Mufananidzo weYouVersion
Mucherechedzo Wekutsvaka

Апостоллар 4

4
Петрдаах Иоанн хаайыллаллар
1Кинилэр иккиэн норуоту кытта кэпсэтэ турдахтарына, аҕабыыттар, Таҥара Дьиэтин харабылын тойоно уонна саддукейдар тиийэн кэлбиттэрэ. 2Норуоту үөрэтэллэрин уонна Иисус тиллиитэ өлбүттэр тиллиэхтээхтэрин кэрэһилиир диэн кэпсииллэрин истэн, улаханнык абаран-сатаран, 3иккиэннэрин тутан ылбыттара; ол гынан баран киэһэ буолан сарсыардааҥҥа диэри хаайан кэбиспиттэрэ. 4Таҥара тылын истибиттэр үгүстэрэ итэҕэйбиттэрэ; итэҕэйбит эр дьон биэс тыһыынча кэриҥэ этэ.
Петр синедрион иннигэр тыл этиитэ
5Сарсыныгар Иерусалимҥа иудей тойотторо, аҕа баһылыктар уонна сокуонньуттар мустубуттара. 6Анна архиерей, Каиафа, Иоанн, Александр итиэннэ кинилэр атын да хаан-уруу аймахтара бааллара. 7Кинилэр Апостоллары ортолоругар киллэрэн туран: «Бу туох күүһүнэн, ким аатынан эһиги итини оҥордугут?» – диэн ыйыппыттара.
8Онуоха Сибэтиэй Тыынынан туолан, Петр эппитэ: «Норуот салайааччылара, Израиль аҕа баһылыктара! 9Өскөтүн биһигиттэн бүгүн босхоҥ киһиэхэ оҥорбут үтүөбүт туһунан туоһулаһар, кини хайдах үтүөрбүтүн ыйыталаһар эбит буоллаххытына, 10эһиги да, Израиль норуота да – бары биллэххит буоллун: эһиги кириэскэ тиирэн өлөрбүккүт кэннэ, Таҥара тилиннэрбит Иисус Христос Назорейын аата 11бу киһини үтүөрдэн, кини эһиги иннигитигэр турар. Иисус туһунан этиллэр: „Эһиги, тутааччылар, киэр бырахпыт тааскыт муннук тутаах тааһа буолла“. 12Биһигини быыһыыр Киниттэн атын ким да суох; Кини аатыттан ураты – биһиги быыһанарбытыгар бэриллибит атын аат – бу күн сиригэр суох!»
13Петрдаах Иоанн хорсуннарын көрөн уонна үөрэҕэ суох боростуой дьон буолалларын билэн, аҕа баһылыктар дьиибэргээбиттэрэ гынан баран, Иисуһу кытта бииргэ сылдьыбыттарын сэрэйбиттэрэ. 14Үтүөрдүбүт киһилэрэ субу турар буолан, синедрион чилиэннэрэ тугу да булан утары эппэтэхтэрэ. 15Онон синедрионтан тахса түһэллэригэр дьаһайан баран, бэйэлэрэ сүбэлэспиттэрэ: 16«Бу дьону хайдах гынабыт? Илэ-чахчы дьиктини оҥорбуттарын Иерусалим олохтоохторо бука бары билэллэр, ону мэлдьэһэр кыахпыт суох. 17Аны сурах-садьык норуокка салгыы тэнийиэ, онон Иисус аатын кимиэхэ да ааттаамаҥ диэн сэрэтэн, букатын бобуохха».
18Апостоллары ыҥыран ылан, аны Иисус аатын төрүт ааттаабакка, им-дьим сылдьалларыгар бирикээстээбиттэрэ. 19Петрдаах Иоанн эппиттэрэ: «Бэйэҕит санаан көрүҥ, Таҥаратааҕар эһигини ордук истэрбит Таҥара иннигэр төһө сөптөөх буолуой? 20Биһиги тугу көрбүппүтүн-истибиппитин кэпсээбэккэ сылдьар кыахпыт суох».
21Оҥорбут дьиктилэрин иһин бар дьон барыта Таҥараны айхаллыыр буолан, буруйдуур тоҕоос булбакка, саанан баран, Апостоллары ыытан кэбиспиттэрэ. 22Дьиктитик үтүөрбүт киһи сааһа түөрт уонуттан тахсыбыт этэ.
Итэҕэйээччилэр махтанан үҥүүлэрэ
23Босхолонон баран, Петрдаах Иоанн дьонноругар кэлэн, архиерейдар уонна аҕа баһылыктар туох диэбиттэрин барытын кэпсээбиттэрэ. 24Ону истэн, бары биир санаанан Таҥараҕа үҥпүттэрэ: «Сири-халлааны, муораны уонна онно баары барытын айбыт Улуу Баһылык Таҥара!#4:24 Таҥара – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыл суох. 25Эн Бэйэҥ кулутуҥ, биһиги өбүгэбит Давид уоһунан Сибэтиэй Тыыны этиппитиҥ: „Тоҕо норуоттар айманаллар, тоҕо омуктар кураанахха куомуннаһаллар? 26Сир ыраахтааҕылара өрө турдулар, баһылыктар Айыы Тойону уонна Кини Христоһун утары куомуннастылар“. 27-28Дьэ дьиҥ чахчы, Эн модун кыаххынан эрдэттэн эппитиҥ туолуон иһин, бу куоракка Ирод, Понтий Пилат, иудейдар, атын да норуоттар Эн сибэтиэй Уолгун Иисуһу утарса мустубуттар. 29Онон билигин, Айыы Тойон, кинилэр суоһурҕаналларын көр-иһит уонна биһиэхэ, кулуттаргар, Эн тылгын туохтан да куттаммакка, хорсуннук тиэрдэрбитигэр күүстэ салҕаа, 30эмтиир-үтүөрдэр илиигин утары уун итиэннэ Сибэтиэй Уолуҥ Иисус аатынан бэлиэлэри, дьиктилэри оҥорон көрдөр!»
31Үҥэн бүтэллэрин кытта, түмсүбүт дьиэлэрэ дьигиһийэн ылбыта, Сибэтиэй Тыын сүрэхтэрин толорон, бука бары, иҥнэн-толлон турбакка, Таҥара тылын иһитиннэрэн барбыттара.
Итэҕэйээччилэр бырааттыы тапталлара
32Итэҕэли ылыммыттар бары биир сүрэхтээхтэрэ, биир дууһалаахтара; ким да бэйэтин бас билиитин бэйэм эрэ киэнэ диэбэккэ, барытын бииргэ бас билэн олорбуттара. 33Апостоллар Айыы Тойон Иисус Христос#4:33 Христос – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыл суох. тиллибитин туһунан бар дьоҥҥо уһулуччу күүстээхтик туоһулаабыттара; Таҥара Бэйэтин илгэлээх үтүөтүн кинилэргэ өлгөмнүк биэрэрэ. 34Быстар, кыаммат киһи кинилэргэ суоҕа: ким сирдээх сирин, дьиэлээх дьиэтин атыылаан киллэрбит үптэрин 35аҕалан, Апостоллар иннилэригэр ууран биэрэллэрэ, ону киһи аайы, туох кыһалҕалаахтарынан көрөн, үллэрэллэрэ. 36Ол курдук Иосия, Апостоллар Варнава (ол аата «бөҕөргөтөөччү») диэн ааттаабыт киһилэрэ, Кипр арыыттан төрүттээх левит, 37бас билэр сирдээҕин атыылаан, харчытын аҕалан Апостоллар атахтарыгар ууран биэрбитэ.

Zvasarudzwa nguva ino

Апостоллар 4: СБК

Sarudza vhesi

Pakurirana nevamwe

Sarudza zvinyorwa izvi

None

Unoda kuti zviratidziro zvako zvichengetedzwe pamidziyo yako yose? Nyoresa kana kuti pinda