Иоанн 3
3
Иисус Христос уонна Никодим
1Иудейдар биир аҕа баһылыктара Никодим диэн ааттаах фарисей баара. 2Кини түүн Иисуска кэлэн эппитэ: «Равви! Эн Таҥара ыыппыт Үөрэтээччитэ буоларгын билэбит. Ким да, Таҥара кинини кытта бииргэ буолбатаҕына, бу Эн көрдөрөр дьиктилэргин оҥорор кыаҕа суох».
3«Дьиҥ кырдьыгы эйиэхэ этэбин, – диэбитэ Иисус, – киһи үөһэттэн хаттаан#3:3 Үөһэттэн хаттаан – грек тыла икки суолталаах: «үөһэттэн» эбэтэр «хаттаан». төрөөбөтөҕүнэ Таҥара Саарыстыбатын көрөр кыаҕа суох».
4«Киһи кырдьан баран хайдах саҥаттан төрүөҕэй? Ийэтин иһигэр төннөн иккиһин төрүүр кыахтаах үһү дуо?» – диэбитэ Никодим.
5Иисус эппитэ: «Дьиҥ кырдьыгы эйиэхэ этэбин: ууттан уонна Тыынтан төрөөбөтөх киһи Таҥара Саарыстыбатыгар киирэр кыаҕа суох; 6эт-хаан эти-хааны, оттон Тыын тыыны төрөтөр. 7Эйиэхэ үөһэттэн төрүөх тустааххыт диэн эппиппин дьиктиргээмэ. 8Тыын#3:8 Тыын – «руах» диэн еврей тыла «тыал» уонна «тыын» диэн суолталаах. ханна баҕарбыт сиригэр тыынар, саҥатын истэҕин эрээри, хантан кэлэрин, ханна барарын билбэккин. Тыынтан төрөөбүт хас биирдии киһиэхэ оннук буолар».
9«Хайдах оннук буолар баҕайытай?» – диэбитэ Никодим.
10Иисус эппитэ: «Израиль үөрэтээччитэ эрээригин, итини билбэккин дуу? 11Дьиҥ кырдьыгы эйиэхэ этэбин: Биһиги тугу билэрбитин этэбит, тугу көрбүппүтүн кэрэһилиибит, оттон эһиги Биһиги кэрэһилиирбитин ылыммаккыт. 12Мин эһиэхэ сирдээҕи туһунан эппиппин итэҕэйбэт буоллаххытына, халлааннааҕы туһунан эттэхпинэ, хайаан итэҕэйиэххитий? 13Халлааҥҥа баар#3:13 Халлааҥҥа баар – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар., Халлаантан түһэн кэлбит Киһи Уолуттан ураты атын ким да онно тахса сылдьыбатаҕа.
14-15 Моисей кураайы куйаарга сылдьан алтан моҕойу өрө анньан таһаарбытыныы, Киһи Уола, бары Киниэхэ итэҕэйээччи өлбөтүн, бараммат олохтонорун туһугар, үөһэ таһаарыллыахтаах. 16Таҥара бу аан дойдуну ол курдук таптаан, Бэйэтин Төрөппүт Соҕотох Уолун, Кинини итэҕэйэр ханнык баҕарар киһи өлбөтүн, бараммат олохтонорун туһугар, биэрбитэ».
17Таҥара Уолун аан дойдуну дьүүллэтэ ыыппатаҕа, аан дойду Кининэн быыһанарын туһугар ыыппыта. 18Кинини итэҕэйэр киһи дьүүллэммэт, оттон итэҕэйбэт киһи, Таҥара Төрөппүт соҕотох Уолун аатын итэҕэйбэтэх буолан, хайыы-үйэ дьүүллэнэн турар. 19Оттон дьүүл маннык: сырдык бу аан дойдуга кэлбитэ, ол гынан баран дьон хара дьайдаахтык быһыыланар буолан, сырдыктааҕар хараҥаны ордорбуттара. 20Куһаҕаны оҥорор киһи сырдыгы абааһы көрөр, куһаҕаным арыллыа диэн куттанан сырдыкка барбат; 21оттон кырдьыгынан сылдьар киһи, тугу оҥорбута барыта Таҥара эппитинэн буолара көстөрүн туһугар, сырдыкка талаһар#3:17-21Бу кэрчик эмиэ Иисус Христос этиитэ буолуон сөп..
Иисус Христос уонна Иоанн Сүрэхтээччи
22Бу кэнниттэн Иисус үөрэнээччилэрин кытта Иудея сиригэр кэлбитэ; онно кинилэрдиин бииргэ олорон дьону сүрэхтиир этэ. 23Иоанн эмиэ Салим таһынааҕы элбэх уулаах сиргэ – Еноҥҥа – сүрэхтиирэ; дьон киниэхэ кэлэн сүрэхтэнэн бараллара. (24Иоанн өссө хаайылла илигэ.)
25Ол саҕана кини үөрэнээччилэрэ иудейдары#3:25 Иудейдары – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «биир иудейы». кытта ыраастаныы сиэрин-туомун туһунан мөккүспүттэрэ. 26Кинилэр Иоаҥҥа кэлэн эппиттэрэ: «Равви! Били эйигин кытта Иордан уҥуор сылдьыбыт, эн кэрэһиттээбит Киһиҥ кэлэн сүрэхтии сылдьар, бары Киниэхэ баран эрэллэр».
27Иоанн хоруйдаабыта: «Халлаантан бэриллибэтэх буоллаҕына, киһи бэйэтэ тугу да ылсар кыаҕа суох. 28„Мин Христос буолбатахпын, Кини иннигэр ыытыллыбытым“ диэн эппиппин эһиги бэйэҕит бигэргэтэр кыахтааххыт. 29Кыыс кэпсэтиилээх киһитэ – күтүөт; оттон күтүөт доҕоро, кини аттыгар туран, доҕорун саҥатын истэн үөрэр эрэ. Ол үөрүүм билигин дьэ толору ситтэ. 30Кини улаатан, оттон мин аччаан иһиэхтээхпин».
Үөһэттэн Кэлээччи
31Үөһэттэн Кэлээччи барыларыттан үрдүк, оттон сирдээҕи сир киһитин быһыытынан сирдээҕини саҥарар; Халлаантан Кэлээччи барыларыттан үрдүк; 32Кини тугу көрбүтүн, тугу истибитин туоһулуур, арай Кини туоһулуурун ким да ылыммат. 33Кини туоһутун ылыммыт киһи Таҥара кырдьыктааҕын бигэргэтэр, 34тоҕо диэтэххэ, Таҥара Ыыппыта Таҥара тылын этэр: Таҥара Киниэхэ Тыыны кэмэ суох биэрэр. 35Аҕата Уолун таптыыр буолан, тугу барытын Киниэхэ туттарбыта. 36Уолун итэҕэйэр киһи бараммат олохтоох, оттон Уолун итэҕэйбэт киһи олоҕу көрүө суоҕа#3:27-36Бу барыта Иоанн этиитэ буолуон сөп.: Таҥара уора-кылына киниттэн үйэлэр тухары араҕыа суоҕа.
Àwon tá yàn lọ́wọ́lọ́wọ́ báyìí:
Иоанн 3: СБК
Ìsàmì-sí
Pín
Daako
Ṣé o fẹ́ fi àwọn ohun pàtàkì pamọ́ sórí gbogbo àwọn ẹ̀rọ rẹ? Wọlé pẹ̀lú àkántì tuntun tàbí wọlé pẹ̀lú àkántì tí tẹ́lẹ̀
© Институт перевода Библии, 2008-2022