ анаабыт Иисус Христоһун ыытыаҕа. 21Таҥара тугу барытын чөлүгэр түһэрэрин туһунан Бэйэтин сибэтиэй пророктарынан этиттэрбит кэмэ кэлиэр диэри, Христос Халлааҥҥа сылдьыахтаах. 22Моисей өбүгэлэрбитигэр#3:22 Өбүгэлэрбитигэр – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыл суох. этэн турар: „Айыы Тойон Таҥараҕыт, миигин ыыппытын курдук, эһиэхэ бэйэҕит бырааттаргытыттан Пророгу ыытыа. Кини тугу этэрин барытын эһиги толорон иһиэхтээххит. 23Ол Пророк тылын истибэтэх киһи, норуотуттан туораан, имири эстиэҕэ“. 24Пророктар – Самуилтан саҕалаан кэлиҥҥи пророктарга тиийэ – бука бары бу күннэр тустарынан иһитиннэрэллэрэ. 25Оттон эһиги ол пророктар удьуордарынаҕыт, онон Таҥара өбүгэлэргитин кытта оҥорсубут сөбүлэһиитэ эһиэхэ чопчу сыһыаннаах. Бу туһунан Таҥара Авраамҥа: „Сир омуктара бары эн удьуоруҥ өҥөтүнэн үтүө алгыска тиксиэхтэрэ“, – диэн эппитэ. 26Таҥара Уолун, Иисуһу, тилиннэрэн баран – эһигини хас биирдиигитин аньыыттан-хараттан киэр хайыһыннаран үтүө алгыска тиксэрээри – бастакынан эһиэхэ ыыппыта».
Zvasarudzwa nguva ino
Апостоллар 3: СБК
Sarudza vhesi
Pakurirana nevamwe
Sarudza zvinyorwa izvi
Unoda kuti zviratidziro zvako zvichengetedzwe pamidziyo yako yose? Nyoresa kana kuti pinda
© Институт перевода Библии, 2008-2022