Апостоллар 8
8
Савл христианнары сойуолуур
1Савл Стефаны өлөрбүттэрин сөпсүүр этэ.
Бу күнтэн ыла Иерусалимнааҕы сиэркэп улууканнаах сойуолааһыҥҥа түбэспитэ, онон Апостоллартан ураты атын дьон бары Иудея, Самария дэриэбинэлэринэн тарҕаспыттара. 2Стефан уҥуоҕун Таҥараҕа бэриниилээх дьон көтөхпүттэрэ, кинини аһыйан ытабыл-соҥобул бөҕө буолбута.
3Оттон Савл сиэркэби муҥнуура: дьиэттэн дьиэҕэ киирэ-киирэ, эр дьону, дьахталлары, соһоттоон таһааран, хаайыыга быраҕаттыыра.
Самарияҕа Евангелиены иһитиннэрии
4Тарҕанан барбыт дьон Таҥара тылын сир-сир аайы сылдьан иһитиннэрэллэрэ. 5Филипп Самария куоратыгар кэлэн, Христос туһунан кэпсээбитэ. 6Кини этэр тылын иһитиннэрэн, араас дьиктини көрдөрөн, дьон-сэргэ болҕомтотун түмэ тарпыта. 7Быртах тыыҥҥа буулаппыт үгүс дьонтон тыыннар үөгүлэспитинэн тахсан бараллара, элбэх босхоҥ, доҕолоҥ киһи үтүөрбүтэ. 8Бу куоракка улуу үөрүү буолбута.
9Манна уруккуттан Самария норуотун абынан-хомуһунунан сөхтөрөр Симон диэн биир улуутумсуйар киһи баара. 10Кини этэрин бары, кыратыттан улаханыгар тиийэ, сэргээн истэн: «Таҥара сүдү күүһэ диэн дьэ бу кини сылдьар!» – дэһэллэрэ.
11Өр кэм устата хомуһунунан сөхтөрөн, дьон кинини истэр этилэр. 12Онтон Таҥара Саарыстыбатын уонна Иисус Христос туһунан Евангелиены иһитиннэрэр Филиби итэҕэйэн, бары – эр дьон да, дьахталлар да – сүрэхтэммиттэрэ. 13Симон бэйэтэ эмиэ итэҕэйбитэ, сүрэхтэнэн баран, Филиби батыһа сылдьар буолбута, кини сүдү күүстээх дьайыыларын, дьиктилэрин олус сөҕө көрөрө.
14 Самария олохтоохторугар, Таҥараны ылыммыттарын истэн, Иерусалимҥа баар Апостоллар Петрдаах Иоанны ыыппыттара; 15кинилэр кэлэн итэҕэйээччилэр, Сибэтиэй Тыыны ылыналларын туһугар, үҥпүттэрэ. 16Тыын кинилэргэ өссө түһэ илигэ – Айыы Тойон Иисус аатыгар сүрэхтэммит эрэ этилэр. 17Петрдаах Иоанн кинилэргэ илиилэрин ууран туран үҥпүттэригэр, бу дьон Сибэтиэй Тыыны ылыммыттара.
18Апостоллар илиилэрин уурдахтарына, Таҥара Тыына бэриллэрин көрөн, Симон харчылаах кэлэн 19эппитэ: «Илиибин уурбут киһим Сибэтиэй Тыыны ыларын туһугар, Миэхэ эмиэ, маннык кыахта кулуҥ эрэ».
20«Таҥара бэлэҕин харчыга атыылаһарга санаммытыҥ иһин, көмүскүн туппутунан өлүөҥ, – диэбитэ Петр. – 21Биһиги сулууспабытыгар эн ханнык да кыттыгаһыҥ, кыттар быраабыҥ да суох: маныаха сөбө суох сүрэхтээххин Таҥара көрөн турар. 22Онон бу аньыыгын билинэн Айыы Тойонтон көрдөс, оччоҕо, баҕар, ити санааҕын бырастыы гыныаҕа. 23Эн, аһыы үөһүнэн туолаҥҥын, аньыыга бохсуттарбыккын».
24Онуоха Симон: «Бу эппиккититтэн биирэ да туолбатын туһугар, Айыы Тойонтон мин туспар көрдөһүҥ», – диэбитэ.
25Апостоллар кэрэһиттээн, Айыы Тойон тылын иһитиннэрэн баран, Иерусалимнаабыттара, аара элбэх Самария дэриэбинэлэригэр сылдьан, Евангелиены иһитиннэрбиттэрэ.
Филипп уонна Эфиопия үрдүк сололооҕо
26Филипкэ Айыы Тойон Аанньала эппитэ: «Туран Иерусалимтан Газаҕа барар соҕуруу суолга тиий». (Билигин бу суолунан сылдьыбаттар.) 27Филипп туран ол суол диэки баран испитэ. Арай көрдөҕүнэ: биир аттакы эфиоп, Эфиопия Кандакиятын#8:27 Кандакия – эфиоптар судаарыстыбаларын салайар ийэ сарыысса титула. (атыннык эттэххэ, сарыыссатын) хааһынатын тутар үрдүк сололоох үлэһитэ, Таҥараҕа үҥэн-сүгүрүйэн баран, 28Иерусалимтан төннөн иһэрэ. Кини колесницаҕа олорон, Исайя пророгу ааҕа иһэрэ. 29Тыын Филипкэ: «Колесницаҕа чугаһаан аргыстаһан бар», – диэбитэ.
30Филипп ситэн кэлэн, киһи Исайя кинигэтин саҥа таһааран ааҕарын истэн: «Тугу ааҕаргын өйдүүгүн дуо?» – диэн ыйыппыта.
31«Киһи быһаарыыта суох хантан өйдүөмүй?» – диэбитэ анарааҥҥыта, уонна Филиби колесницаҕа тахсан сэргэстэһэ олороругар ыҥырбыта. 32Аттакы Суруйуулартан маннык кэрчиги ааҕа иһэрэ: «Кинини, бараан курдук, өлөрө илдьибиттэрэ; түү кырыйааччы иннигэр бараан оҕото чуумпуран турарыныы, Кини ылы-чып турбута. 33Кинини атаҕастаабыттара, кырдьыгынан сууттаабатахтара. Сиргэ олорор олоҕо түмүктэммитэ – оччотугар Кини удьуордарын туһунан ким кэпсиэҕэй?»
34Аттакы Филиптэн ыйыппыта: «Көрдөһөбүн, быһаар эрэ, пророк бу ким туһунан этэрий: бэйэтин туһунан дуу, атын ким эрэ туһунан дуу?»
35Онуоха Филипп, Суруйуулар бу кэрчиктэриттэн саҕалаан, Иисус туһунан кэпсээбитэ. 36Ол ыккардыгар, айаннаан, уулаах сиргэ тиийэн кэлбиттэрэ. «Хор, бу уу баар эбит. Мин сүрэхтэнэрбин туох мэһэйдиирий?» – диэбитэ аттакы.
37Филипп эппитэ: «Ис сүрэххиттэн итэҕэйэр буоллаххына, сүрэхтэниэххин сөп».
Киһи хоруйдаабыта: «Иисус Христос Таҥара Уола диэн итэҕэйэбин»#8:37Сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу кэрчик суох.. 38Уонна колесницаны тохтоторго дьаһайбыта. Филиптээх аттакы иккиэн ууга киирбиттэрэ; Филипп кинини сүрэхтээбитэ. 39Ууттан тахсыбыттарыгар аттакыга Сибэтиэй Тыын түһэн киирбитэ#8:39 Аттакыга Сибэтиэй Тыын түһэн киирбитэ – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар., оттон Филиби Айыы Тойон Аанньала илдьэ барбыта. Аттакы кинини хараҕын далыттан сүтэрэн да кэбистэр, салгыы үөрэ-көтө айанныы турбута. 40Филипп буоллаҕына Азокка баар буолан хаалбыта; Кесарияҕа тиийиэр диэри, сылдьыбыт куораттарыгар барыларыгар Евангелиены иһитиннэрэ испитэ.
Currently Selected:
Апостоллар 8: СБК
Highlight
Share
Copy
Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in
© Институт перевода Библии, 2008-2022