YouVersion Logo
Search Icon

Апостоллар 6

6
Маҥнайгы диаконнар
1Ол саҕана, үөрэнээччилэр ахсааннара үксээн эрдэҕинэ, гректии саҥарар еврейдэр ортолоругар «олохтоох еврейдэр күннээҕи аһылык түҥэтигэр биһиги огдооболорбутун көйгөтүтэллэр» диэн киҥир-хаҥыр саҥарсыы буолбута. 2Онон уон икки Апостол үөрэнээччилэри ыҥыран ылан, эппиттэрэ: «Биһиги Таҥара тылын хаалларан, аһылык тэрээһинигэр охторбут сатаммат. 3Онон, бырааттарбыт, бэйэҕититтэн Сибэтиэй Тыыны толору ылыммыт, муударай өйдөөх, үтүө ааттаах-суоллаах сэттэ киһини талыҥ. Бу сулууспаны кинилэргэ сүктэриэхпит, 4оттон бэйэбит тиһигин быспакка үҥүөхпүт, Таҥара тылын иһитиннэриэхпит».
5Кини этиитин мунньах дьоно биһирээн, итэҕэли уонна Сибэтиэй Тыыны толору ылыммыт Стефан диэн киһини, Филиби, Прохоры, Никанору, Тимону, Пармены уонна Таҥараны итэҕэйбит омук киһитин, Антиохияттан төрүттээх Николайы, талбыттара. 6Кинилэри Апостоллар иннилэригэр илдьэн, туруорбуттара, Апостоллар үҥэн баран, кинилэргэ илиилэрин уурбуттара.
7Таҥара тыла Иерусалимҥа улам тэнийэн-тарҕанан, үөрэнээччилэр ахсааннара элбээн испитэ, аҕабыыттартан эмэ бэрт элбэх киһи итэҕэлгэ бас бэриммитэ.
Стефан тутуллуута
8Оттон итэҕэли уонна Таҥара күүһүн толору ылыммыт Стефан норуокка уһулуччулаах дьиктилэри, сөҕүмэр бэлиэлэри көрдөрбүтэ. 9«Босхоломмуттар синагогаларын» сорох дьоно (онно Киринея, Александрия, Киликия, Асия иудейдара сылдьаллара) Стефаны кытта мөккүһэн турбуттара; 10ол эрээри кини муударай өйдөөхтүк, Сибэтиэй Тыынынан салайтаран, этэрин хайдах да утарар кыахтара суоҕа. 11Онон соруйан хас да киһини кигэн: «Моисейы уонна Таҥараны холуннарарын истибиппит», – дэппиттэрэ. 12Итиэннэ норуоту, аҕа баһылыктары уонна сокуонньуттары өрө туруоран Стефаны туттаран, синедриоҥҥа илтэрбиттэрэ. 13Сымыйа туоһулары туруортаан баран: «Бу киһи бииргэм Сибэтиэй Дьиэбитин, Сокуоммутун холуннарар, – диэн этиппиттэрэ. – 14Ити Иисус Назорей туһунан Кини бу Дьиэни урусхаллыа, биһиэхэ Моисей биэрбит үгэстэрин уларытыа диирин истибиппит».
15Синедриоҥҥа олорооччулар бука бары Стефаны тонолуппакка одууласпыттара; кинилэр көрдөхтөрүнэ, Стефан сирэйэ Аанньал сирэйин курдуга.

Highlight

Share

Copy

None

Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in