YouVersion Logo
Search Icon

Апостоллар 7

7
Стефан тыл этиитэ
1 Архиерей Стефантан: «Бу чахчыны этэллэр дуо?» – диэн ыйыппыта.
2«Бырааттарым, аҕа дьонум, этэрбин болҕойон истиҥ! – Стефан этиитин саҕалаабыта. – Биһиги өбүгэбит Авраам өссө Месопотамияҕа эрдэҕинэ, Харраҥҥа көһүөн иннинэ, албан ааттаах Таҥара киниэхэ көстөн: 3„Сиргиттэн-уоккуттан, аймах-билэ дьоҥҥуттан, аҕаҥ дьиэтиттэн араҕан Мин ыйар сирбэр бар“, – диэн эппит. 4Ол иһин Авраам халдейдар дойдуларыттан араҕан, Харраҥҥа олохсуйбут. Кэлин, аҕата өлбүтүн кэннэ, Таҥара кинини манна, билигин эһиги олорор сиргитигэр, көһөрөн аҕалбыт. 5Мантан киниэхэ уллуҥах да саҕа өлбүгэ сири биэрбэтэх гынан баран, Авраам өссө оҕото суох сырыттаҕына, бу сири киниэхэ уонна кини удьуордарыгар биэриэх буолан эрэннэрбит. 6Таҥара киниэхэ эппит: „Эн удьуордарыҥ туора дойдуга кэлэн, түөрт сүүс сыл устата кулут буолан баттанан олоруохтара. 7Ол эрээри кинилэри кулут оҥостубут норуот Мин дьүүлбэр туруоҕа. Оттон эн удьуордарыҥ ити дойдуттан тахсан, Миэхэ манна, бу сиргэ, сүгүрүйэр буолуохтара“. 8Таҥара Авраамы кытта сөбүлэһии оҥорсубутун бэлиэтигэр киниэхэ быһыллыы сиэрин-туомун биэрбит. Ол иһин Авраам, уола Исаак төрөөбүтэ ахсыс күнүгэр, киниэхэ быһыы оҥорбут, оттон Исаак Иаковка, Иаков буоллаҕына уон икки уолаттарыгар оҥорбуттар.
9Биһиги өбүгэлэрбит ордук санаан, Иосибы Египеккэ атыылаабыттар; ол гынан баран, Таҥара кинини кытта бииргэ буолан, 10бары ыарахаттартан быыһаан ылан, киниэхэ муударай өйү биэрбит, Египет ыраахтааҕытын – фараонун үтүө сыһыанын бэлэхтээбит. Ыраахтааҕы Иосибы Египет сирин бүтүннүүтүн уонна бэйэтин дьиэтин-уотун дьаһайарга анаабыт.
11Онтон Египеккэ, Ханаан сиригэр сут туран, улуу кыһалҕа кыһарыйбытыгар, биһиги өбүгэлэрбит эмиэ аһыыр астара быстан хаалбыт. 12Египеккэ бурдук баар сураҕын истэн, Иаков өбүгэлэрбитин онно ыыппыт. Ол кинилэр Египеккэ маҥнайгы сырыылара эбит. 13Иккиһин кэлбиттэригэр Иосиф убайдарыгар кинилэр бырааттара буоларын билиммит, онон кини төрдүн-ууһун фараон эмиэ билбит. 14Иосиф аҕатын Иаковы, туох баар аймахтарын – барыта сэттэ уон биэс киһини бэйэтигэр ыҥыртарбыт, 15онон Иаков Египеккэ көһөн тиийбит. Иаков да, өбүгэлэрбит да – бары онно олорон өлбүттэр. 16Уҥуохтарын Сихемҥэ илдьэн, Авраам Сихем киһитин уолаттарыттан үрүҥ көмүскэ атыылаһан ылбыт хоруобугар харайбыттар.
17Таҥара Авраамҥа андаҕайбыт эрэннэриитэ туолара чугаһаан истэҕин аайы, Египеккэ олорор еврей норуотун ахсаана улам үксээн-үүнэн испит. 18Онтон Иосибы билбэт саҥа ыраахтааҕы былааска кэлбит. 19Бу ыраахтааҕы биһиги норуоппутун туора көрөн, ыччаттара быһыннын диэн, саҥа төрөөбүт оҕолорун быраҕан иһэргэ күһэйбит. 20Ол саҕана Моисей төрөөбүт, кини Таҥара көрүүтүгэр сүрдээх үчүгэй оҕо эбит; оҕо үс ый устата аҕатын дьиэтигэр көрүллүбүт-харайыллыбыт; 21онтон уолчааны таһырдьа хаалларбыттарыгар, фараон кыыһа, кинини булан ылан, төрөппүт уолун курдук ииппит. 22Инньэ гынан Моисей Египет бары муудараһын баһылаан, тылынан-өһүнэн да, үлэтинэн-хамнаһынан да уһулуччулаах киһи буола үүнэн тахсыбыт.
23Түөрт уон сааһын туолуута бырааттарын, Израиль дьонун көрсүөн баҕарар санаа кинини үүйэ-хаайа туппут. 24Биирдэ Израиль киһитин атаҕастыы туралларын көрөн, кини, ону иэстэһэн, Египет киһитин өлөрөн кэбиспит. 25Моисей: „Таҥара Израиль дьонун миигинэн босхолоттороору гынарын бэйэм дьонум өйдүөхтэрэ“, – дии санаабыт даҕаны, анарааҥҥылара өйдөөбөтөхтөр. 26Нөҥүө күнүгэр кинилэр охсуһа сылдьалларын көрөн: „Эһиги бырааттыыларгыт эбээт, уонна баран тоҕо бэйэ-бэйэҕитин атаҕастыыгыт?“ – диэн эйэлэһиннэрэ сатаабыт. 27Онуоха чугастааҕытын атаҕастыы турар киһи, Моисейы киэр анньан баран: „Ким эйигин биһиэхэ баһылык, судьуйа буол диэбитэй? 28Биитэр, бэҕэһээ Египет киһитин өлөрбүтүҥ курдук миигин эмиэ өлөрүөххүн баҕараҕын дуу?“ – диэн дьорҕойбут. 29Маны истэн, Моисей Египеттэн күрээн, Мадиам сиригэр#7:29 Мадиам сирэ – Аравия уобалаһа. баран олохсуйбут; кини икки уола онно төрөөбүттэр.
30Ити курдук түөрт уон сыл ааспыт. Биирдэ киниэхэ Синай хайатын аттынааҕы иччитэх сиргэ умайа турар хатыылаах талах төлөнүгэр Айыы Тойон Аанньала көстүбүт. 31Моисей, ону дьиктиргээн, сыныйан көрөөрү чугаһаан иһэн, Айыы Тойон саҥатын истибит: 32„Мин эн өбүгэлэриҥ Таҥаралара – Авраам, Исаак уонна Иаков Таҥарата – буолабын!“ Моисей ис-иһиттэн титирэс буола долгуйан, көрүөн да дьулайбыт. 33Айыы Тойон киниэхэ эппит: „Бу үктэнэн турар сириҥ сибэтиэй сир, онон сандалияҕын уһул. 34Мин, норуотум Египет сиригэр атаҕастабылга олорорун көрөн, ыар ынчыгын истэн, кинини босхолоору түһэн кэллим. Онон, хомун, Мин эйигин Египеккэ ыытабын“.
35Бу Моисейы, ким эйигин биһиэхэ баһылык, судьуйа буол диэбитэй диэн киэр анньыбыт киһилэрин, Таҥара хатыылаах талах быыһыгар көстүбүт Аанньалынан этитэн, баһылык уонна босхолооччу гынан ыыппыт. 36Бу кини, Моисей, норуотугар, кулуттааһынтан таһааран иһэн, Египет сиригэр, Кыһыл муораҕа уонна кураайы куйаарга түөрт уон сыл устата дьиктилэри, сөҕүмэр бэлиэлэри көрдөрбүт. 37Бу кини, Моисей, Израиль дьонугар: „Таҥара миигин туруорбутун курдук, бэйэҕит бырааттаргытыттан эмиэ Пророгу туруоруоҕа, Кинини истээриҥ“, – диэн төлкөлөөбүт. 38Бу кинилиин, Моисейдыын, кураайы куйаарга түмсүбүт дьону кытта бииргэ сырыттаҕына, Синай хайатыгар Аанньал кэпсэппит, бу кини биһиги өбүгэлэрбитин кытта бииргэ сылдьыбыт, тыыннаах тыллары ылан биһиэхэ биэрбит; 39биһиги өбүгэлэрбит бу киниэхэ, Моисейга, бас бэриниэхтэрин баҕарбакка, киэр хайыһан, сүрэхтиин-быардыын төттөрү Египеккэ тардыспыттар. 40Ааронтан: „Биһигини Египет сириттэн таһаарбыт Моисейбыт туохха түбэспитин билбэппит, онон сирдиир таҥараларда биһиэхэ оҥорон кулу“, – диэн көрдөспүттэр. 41Итиэннэ ол күннэргэ оҕус эмэгэтин оҥостон баран, онтукаларыгар сиэртибэ биэрэн үөрүү-көтүү, көр-нар бөҕө буолбуттар. 42Онон Таҥара кинилэртэн киэр хайыһан, халлаан эттиктэригэр сүгүрүйэллэрин бопсо сатаабат буолбут. Бу туһунан пророктар кинигэлэригэр суруллубут: „Израиль норуота! Түөрт уон сыл усталаах-туоратын тухары кураайы куйаары кэрийэ сылдьан, эһиги Миэхэ туох бэлэҕи-туһаҕы биэрбиккитий? 43Эһиги Молох отуутун, Ремфан таҥараҕыт сулуһун – сүгүрүйүөхпүт этэ диэн быһан оҥостубут эмэгэттэргитин – илдьэ сылдьыбыккыт. Онон Мин эһигини Вавилонтан өссө ыраах көһөрөн илдьиэм“.
44Өбүгэлэрбит кураайы куйаарга Туоһулааһын Скиниятын илдьэ сылдьыбыттар. Ол Моисейдыын Кэпсэтээччи соруйуутунан, киниэхэ көрдөрүллүбүт холобурга олоҕуран оҥоһуллубут Скиния этэ. 45Иисус Навины кытта бииргэ сылдьар өбүгэлэрбит Скинияны ылан, Таҥара урут биһиги өбүгэлэрбититтэн кыйдаабыт норуоттарын сирдэригэр аҕалбыттар. Скиния Давид ыраахтааҕылыыр кэмигэр диэри баар эбит. 46Таҥара тапталын ылбыт Давид, Иаков Таҥаратыгар дьиэ тутаары, көрдөспүт да, 47дьиэни Соломон туппут. 48Ол гынан баран, Үрдүк Таҥара киһи туппут дьиэтигэр олорбот, пророк эппитин курдук: „Халлаан – Мин бүрүстүөлүм, 49сир – атахпын ууран олорор үктэлим. Ханнык бэйэлээх дьиэни эһиги Миэхэ тутуоххутуй, эбэтэр Мин сынньанар сирбин? – диир Айыы Тойон. – 50Бу баары барытын Мин айбытым буолбат дуо?“
51Оо, өһөс санаалаах, куҥ бүтэй сүрэхтээх, бүөлэммит кулгаахтаах дьон! Эһиги эмиэ, өбүгэлэргит курдук, мэлдьи Сибэтиэй Тыыны утараҕыт. 52-53Пророктартан хайаларын эһиги аҕаларгыт сойуоласпатахтарай? Кинилэр бэл Кырдьыксыт кэлэрин өтө көрөн эппит дьону өлөрбүттэрэ. Оттон эһиги – Таҥара Аанньаллара эһиэхэ тиэрдибит Сокуоннарын ылан баран тутуспатах дьон – Кырдьыксыты таҥнаран биэрэн өлөрбүккүт!»
Стефан өлүүтэ
54Маны истэн, кинилэр уордайбыт уохтарыгар хабырынан ылбыттара. 55Сибэтиэй Тыыны толору ылыммыт Стефан Халлааны анааран, Таҥара кэрэмэн килбиэнин уонна Таҥара уҥа өттүгэр турар Иисуһу көрөн, 56эппитэ: «Халлаан арыллыбытын, Киһи Уола Таҥара уҥа өттүгэр турарын көрөбүн».
57Бары үөгүлэһэ түһээт, кулгаахтарын саба туттубуттара уонна кинини, күргүөмүнэн саба түһэн, 58куорат таһыгар таһааран, тааһынан илдьи тамнаабыттара. Туоһулара таҥастарын Савл диэн эдэр уол турар сиригэр устан бырахпыттара.
59Стефан, тааһынан быраҕаттыы турдахтарына: «Айыы Тойон Иисус, дууһабын ыл, – диэн үҥэ-көрдөһө турбута, 60онтон сөһүргэстии түһэн күүһүн муҥунан, – Айыы Тойон, бу аньыыларын бырастыы гын!» – диэн саҥа аллайан баран, тыына быстыбыта.

Highlight

Share

Copy

None

Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in