1
Иоанн 3:16
Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ
Таҥара бу аан дойдуну ол курдук таптаан, Бэйэтин Төрөппүт Соҕотох Уолун, Кинини итэҕэйэр ханнык баҕарар киһи өлбөтүн, бараммат олохтонорун туһугар, биэрбитэ».
Ṣe Àfiwé
Ṣàwárí Иоанн 3:16
2
Иоанн 3:17
Таҥара Уолун аан дойдуну дьүүллэтэ ыыппатаҕа, аан дойду Кининэн быыһанарын туһугар ыыппыта.
Ṣàwárí Иоанн 3:17
3
Иоанн 3:3
«Дьиҥ кырдьыгы эйиэхэ этэбин, – диэбитэ Иисус, – киһи үөһэттэн хаттаан төрөөбөтөҕүнэ Таҥара Саарыстыбатын көрөр кыаҕа суох».
Ṣàwárí Иоанн 3:3
4
Иоанн 3:18
Кинини итэҕэйэр киһи дьүүллэммэт, оттон итэҕэйбэт киһи, Таҥара Төрөппүт соҕотох Уолун аатын итэҕэйбэтэх буолан, хайыы-үйэ дьүүллэнэн турар.
Ṣàwárí Иоанн 3:18
5
Иоанн 3:19
Оттон дьүүл маннык: сырдык бу аан дойдуга кэлбитэ, ол гынан баран дьон хара дьайдаахтык быһыыланар буолан, сырдыктааҕар хараҥаны ордорбуттара.
Ṣàwárí Иоанн 3:19
6
Иоанн 3:30
Кини улаатан, оттон мин аччаан иһиэхтээхпин».
Ṣàwárí Иоанн 3:30
7
Иоанн 3:20
Куһаҕаны оҥорор киһи сырдыгы абааһы көрөр, куһаҕаным арыллыа диэн куттанан сырдыкка барбат
Ṣàwárí Иоанн 3:20
8
Иоанн 3:36
Уолун итэҕэйэр киһи бараммат олохтоох, оттон Уолун итэҕэйбэт киһи олоҕу көрүө суоҕа: Таҥара уора-кылына киниттэн үйэлэр тухары араҕыа суоҕа.
Ṣàwárí Иоанн 3:36
9
Иоанн 3:14-15
Моисей кураайы куйаарга сылдьан алтан моҕойу өрө анньан таһаарбытыныы, Киһи Уола, бары Киниэхэ итэҕэйээччи өлбөтүн, бараммат олохтонорун туһугар, үөһэ таһаарыллыахтаах.
Ṣàwárí Иоанн 3:14-15
10
Иоанн 3:35
Аҕата Уолун таптыыр буолан, тугу барытын Киниэхэ туттарбыта.
Ṣàwárí Иоанн 3:35
Ilé
Bíbélì
Àwon ètò
Àwon Fídíò