Иоанн 7
7
Иисус Христоһу бырааттара итэҕэйбэттэр
1Бу кэнниттэн Иисус Галилея устун сылдьыбыта, иудейдар өлөрөргө соруналларын иһин, Кини Иудеяҕа сылдьыан баҕарбатаҕа. 2Иудей бырааһынньыга Отуу Туруоруута чугаһаабыт кэмэ этэ. 3Бырааттара Киниэхэ эппиттэрэ: «Эн бу дойдуну хаалларан, Иудеяҕа бар. Ити оҥорор дьиктилэргин үөрэнээччилэриҥ эмиэ көрдүннэр. 4Дьоҥҥо биллэ-көстө сатыыр хайа да киһи бэйэтин дьайыыларын кистээбэт. Эн, итинник дьиктилэри оҥорор кыахтаах буоллаххына, дьоҥҥо-сэргэҕэ Бэйэҕин тоҕо биллэрбэккин?» 5Кинини бэл бырааттара итэҕэйбэт этилэр.
6«Мин кэмим өссө да кэлэ илик, – диэбитэ Иисус кинилэргэ, – оттон эһиэхэ ханнык баҕарар кэм табыгастаах. 7Бу дойду эһигини абааһы көрүөн сатаммат, оттон Миигин, кини дьайыылара мөкүтүн туоһулуурум иһин, абааһы көрөр. 8Эһиги бу бырааһынньыкка барыҥ. Мин кэмим өссө кэлэ илик, онон бырааһынньыкка барбаппын#7:8 Барбаппын – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «билигин барбаппын».». 9Маны этэн баран, Иисус Галилеяҕа хаалбыта.
Иерусалимҥа Отуу бырааһынньыгар
10Бырааттара бырааһынньыкка барбыттарын кэннэ, ким да билбэтинэн Бэйэтэ эмиэ онно барбыта. 11Иудейдар тойотторо бырааһынньыкка: «Кини ханнаный?» – дии-дии Иисуһу көрдүүллэрэ.
12Мустубут дьон Кини туһунан араастаан мөккүһэллэрэ. Сорохторо «үтүө санаалаах» дииллэрэ, атыттара «норуоту албынныыр» диэн утараллара. 13Ол эрээри, иудейдартан куттанар буолан, ким даҕаны аһаҕастык кэпсэппэт этэ.
14Бырааһынньык хайыы-үйэ ортолоон эрдэҕинэ, Иисус Таҥара Дьиэтигэр киирэн үөрэппитэ.
15«Үөрэммэтэх буолан баран, Суруйуулары ити хайдах билэрий?» – диэн иудейдар дьиктиргээбиттэрэ.
16Иисус кинилэргэ хоруйдаан эппитэ: «Мин үөрэтэр үөрэҕим Миэнэ буолбатах, Миигин Ыытааччы үөрэҕэ. 17Кини көҥүлүн тутуһуон баҕарар киһи бу үөрэх Таҥараттан кэлбитин дуу, эбэтэр Мин Бэйэбиттэн үөрэтэрбин дуу билиэҕэ. 18Бэйэтин аатыттан үөрэтэр киһи бэйэтигэр албан ааты ситиһэ сатыыр, оттон ким Кинини Ыыппыты албан аатырдыан баҕарар, ол дьиҥ кырдьыктаах, Кини сымыйалаабат. 19Моисей эһиэхэ Сокуону биэрбэтэҕэ этэ дуо? Ол үрдүнэн хайаҕыт да Сокуону тутуспат. Эһиги тоҕо Миигин өлөрөр сылтаҕы көрдүүгүт?»
20«Искэр абааһы киирбит дуу? – диэн дьон быыһыттан хаһыытаабыттара. – Ким Эйигин өлөрөөрү гынар үһүнүй?»
21Иисус эппитэ: «Мин субуотаҕа биир дьиктини оҥоруохпуттан эһиги күн бүгүҥҥэ диэри уоскуйа иликкит. 22Моисей эһиэхэ быһыллыы сиэрин-туомун олохтообута (дьиҥэр ону Моисей буолбатах, өбүгэлэргит олохтообуттара), ол иһин эһиги субуота күн быһыы оҥороҕут. 23Моисей Сокуона кэһиллибэтин туһугар, киһи субуотаҕа да быһыллар буоллаҕына, Мин киһини бүтүн бэйэтин субуота күн үтүөрдүбүппэр эһиги абараҕыт дуо? 24Таһыттан көрөн дьүүллүүргүтүн аны тохтотуҥ – кырдьыктаах дьүүлү тутуһуҥ».
Иисус Христос туһунан араас мөккүөр
25Маны истэн, Иерусалимтан сылдьар сорох дьон: «Өлөрөөрү көрдүүр Киһилэрэ бу буолбатаҕа буолуо дуо? – диэн кэпсэппиттэрэ. – 26Көр, аһаҕастык саҥарар да, туох да диэбэттэр. Кини чахчы Христос буоларын тойоттор билбиттэрэ дуу? 27Ол гынан баран биһиги Кини Кимин, хантан сылдьарын билэбит, оттон Христос кэллэҕинэ, Кини хантан кэлбитин ким да билиэ суохтаах».
28Иисус Таҥара Дьиэтигэр үөрэтэ туран саҥа аллайбыта: «Миигин эһиги билэҕит, хантан кэлбиппин эмиэ билэҕит: Мин Бэйэм көҥүлбүнэн кэлбэтэҕим – Миигин Дьиҥ Кырдьыктаах ыыппыта. Кинини эһиги билбэккит, 29оттон Мин, Киниттэн кэлбит, Кинини билэбин. Миигин Кини ыыппыта».
30Иисуһу тутан ылар тоҕоостоох түгэни көрдүү сатаабыттара да, кэмэ уолдьаһа илик буолан, Кинини ким да туппатаҕа. 31Оттон мустубут дьонтон үгүстэрэ Кинини итэҕэйбиттэрэ. Итэҕэйбит дьон: «Христос, кэллэҕинэ, ама бу Киһи оҥорбутунааҕар элбэх дьикти бэлиэни оҥороро буолуо дуо?» – дэһэллэрэ.
Харабыллар Иисус Христоһу тута кэлэллэр
32Дьон Иисус туһунан тугу кэпсэтэрин истэн, фарисейдар архиерейдардыын, Кинини туттара, харабылларын#7:32Таҥара Дьиэтэ бэрээдэги көрөр левит харабыллардаах этэ. ыыппыттара.
33«Эһигинниин бииргэ сылдьар кэмим кылгаата, – диэбитэ Иисус. – Мин сотору Миигин Ыыппыкка барыаҕым. 34Оччоҕо Миигин көрдөөн да, булуоххут суоҕа. Мин баар сирбэр эһиги кыайан тиийбэккит».
35Иудейдар бэйэлэрин икки ардыларыгар: «Ити, биһиэхэ буллартарбат гына, ханна бараары сорунарый? – дэһиспиттэрэ. – Туора омуктар тарҕанан олорор сирдэригэр баран, кинилэри үөрэтээри гынара буолуо дуо? 36Миигин көрдүөххүт да, булуоххут суоҕа, Мин баар сирбэр эһиги тиийэр кыаххыт суох диэн тугу этэр быһыытай?»
Өлбөт мэҥэ уутун өрүстэрэ
37Бырааһынньык бүтэһик улуу күнүгэр Иисус дьон ортотугар туран, дорҕоонноохтук эппитэ: «Ким утаппыт, Миэхэ кэлэн утаҕын ханнарыахтын. 38Миигин итэҕэйэр киһи сүрэҕиттэн, Суруйууларга этиллэринии, өлбөт мэҥэ уутун өрүстэрэ сүүрүгүрдүөхтэрэ». 39Манан Иисус Кинини итэҕэйэр дьоҥҥо бэриллэр Тыын туһунан эппитэ. Кини өссө да албан аатыра илик буолан, Сибэтиэй Тыын#7:39 Сибэтиэй Тыын – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «Тыын». кинилэргэ бэриллэ илигэ.
Дьон-сэргэ санаата хайдыһар
40Мустан турбут дьон халыҥ халҕаһатыттан үгүстэр бу тыллары истэн: «Кини чахчы Пророк эбит!» – дэспиттэрэ.
41«Бу – Христос!» – диэбиттэрэ атыттар.
«Христос Галилеяттан кэлэр үһү дуо? – сорохторо утарбыттара. – 42Христос Давид удьуоруттан, Вифлеемтэн, Давид төрөөбүт-үөскээбит сириттэн кэлиэ диэн Суруйууларга этиллибэтэҕэ этэ дуо?» 43Ити курдук көй дьон Иисус туһуттан мөккүһэн турбуттара. 44Сорохтор Кинини тутан ылыахтарын баҕараллара эрээри, Киниэхэ ким да илиитин көтөхпөтөҕө.
Иисус Христоһу итэҕэйбэтэх иудей тойотторо
45Харабыллар архиерейдарга уонна фарисейдарга төннөн кэлбиттэрэ.
«Хайа, тоҕо тутан аҕалбатыгыт?» – дии тоһуйбуттара анарааҥҥылар.
46«Хаһан даҕаны ким да ити Киһи этэрин этэ илигэ!» – харабыллар хоруйдаабыттара.
47«Эһигини эмиэ бутуйбуттар дуу? – диэбиттэрэ фарисейдар. – 48Аҕа баһылыктартан, фарисейдартан ким эмэ Кинини итэҕэйбитин эһиги көрбүккүт дуо? 49Арай ити Сокуону билбэт, кырыыска турар ньүдьү-балайдар итэҕэйэллэр!»
50-51Кинилэртэн биирдэстэрэ, урут түүн Иисуска кэлэ сылдьыбыт Никодим, эппитэ: «Биһиги Сокуоммут киһини, этэр тылын истибэккэ, тугу гыммытын билбэккэ эрэ, дьүүллүүр дуо?»
52Маны эппитигэр: «Эн эмиэ Галилея этиҥ буолбат дуо? – диэбиттэрэ. – Суруйуулары сирийэн көр, оччоҕо Галилеяттан Пророк кэлбэтин өйдүөҥ». 53Ол кэнниттэн бары дьиэлэригэр тарҕаспыттара#7:53–8:11Сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу кэрчик суох..
Àwon tá yàn lọ́wọ́lọ́wọ́ báyìí:
Иоанн 7: СБК
Ìsàmì-sí
Pín
Daako
Ṣé o fẹ́ fi àwọn ohun pàtàkì pamọ́ sórí gbogbo àwọn ẹ̀rọ rẹ? Wọlé pẹ̀lú àkántì tuntun tàbí wọlé pẹ̀lú àkántì tí tẹ́lẹ̀
© Институт перевода Библии, 2008-2022