YouVersion Logo
Search Icon

Апостоллар 5

5
Ананиялаах Сапфира
1-2Биир Анания диэн киһи, баайын атыылаан баран, ойоҕунуун Сапфиралыын сүбэлэһэн, үбүн сороҕун кистээбитэ итиэннэ ордугун аҕалан, Апостоллар иннилэригэр уурбута.
3Онуоха Петр эппитэ: «Анания! Эн, бу хайдах сатанаҕа бэринэн, Сибэтиэй Тыыҥҥа сымыйалыыгын, сириҥ атыытыттан сороҕун кистиигин? 4Тугу бас билэриҥ барыта бэйэҥ киэнэ этэ, атыылаан ылбыт үбүҥ эмиэ бэйэҥ дьаһалгар киирбитэ буолбат дуо? Уонна хайдах маннык санааҕа кэллиҥ? Эн дьоҥҥо буолбакка, Таҥараҕа сымыйалаатыҥ».
5Маны истээт, Анания тыына быстан охтон түспүтэ. Бу туһунан истибит эрэ барыта улаханнык куттаммыта. 6Эдэр уолаттар туран, кинини таҥаска суулаан баран, таһааран харайбыттара.
7Бу кэнниттэн үс чаас ааспытын кэннэ туох буолбутун билэ илик Анания ойоҕо тиийэн кэлбитэ. 8Петр киниттэн ыйыппыта: «Эт эрэ миэхэ, сиргит атыыта бачча харчыга турбута дуо?»
«Соҕордук, ситиччэҕэ», – диэн дьахтар бигэргэппитэ.
9«Бу туох буолан эһиги Айыы Тойон Тыынын холоон көрөөрү кигистигит? – диэбитэ Петр. – Көр, бу эргин харайан киирдилэр, эйигин эмиэ таһаарыахтара».
10Дьахтар эмискэ Петр аттыгар охтон түһэн өлөн хаалбыта. Киирэн кэлбит уолаттар дьахтар өлбүтүн көрөн, таһааран эрин аттыгар харайбыттара. 11Сиэркэп бүтүннүү уонна бу түбэлтэни истибиттэр бары улуу кутталга ылларбыттара.
Итэҕэйээччилэр ахсааннара үүнэ турар
12Таҥара Бэйэтин Апостолларынан бар дьоҥҥо үгүс дьиктилэри, элбэх бэлиэлэри көрдөрбүтэ. Итэҕэйээччилэр бары биир санаанан Соломон колоннадатыгар түмсэллэрэ. 13Атын дьон дьулайан, кинилэргэ холбоһо сатаабатахтара да, норуот кинилэри үтүө тылынан ахтара. 14Улам-улам үгүс эр дьон, дьахталлар Айыы Тойону ылынан, итэҕэйээччилэр ахсааннара үксээн испитэ. 15Ыарыһахтары, ааһан иһэр Петр, саатар, күлүгэ түстүн диэн, таһырдьа таһааран от, таҥас тэллэхтэргэ сытыартыыллара. 16Чугас эргиннээҕи куораттартан киһи бөҕөтө Иерусалимҥа#5:16 Чугас эргиннээҕи куораттартан… Иерусалимҥа – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «Иерусалим эргиннээҕи куораттартан». хотоҕостуу субуспута, ыарыһахтары, быртах тыыннарга буулаппыттары аҕалтыыллара; аҕалбыт дьонноро бары үтүөрэн иһэллэрэ.
Апостоллары хаайаллар
17 Архиерей уонна кинини кытта бииргэ сылдьар саддукей бөлөҕүн дьоно ордугургуу санаан 18Апостоллары тутан ылан куорат хаайыытыгар уктарбыттара. 19Онуоха Айыы Тойон Аанньала түүн хаайыы аанын аһан, кинилэри таһаартаан баран, эппитэ: 20«Барыҥ, Таҥара Дьиэтигэр киирэн норуокка Олох Тылын иһитиннэриҥ».
21Маныаха Апостоллар сарсыарда эрдэ Таҥара Дьиэтигэр киирэн, үөрэтэн барбыттара. Ол ыккардыгар архиерей уонна кинини кытта бииргэ сылдьааччылар мустан, синедриону уонна Израиль аҕа баһылыктарын барыларын ыҥыртаан баран, хаайыыттан Апостоллары аҕалтара, дьон ыыппыттара.
Синедрион мунньаҕа
22Үлэһиттэр хаайыыга тиийэн, Апостоллары булбакка, төннөн кэлэн: 23«Хаайыы үчүгэйдик хатанан турар, харабыллар аантан халбарыйбатахтар, оттон күлүүһү аһан иһирдьэ киирбиппит – ким да суох!» – диэн тыллаабыттара. 24Маны истэн, архиерейдар уонна Таҥара Дьиэтин харабылын тойоно ол туох буоллаҕай диэн санааҕа түспүттэрэ. 25Онтон биир киһи кэлэн: «Били хаайбыт дьоҥҥут Таҥара Дьиэтигэр киирэн үөрэтэ тураллар!» – диэн кэпсээбитэ. 26Онуоха харабыл тойоно үлэһиттэрин илдьэ баран, норуот биһигини тааһынан тамныа диэн куттанан, Апостоллары күһэлэҥэ суох аҕалбыта.
27Кинилэри аҕалан, синедрион иннигэр туруорбуттарыгар архиерей эппитэ: 28«Ити Киһи туһунан аны үөрэтимэҥ диэн биһиги эһигини кытаанахтык боппуппут буолбат дуо? Ону истибэккэ, бэйэҕит үөрэххитинэн Иерусалимы биир гына толордугут! Ол Киһи өлбүтүгэр өссө биһигини буруйдаары гынаҕыт».
29Петр уонна Апостоллар эппиттэрэ: «Биһиги Таҥараҕа ордук бас бэриниэхтээхпит. 30Эһиги Иисуһу кириэскэ ыйаан өлөрбүккүт эрээри, өбүгэлэрбит Таҥаралара Кинини тилиннэрбитэ. 31Буруйу-аньыыны билинэн бырастыы гыннарар кыаҕы Израильга бэлэхтиир туһугар, Таҥара Иисуһу Баһылык уонна Быыһааччы гынан үрдэтэн, Бэйэтин уҥа өттүгэр олордубута. 32Маныаха биһиги да, Таҥара Киниэхэ бас бэринээччилэргэ биэрбит Сибэтиэй Тыына да туоһу буолабыт».
Гамалиил сүбэтэ
33Кинилэр мантан уордайан, Апостоллары өлөрөргө санаммыттара#5:33 Өлөрөргө санаммыттара – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «өлөрүөхтэрин баҕарбыттара».. 34Онуоха биир Гамалиил диэн ааттаах фарисей, норуот ытыктыыр сокуонньута, синедрион ортотугар туран, Апостоллары быстах кэмҥэ таһаара түһэллэригэр дьаһал биэрбитэ. 35«Израиль олохтоохторо! – диэбитэ кини. – Бу дьону хайдах гынаргытын маҥнай үчүгэйдик толкуйдаан көрүҥ. 36Соторутааҕыта, бу эрэ иннинэ, бэйэтин ханнык эрэ улуу киһибин дэнэр Февда өрө тура сылдьыбыта, киниэхэ түөрт сүүсчэкэ киһи холбоспута. Кинини өлөрбүттэрин кэннэ, батыһааччылара бары ыһыллан, суола-ииһэ суох сүппүттэрэ. 37Февда кэнниттэн, биэрэпис саҕана, Галилеяттан төрүттээх Иуда өрө туран, төһө эмэ киһини бэйэтигэр тардыбыта эрээри, өлбүтүн кэннэ, батыһааччылара бары эмиэ ыһыллыбыттара. 38Онон билигин эһиэхэ этэбин: бу дьону тыытымаҥ, босхолооҥ. Кинилэр дьыалалара дьон сүбэтинэн, тэрээһининэн эбит буоллаҕына, эһигинэ да суох бэйэтэ тохтуо, 39оттон Таҥара ыйыытынан буоллаҕына, эһиги кыайан тохтотуоххут суоҕа, хата, өссө Таҥараны утары охсуһар буолан тахсыаххыт».
40Кини тылын ылыммыттара. Апостоллары ыҥыран ылан кымньыынан таһыйтаран баран, аны Иисус аатын ахталларын бобон туран, босхолообуттара. 41Апостоллар, Айыы Тойон Иисус аатын иһин кыһарыллар дьолго тиксибиттэриттэн үөрэн-көтөн, синедрионтан тахсан барбыттара. 42Кинилэр, күн аайы Таҥара Дьиэтигэр да, ыалтан-ыалга да сылдьан үөрэтэллэрин, Иисус Христос туһунан иһитиннэрэллэрин тохтоппотохторо.

Highlight

Share

Copy

None

Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in