Апостоллар 15
15
Иерусалимҥа буолбут Сүбэ Мунньах (Собор)
1Иудеяттан ханнык эрэ дьон Антиохияҕа кэлэн, итэҕэйээччилэри: «Моисей сиэрин-туомун толорон быһыллыбатаххытына, эһиги быыһанар кыаххыт суох буолуо», – диэн үөрэппиттэрэ. 2Павел да, Варнава да ону кытта сөбүлэспэккэлэр, улахан мөккүөр саҕаламмыта. Онон Павеллаах Варнаваны уонна бэйэлэриттэн хас да киһини талан, кинилэри Иерусалимҥа ыытан Апостолларга уонна пресвитердэргэ бу дьыаланы быһаартарарга сүбэлэспиттэрэ.
3Сиэркэп ыыппыт дьоно Финикиянан, Самариянан ааһан иһэн, атын омуктар итэҕэли ылыммыттарын туһунан кэпсээн, бырааттарын барыларын үөрдүбүттэрэ. 4Иерусалимҥа тиийбиттэригэр оннооҕу сиэркэп да, Апостоллар, пресвитердэр да бары үөрэ көрсүбүттэрэ; тиийбит дьон кинилэргэ Таҥара тугу оҥорбутун, атын омуктарга итэҕэл аанын тэлэччи аспытын кэпсээбиттэрэ.
5Онуоха фарисейдар бөлөхтөрүттэн итэҕэйбит дьон туран: «Итэҕэйбит омук дьоно быһыллыах тустаахтар; кинилэртэн Моисей Сокуонун тутуһалларын ирдэниллиэхтээх», – диэбиттэрэ.
6Апостоллар уонна пресвитердэр бу дьыаланы дьүүллэһээри мустубуттара. 7Уһун быһаарсыы кэнниттэн Петр туран эппитэ: «Бырааттарым! Омук дьоно Евангелиены миигиттэн истэн итэҕэли ылыналларын туһугар, Таҥара хара маҥнайгыттан миигин эһигиттэн талан ылбытын билэҕит. 8Киһи сүрэҕин курдат билэр Таҥара син биир биһиэхэ курдук кинилэргэ эмиэ Сибэтиэй Тыыны бэлэхтээн, кинилэри ылынарын көрдөрбүтэ. 9Сүрэхтэрин итэҕэлинэн ыраастаабыт буолан, кинилэри да, биһигини да туох да диэн араарбатаҕа. 10Оччотугар эһиги тоҕо өбүгэлэрбит да, бэйэбит да кыайан көтөхпөтөх бурҕалдьыбытын үөрэнээччилэргэ кэтэрдэн, Таҥараны үтэн-анньан көрөҕүт? 11Биһиги эмиэ кинилэр курдук Иисус Христос Айыы Тойон үтүөтүнэн быыһанарбытын итэҕэйэбит».
12Онуоха мунньах бүтүннүү ах барбыта. Бары чуумпуран олорон, Варнавалаах Павел кэпсээннэрин – Таҥара омук дьонугар кинилэринэн көрдөрбүт дьиктилэрин, сөҕүмэр бэлиэлэрин туһунан – истибиттэрэ.
Иаков тыл этиитэ
13Кэпсээн бүппүттэрин кэннэ тылы Иаков ылбыта: «Бырааттарым! Аны миигин истиҥ. 14Таҥара Бэйэтин аатыгар омуктартан норуот талан, кинилэргэ үтүө кыһамньытын көрдөрбүтүн Симон быһааран биэрдэ. 15Пророктар этиилэрэ эмиэ итиннэ сөп түбэһэр; Суруйууларга этиллэр: 16„Кэлин эргиллэн кэлэммин, Давид сууллубут дьиэтин хат туруоруом, урусхал быыһыттан таһааран, чөлүгэр түһэриэм. 17Оччоҕо атыттар, Мин ааппын истибит норуоттар бары Айыы Тойону көрдүүр буолуохтара, – диир Айыы Тойон, маны барытын Оҥорооччу“. 18Бу туһунан былыр-былыргыттан биллэрбит Таҥара этиитэ итинник.
19Онон Таҥараҕа хайыһан эрэр омук дьонугар туорайдаспат сөп дии саныыбын. 20-21Биһиги кинилэргэ сурукта суруйуоҕуҥ. Моисей Сокуона былыр-былыргыттан хас куорат аайы үөрэтиллэрин, субуота ахсын синагогаларга ааҕылларын быһыытынан, эһиги эмэгэт таҥараларга сиэртибэлэнэн киртийбит астан, содур быһыыттан, муомахтанан өлбүт кыыл-сүөл этиттэн, хаантан туттунуҥ, тугу бэйэҕитигэр баҕарбаккытын атыттарга оҥорумаҥ#15:20-21, 29 Тугу бэйэҕитигэр баҕарбаккытын атыттарга оҥорумаҥ – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар. диэҕиҥ».
Апостоллар суруктара
22Апостоллар уонна пресвитердэр сиэркэби бүтүннүүтүн кытта сүбэлэһэн, бэйэлэрин ортолоруттан хас да киһини талан Павеллаах Варнаваны кытта Антиохияҕа ыытарга быһаарбыттара. Онон бырааттары салайар дьону – Варсава диэн ааттаах Иуданы уонна Силаны – талан, 23маннык суругу ыыппыттара:
«Антиохияҕа, Сирияҕа, Киликияҕа баар омук бырааттарбытыгар Апостоллартан, пресвитердэртэн уонна бырааттаргытыттан эҕэрдэ.
24Биһиги кэккэбититтэн тахсыбыт сорох дьон биһигиттэн туох да ыйыы-кэрдии ылбакка эрэ, „эһиги быһыллыы сиэрин-туомун толоруохтааххыт, Сокуону тутуһуохтааххыт“#15:24 Эһиги быһыллыы сиэрин-туомун толоруохтааххыт, Сокуону тутуһуохтааххыт – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар. диэн симитиннэрэн санааҕытын түһэрбиттэрин иһиттибит. Онон бары түмсэн сүбэлэһэммит, 25биир санаанан хас да киһини талан, таптыыр бырааттарбытын Варнавалаах Павелы кытта эһиэхэ ыытарга быһаардыбыт. 26Кинилэр Айыы Тойоммут Иисус Христос аатын туһугар олохторун да харыстаабат дьон. 27Онон Иудалаах Силаны эһиэхэ ыытабыт, кинилэр бу маны быһааран биэриэхтэрэ. 28Сибэтиэй Тыын да, биһиги да быһаарыыбытынан, уһулуччу суолталаахтан атын тугу да эһиэхэ сүктэрбэт сөп. Онон 29эмэгэттэргэ сиэртибэлэммит астан, хаантан, муомахтаммыт сүөһү этиттэн туттунуҥ, содурдук быһыыланымаҥ, бэйэҕитигэр баҕарбаккытын атыттарга оҥорумаҥ. Маны тутуһар буоллаххытына, бэрт сөпкө гынаҕыт. Этэҥҥэ буолуҥ».
30Онон, ыыппыт дьонноро Антиохияҕа тиийэн, дьону мунньан, суругу туттарбыттара. 31Суругу ааҕан баран, анарааҥҥылар сүбэ-ама ылан үөрбүттэрэ. 32Иудалаах Сила бэйэлэрэ эмиэ пророк дьон быһыытынан, бырааттарын өйдөтөн, күүстэрин бөҕөргөтөн бэрт элбэҕи кэпсээбиттэрэ. 33Манна балай да сылдьа түспүттэрин кэннэ, бырааттара кинилэри ыыппыт дьонноругар төттөрү эйэни кытта атаарбыттара. 34Ол эрээри Сила манна хааларга быһаарыммыта. Иуда Иерусалимҥа төннүбүтэ#15:34Сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу кэрчик суох..
35Павеллаах Варнава Антиохияҕа олорон, үгүс атын дьону кытта Айыы Тойон тылын үөрэппиттэрэ, бар дьоҥҥо иһитиннэрбиттэрэ.
Павеллаах Варнава арахсаллар
36Төһө эрэ кэм ааспытын кэннэ, Павел Варнаваҕа: «Төннөммүт Айыы Тойон тылын иһитиннэрбит куораппыт аайы бырааттарбытыгар тааарыйан ааһыахха, хайдах олороллорун көрүөххэ», – диэн тыл киллэрбитэ. 37Варнава буоллаҕына Марк диэн ааттаах Иоанны эмиэ илдьэ барыан баҕарара. 38Ол эрээри Павел кинилэри Памфилияҕа хаалларан араҕан барбыт, үлэлэрин салҕаспатах киһини илдьэ барбат санаалааҕа. 39Онтон сылтаан хомойсуу тахсан тус-туспа барбыттара: Варнава Маркы илдьэ Кипргэ устубута, 40оттон Павел Силаны талан ылан, бырааттара кинини Таҥара#15:40 Таҥара – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «Айыы Тойон». үтүө кыһамньытыгар туттарбыттарыгар, айаҥҥа туруммута. 41Кинилэр иккиэн Сирия уонна Киликия устун сиэркэптэри бөҕөргөтө испиттэрэ.
Zvasarudzwa nguva ino
Апостоллар 15: СБК
Sarudza vhesi
Pakurirana nevamwe
Sarudza zvinyorwa izvi
Unoda kuti zviratidziro zvako zvichengetedzwe pamidziyo yako yose? Nyoresa kana kuti pinda
© Институт перевода Библии, 2008-2022