Mufananidzo weYouVersion
Mucherechedzo Wekutsvaka

Апостоллар 1

1
Киирии тыл
1-2Бастакы кинигэбэр, Феофил, мин Иисус тугу оҥорбутун, туохха үөрэппитин барытын аан маҥнайгыттан ыла саҕалаан, талан ылбыт Апостолларыгар Сибэтиэй Тыынынан ыйыы-кэрдии биэрэн баран Халлааҥҥа ылыллыбыт күнүгэр диэри сэһэргээн суруйбутум. 3Кириэскэ муҥнанан баран, Кини түөрт уон хонук устата үөрэнээччилэригэр көстөн, Таҥара Саарыстыбатын туһунан кэпсээн, Бэйэтэ тыыннааҕын элбэх итэҕэтиилээх чахчыларынан кэрэһилээн көрдөрбүтэ.
4Биирдэ Апостоллар түмсэн олордохторуна, Кини эппитэ: «Иерусалимтан ханна да барбакка, Миигиттэн истибиккитин – Аҕам эрэннэрбитин – кэтэһиҥ. 5Иоанн уунан сүрэхтиирэ, оттон эһиги бу кэннэ аҕыйах хонугунан Сибэтиэй Тыынынан сүрэхтэниэххит».
Иисус Христос Халлааҥҥа барыыта
6Ол иһин бары мустан, Киниттэн ыйыппыттара: «Айыы Тойон, Эн Израиль Саарыстыбатын субу кэмҥэ чөлүгэр түһэрэҕин дуо?»
7Иисус эппитэ: «Аҕам Бэйэтин былааһынан ханнык болдьоҕу, кэми-кэрдиини анаабытын эһиги билэр кыаххыт суох. 8Ол эрээри Сибэтиэй Тыын үөһэттэн түһэн эһиэхэ киирдэҕинэ, эһиги күүс ылан, Иерусалимҥа да, бүтүн Иудея, Самария да устун – сир бары уһугар тиийэ Мин кэрэһиттэрим буолуоххут».
9Кини маны этэн баран, көрөн турдахтарына, улам үөһэ тахсан барбыта уонна былыкка куустаран, көстүбэт буолбута. 10Баран эрэр сирин батыһа халлааны одуулаан турдахтарына, эмискэ кинилэр иннилэригэр маҥан таҥастаах икки киһи баар буола түспүтэ.
11«Галилея дьоно! – диэбиттэрэ кинилэр. – Тоҕо халлааны одуулаан турдугут? Бу Иисус халлааҥҥа ылыллан эһигиттэн хайдах баран эрэрин көрөҕүт да, ол курдук эмиэ эһиэхэ эргиллэн кэлиэҕэ».
Иуда оннугар атын киһини талыы
12Апостоллар Иерусалимтан биир биэрэстэлээх#1:12 Биир биэрэстэлээх – тылыттан тылыгар түһэрэн тылбаастаатахха «субуота суолун саҕа ыраах сиргэ баар». Субуотаҕа 900 м кэриҥэ сири эрэ барар көҥүллэнэрэ. Елеон диэн ааттаах хайаттан Иерусалимҥа төннөн кэлэн, 13дьиэлэнэр үөһээҥҥи хосторугар тахсыбыттара. Бу Петр, Иаков, Иоанн, Андрей, Филипп, Фома, Варфоломей, Матфей, Алфей уола Иаков, Симон Зилот итиэннэ Иаков быраата Иуда этилэр. 14Кинилэр дьахталлары, Иисус Ийэтэ Марияны, Кини бырааттарын кытта бары өрүү бииргэ үҥэллэрэ.
15Биир оннук күн Петр үөрэнээччилэр ортолоругар туран (барыта сүүс сүүрбэччэ киһи мустубута) эппитэ: 16«Бырааттарым! Иисуһу тутар дьону сирдээбит Иуда туһунан Сибэтиэй Тыын Суруйууларга эрдэттэн Давидынан этиппитэ туолуохтаах этэ. 17Иуда биһиги кэккэбитигэр киирэн, Апостол сулууспатыгар тиксибитэ 18гынан баран, хара дьайыыны оҥорон манньа ылбыт харчытыгар сир атыыласпыта; онтон ол сиригэр төбөтүнэн үөһэттэн түһэн, өрөһөтө хайдан иһэ-үөһэ барыта ыһыллыбыта; 19Иерусалим олохтоохторо бары ону истэн, ол сири бэйэлэрин тылларынан „Акелдама“, ол эбэтэр „Хааннаах хонуу“ диэн ааттаабыттара. 20Саалтыыр кинигэтигэр „Кини тиэргэнэ иччитэхсийдин, икки атахтаах онно олохсуйбатын“ диэн суруллубут. Өссө „кини солотун атын киһи ылыахтын“ диэн баар. 21-22Онон Иуда оннугар биһиэхэ атын киһи холбоһуон наада. Кини Иоанн сүрэхтиириттэн саҕалаан Айыы Тойон Иисус биһигиттэн үөһэ ылыллыбыт күнүгэр диэри, өрүү биһигини кытта бииргэ сылдьан, Кинини арыалласпыт киһи буолуохтаах. Кини эмиэ, бу биһиги курдук, Иисус тиллибитин туоһулуохтаах».
23Икки киһини – Иуст диэн ааттаах Иосибы (кинини өссө Варсава диэн ааттыыллара) уонна Матфийы – 24-25туруоран баран, Таҥараттан көрдөспүттэрэ: «Айыы Тойон, Эн киһи сүрэҕин курдаттыы көрөҕүн. Бу иккиттэн кими талан ылбыккын, Иуда барыахтаах сиригэр бараары сүтэрбит Апостоллыыр сулууспатын кинилэртэн хайаларыгар биэрэргин ыйан көрдөр». 26Хайалара ылыахтааҕын билээри, сэрэбиэй бырахпыттарыгар сэрэбиэйдэрэ Матфийга түбэһэн, кини уон биир Апостолга холбоһор буолбута.

Zvasarudzwa nguva ino

Апостоллар 1: СБК

Sarudza vhesi

Pakurirana nevamwe

Sarudza zvinyorwa izvi

None

Unoda kuti zviratidziro zvako zvichengetedzwe pamidziyo yako yose? Nyoresa kana kuti pinda