Саалтыр 31

31
1Давид үөрэтиитэ.
Ким буруйа-сэмэтэ бырастыы гыныллыбыт,
аньыыта-харата суола суох сотуллубут, ол дьоллоох.
2Ким Айыы Тойон иннигэр аньыыта аахсыллыбатах,
албыны ис тыыныгар киллэрбэтэх, ол дьоллоох.
3Тылбыттан матан саҥата суох сылдьарым саҕана
уһун күнү быһа ынчыктыырбыттан уҥуоҕум улугурбута.
4Эн ыар илиигиттэн күннэри-түүннэри эрэйдэммитим,
чэгиэн бэйэм, сайыҥҥы курааҥҥа курдук, кэхтибитим. Села
5Дьэ онтон мин аньыыбын Эйиэхэ этиммитим,
хара дьайыыбын Эйигиттэн кистээбэтэҕим.
«Буруйбун Айыы Тойоҥҥо билиниэм», – диэбитим,
ол иһин аньыым буруйун Эн бырастыы гыммытыҥ. Села
6Онон хас биирдии бэриниилээх киһи
тоҕоостоох кэмигэр Эйиэхэ үҥүөҕэ,
оччоҕо халаан уутунуу анньан кэлэр аан алдьархай
кини олоҕор ааҥныа суоҕа.
7Эн миэхэ халыҥ хаххам буолаҕын;
Эн миигин алдьархайтан харыстыыгын,
өрүһүллүү ырыатынан тулалыыгын. Села
8«Мин эйигин өйдөтүөм, барыахтаах суолгар үөрэтиэм;
хараҕым далыгар илдьэ сылдьан сүбэлиэм.
9Уостуганнаах үүн эрэ сыһытар кыахтаах хаҥыл атын,
биитэр өһөс оселун курдук өйө суох буолумаҥ;
олору онтон атыннык сыһыппаккын».
10Хара дьайдаах киһи эрэйэ-буруйа хаҥыыр,
оттон Айыы Тойоҥҥо эрэнээччини бигэ таптал харыстыыр.
11Өрө көтөҕүллүҥ Айыы Тойонтон, үөрүҥ, кырдьыктаахтар;
өрөгөйдөөҥ бука бары, көнө сүрэхтээхтэр.

Поточний вибір:

Саалтыр 31: СБК

Позначайте

Поділитись

Копіювати

None

Хочете, щоб ваші позначення зберігалися на всіх ваших пристроях? Зареєструйтеся або увійдіть