Апостоллар 2
2
Сибэтиэй Тыын түһүүтэ
1Биэс уонус күн үүнүүтэ бары эмиэ биир санаанан түмсүбүттэрэ. 2Эмискэ дьиэ иһигэр халлаантан күүстээх тыал түһэн эрэрин санатар тыас иһиллибитэ. 3Онтон уот тылыгар маарынныыр сарбынньахтар кэлэн, арахсыһан киһи-киһи аайы тохтообуттарыгар, 4бары, Сибэтиэй Тыынынан туолан, араас омук тылларынан саҥаран барбыттара. Тыын кинилэргэ оннук дьоҕуру биэрбитэ.
5Бу – аан дойду норуоттарыттан барыларыттан мустубут иудейдар, Таҥараҕа сүгүрүйэр дьон Иерусалимҥа кэлэ сылдьар кэмнэрэ этэ. 6Ити тыас тыаһаабытыгар киһи бөҕөтө үмүөрүспүтэ; иһиттэхтэринэ, Апостоллар кинилэр төрөөбүт тылларынан саҥараллара, дьон онтон соһуйан суугунаһа түспүттэрэ. 7Бары сөрү диэн сөхпүттэрэ: «Бу саҥара турааччылар бары Галилея дьоно этилэр буолбат дуо? 8Оччоҕо бу тугу-тугу истэбитий? Кинилэр биһиги төрөөбүт тылбытынан саҥараллар дии? 9Биһиги Парфия, Мидия дьоно, эламиттар, Месопотамия, Иудея, Каппадокия, Понт, Асия, 10Фригия, Памфилия, Египет олохтоохторо, Ливия Киринеяҕа сыста сытар уобаластарыттан, Римтэн кэлбиттэр, иудейдар уонна иудей итэҕэлин ылыммыт атын омуктар, 11Крит арыы олохтоохторо, арабтар – бука бары истэрбитигэр кинилэр Таҥара улуу дьайыыларын туһунан биһиги төрөөбүт тылбытынан кэпсииллэр».
12Бары сөҕөн-махтайан, дьиибэргээн бэйэ-бэйэлэриттэн: «Бу аата тугуй?» – диэн ыйыталаһаллара.
13Сорохторо эҕэлээхтик: «Ээ, минньигэс арыгыны тото испиттэр», – дэһэллэрэ.
Петр тыл этиитэ
14Петр уон биир Апостолы кытта бииргэ туран дьоҥҥо туһаайан доргуччу эппитэ: «Иудея дьоно, Иерусалим олохтоохторо бука бары! Бу туох буолбутун билиэххитин баҕарар буоллаххытына, мин этэрбин болҕойон истиҥ! 15Эһиги саныыргыт курдук, кинилэр итирик буолбатахтар, билигин баара-суоҕа үс эрэ чаас#2:15 Үс эрэ чаас – сарсыарда тоҕус чаас. буолла. 16Бу көрөргүтүн барытын хаһан эрэ Иоиль пророк төлкөлөөбүтэ: 17„Бу тиһэх күннэргэ буолуоҕа, – диир Таҥара: – Мин киһи аймахха Бэйэм Тыыммын ыыттахпына, эһиги уолаттаргыт-кыргыттаргыт Мин этэрбин тиэрдиэхтэрэ, эдэр уолаттаргыт көрүү көрүөхтэрэ, кырдьаҕастаргыт дириҥ суолталаах түүллэри түһүөхтэрэ. 18Мин Бэйэм Тыыммын кулуттарбар – эр дьоҥҥо, дьахталларга даҕаны – ыыттахпына, кинилэр бар дьоҥҥо Мин этэр тылбын тиэрдиэхтэрэ. 19Үөһэ халлааҥҥа дьиктилэри, аллара сиргэ сөҕүмэр бэлиэлэри – хааны, уоту, будулҕан буруону – көрдөрүөҕүм. 20Айыы Тойон килбиэннээх улуу Күнэ үүнүөн иннинэ, күн өлбөөдүйэ өлүө, ый хаанныы кыыһыа. 21Дьэ, оччоҕо Айыы Тойону аатын ааттаан ыҥырбыт киһи барыта быыһаныа“.
22Израиль дьоно! Бу этэрбин болҕойон истиҥ: Таҥара эһиги көрөргүтүгэр Иисус Назорейга улуу дьайыылары, дьиктилэри, араас бэлиэлэри оҥорторон, Кинини туоһулаан турар. Ону бэйэҕит билэҕит. 23Таҥара эрдэттэн анаан оҥкуллаабытын курдук, Иисуһу эһиэхэ тутан биэрбиттэрин эһиги, Таҥараны билбэт омуктарга биэрэн, кириэскэ хам хараҕалатан өлөртөрбүккүт. 24Ол эрээри Таҥара өлөр өлүү бохсубутун үрэйэн, Кинини тилиннэрбитэ: өлүү Кинини хайдах да бохсон илдьэ хаалар кыаҕа суоҕа. 25Иисус туһунан Давид этэр: „Иннибэр өрүүтүн Айыы Тойону көрөрүм – туохтан да толлон турбатым туһугар, Кини мин уҥа өттүбэр сылдьар. 26Онтон сүрэҕим үөрэр, уоспар өрөгөй тыллара киирэллэр, төһө да өлөр оҥоһуулаах буолларбын, эрэлим бөҕөргөтөр – 27миигин анараа дойдуга хаалларыаҥ суоҕа, сибэтиэйиҥ этин-сиинин симэлитиэҥ суоҕа. 28Эн миэхэ олох суолун ыйбытыҥ, онон Бэйэҥ иннигэр туруоран сүрэхпин үөрүүнэн толоруоҥ“.
29Бырааттарым! Эһиэхэ быһа бааччы этэрбин көҥүллээҥ: өбүгэбит Давид өлбүтэ, хараллыбыт хоруоба биһиэхэ күн бүгүҥҥэ диэри турар. 30Давид пророк этэ, онон Таҥара Христоһу кини эт-хаан удьуордарыттан бүрүстүөлгэ олордуох буолан андаҕайбытын билэрэ. 31„Дууһата аадка хаалларыллыбатаҕа, этэ-сиинэ симэлийэн сүппэтэҕэ“ диэн Христос тиллиэхтээҕин кини эрдэттэн өтө көрөн эппитэ. 32Дьэ онон Таҥара Кинини, Иисуһу, тилиннэрбитин биһиги бары туоһулуубут. 33Кини үөһэ, Таҥара уҥа өттүгэр, ылыллан, Аҕата эрэннэрбитин – Сибэтиэй Тыыны – биһиэхэ ылан ыытта. Ону эһиги бу билигин көрдүгүт-иһиттигит. 34-35Давид бэйэтэ Халлааҥҥа ытта сылдьыбатаҕа гынан баран этэр: „Айыы Тойон мин Тойоммор өстөөхтөргүн үктэл оҥостон олорор гына Эйиэхэ самнаран биэриэхпэр диэри, Мин уҥа өттүбэр олор диэбитэ“ диэн.
36Онон, Израиль норуота, бигэтик өйдүөх тустааххын: Иисуһу – эһиги кириэскэ тиирэн өлөрбүккүтүн – Таҥара Айыы Тойон уонна Быыһааччы гыммыта».
Апостолларга 3000 кэриҥэ киһи холбоһор
37Маныаха дьон сүрэхтэригэр ыттаран, Петртан уонна атын Апостоллартан: «Бырааттарбыт, оччоҕо тугу гынабыт?» – диэн ыйыппыттара.
38Петр эппитэ: «Аньыыгытын билинэн Таҥараҕа эргиллиҥ! Эһиги хас биирдии бэйэҕит – аньыыгытын-буруйгутун бырастыы гыннарар туһугар – Иисус Христос аатыгар сүрэхтэниҥ, оччоҕо эһиги Сибэтиэй Тыын бэлэҕин ылыаххыт. 39Таҥара тугу эрэннэрбитэ эһиэхэ, эһиги оҕолоргутугар да, ыраах сылдьар да дьоҥҥо – Айыы Тойон Таҥарабыт ыҥырбыт дьонугар – бука барыгытыгар ананар».
40Уонна да атын элбэх тылынан өйдөтөн: «Бу содур көлүөнэттэн быыһаныҥ», – диэн ыҥырбыта. 41Онон Петр тылын улгумнук ылыммыт дьон сүрэхтэнэн, ол күн барыта үс тыһыынча кэриҥэ итэҕэйээччи эбиллибитэ.
Итэҕэйээччилэр олохторо
42Кинилэр Апостоллар үөрэтэллэрин тиһигин быспакка болҕойон истэллэрэ, бука бары бииргэ аһыыллара, бииргэ үҥэллэрэ. 43Апостоллар Иерусалимҥа#2:43 Иерусалимҥа – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыл суох. элбэх дьиктини, бэлиэни көрдөрөннөр, хас биирдии киһи ис дууһатыттан Таҥараттан толлор буолбута.
44Итэҕэйээччилэр биир ньыгыл сомоҕо этилэр, бары уопсай бас билиилээхтэрэ. 45Баайдарын-дуолларын, бас билиилэрин барытын атыылаан баран, ким туох кыһалҕалааҕынан көрөн үллэрэллэрэ. 46-47Хас күн аайы биир санаанан Таҥара Дьиэтигэр сылдьаллара, дьиэлэригэр түмсэн килиэп тоһутан, Таҥараны айхаллаан туран истиҥник үөрэ-көтө аһыыллара. Бар дьон кинилэри таптыыра, оттон Айыы Тойон Сиэркэпкэ саҥаттан саҥа быыһанааччылары күннэтэ аҕалан ахсааннарын эбэн иһэрэ.
Zvasarudzwa nguva ino
Апостоллар 2: СБК
Sarudza vhesi
Pakurirana nevamwe
Sarudza zvinyorwa izvi
Unoda kuti zviratidziro zvako zvichengetedzwe pamidziyo yako yose? Nyoresa kana kuti pinda
© Институт перевода Библии, 2008-2022