Апостоллар 16
16
Павеллаах Силаҕа Тимофей холбоһор
1Онтон Павел Дербанан Листраҕа тиийбитэ; онно биир Тимофей диэн ааттаах үөрэнээччи баара. Кини ийэтэ итэҕэйэр иудей дьахтара, аҕата грек этэ. 2Листраҕа да, Иконийга да баар биир итэҕэллээхтэрэ Тимофей туһунан үчүгэйи эрэ этэллэрэ. 3Павел кинини илдьэ барыан баҕарбыта, онон, аҕата грек буоларын олохтоох иудейдар билэллэрин иһин, киниэхэ быһыы сиэрин-туомун оҥорбута. 4Кинилэр куораттары кэрийэ сылдьан, итэҕэйээччилэри Апостоллар уонна пресвитердэр Иерусалимҥа ылыммыт быһаарыныыларын бигэтик тутуһуҥ диэн өйдөтөллөрө. 5Сиэркэптэр, итэҕэллэрэ бөҕөргөөн, күннэтэ ахсааннара элбээн испитэ.
Павелы Македонияҕа ыҥырыы
6Кинилэр Фригиянан уонна Галатия дойдутунан ааспыттара; Таҥара тылын Асияҕа үөрэтэллэрин Сибэтиэй Тыын көҥүллээбэтэҕэ. 7Мисия кыраныыссатыгар тиийэн баран Вифинияҕа ааһарга холонон көрбүттэрэ да, Тыын#16:7 Тыын – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «Иисус Тыына». эмиэ көҥүллээбэтэҕэ. 8Онон, Мисияны ааһан, Троадаҕа барбыттара.
9Арай Павел түүн көрүү көрдөҕүнэ, биир Македония киһитэ: «Македонияҕа кэлэн биһиэхэ көмөлөс!» – диэн ааттаһа турара. 10Киниэхэ бу көстөөтүн, биһиги Айыы Тойон Евангелиены иһитиннэрэргэ ыҥырда диэн түмүккэ кэлэн, сонно Македониялыырга быһаарыммыппыт.
Филиппыга кэлии
11Онон Троадаттан уунан устан, быһа Самофракия арыыга тиийэн баран нөҥүө күнүгэр Неапольга аттаммыппыт, 12онтон Филиппыга тиийбиппит. Филиппы – Рим холуонньата, Македония уобалаһын киин куората. Бу куоракка биһиги хас да күн буолбуппут. 13Субуота күн куораттан тахсан, өрүс кытылыгар, иудейдар үгэстэринэн бииргэ түмсэн үҥэр сирдэригэр#16:13 Иудейдар үгэстэринэн бииргэ түмсэр үҥэр сирдэригэр – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «биһиги быһа холоон сэрэйбит сирбитигэр»., тиийбиппит. Онно олорон мустубут дьахталлары кытта кэпсэппиппит. 14Фиатира куораттан сылдьар, күндү кыһыл таҥаһынан эргинэр Лидия, Таҥараны ытыктыыр дьахтар, биһиги кэпсэтэрбитин иһиллээн олорбута. Айыы Тойон Лидия сүрэҕин арыйан биэрэн, кини Павел этэрин бэркэ болҕойон истибитэ. 15Онтон бэйэтэ да, дьиэтин дьоно да бары сүрэхтэммиттэрин кэннэ, биһигиттэн: «Миигин Айыы Тойоҥҥо эрэллээх диэн билиммит буоллаххытына, мин дьиэбэр олоруҥ», – диэн көрдөһөн тылын ылыннарбыта.
Павеллаах Сила хаайыллаллар
16Биирдэ биһиги үҥэр сиргэ баран иһэммит, көрбүөччүлүүр тыыҥҥа буулаппыт, инникини этэн биэрэн тойотторугар баһаам барыһы киллэрэр чаҕар кыыһы көрсө түспүппүт. 17Кини Павелы уонна биһигини батыһа сылдьан: «Бу дьон Үрдүктэн Үрдүк Таҥара кулуттара! Кинилэр биһиэхэ#16:17 Биһиэхэ – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «эһиэхэ». быыһанар суолу иһитиннэрэллэр!» – диэн хаһыытыыра. 18Хас да күнү быһа кэлиилии кэппитигэр абаран, Павел кэннин хайыһан туран, тыыҥҥа: «Иисус Христос аатынан эйигин киниттэн таҕыс диэн соруйабын!» – диэбитэ. Сонно куһаҕан тыын тахсан барбыта. 19Барыс киллэринэр эрэллэрэ сүппүтүн көрөн, кыыс хаһаайыттара Павеллаах Силаны тутан ылан, куорат болуоссатыгар тойотторго илдьибиттэрэ. 20Куорат дьаһалтатыгар аҕалан: «Бу дьон иудей эрээрилэр, биһиги куораппытын аймыыллар, – диэн үҥсүбүттэрэ. – 21Кинилэр биһиги, Рим дьоно, ылыныа да, толоруо да суохтаах сиэрбитин-туоммутун тарҕаталлар».
22Норуот эмиэ Павеллаах Силаҕа утары буолбута. Куорат тойотторо кинилэри таҥастарын ньылбы тартаран баран тайаҕынан таһыйалларыгар дьаһайбыттара. 23Иккиэннэрин үлтү сынньан баран, хаайыыга бырахпыттара, харабылга кытаанахтык маныырыгар дьаһал биэрбиттэрэ. 24Оннук дьаһалы ылан, харабыл кинилэри түгэх түрмэҕэ укпута, атахтарыгар мас адаҕа кэтэрдибитэ.
Павеллаах Сила дьиктитик быыһаныылара
25Түүн үөһүн саҕана Павеллаах Сила Таҥараҕа үҥэн айхал ырыаларын ыллаабыттара; атын хаайыылаахтар бары кинилэр ыллыылларын истэн олорбуттара. 26Эмискэ күүстээх сир хамсааһына буолан, хаайыы төрдүттэн түөрэҥнээбитэ; сонно ааннар бары тэлэллэ түспүттэрэ, хаайыылаахтар хандалылара төлүтэ барбыттара. 27Хаайыы харабыла уһуктан, ааннар бары аһаҕастарын көрөн, хаайыылаахтар күрээбиттэр дии санаан болотун хаба тардан ылан, бэйэтигэр тиийинээри гыммыта. 28Ону көрөн Павел: «Куһаҕаны оҥостума, биһиги бары баарбыт!» – диэн хаһыытыы түспүтэ.
29Харабыл уот аҕалтаран баран, Павеллаах Силаҕа сүүрэн киирбитэ уонна тип-титирэс буола долгуйан, иннилэригэр сөһүргэстии түспүтэ. 30Онтон кинилэри таһаартаан баран: «Тойотторуом! Быыһанар туһугар тугу гынабын?» – диэн ыйыппыта.
31Кинилэр эппиттэрэ: «Айыы Тойон Иисус Христоһу итэҕэй, оччоҕо бэйэҥ да, дьиэҥ дьоно да бары быыһаныаххыт». 32Уонна киниэхэ, кини дьиэтин кэргэттэригэр бука барыларыгар Айыы Тойон тылын иһитиннэрбиттэрэ. 33Харабыл сонно түүн кинилэри хаайыыттан таһааран баастарын сууйан баран, дьиэтин кэргэттэрин кытта бииргэ сүрэхтэммитэ. 34Кини Павеллаах Силаны дьиэтигэр аҕалан күндүлээбитэ, бэйэтэ да, дьоно да бары Таҥараны итэҕэйбиттэриттэн үөрбүттэрэ-көппүттэрэ.
35Сарсыарда куорат салалтата киниэхэ үлэһиттэрин ыытан: «Били дьону босхолоо», – диэн илдьиттээбитэ. 36Хаайыы харабыла Павелга илдьити тиэрдибитэ: «Тойоттортон дьаһал кэллэ. Эһигини босхолуур үһүбүн. Онон тахсан эйэни кытта барыҥ».
37Ол эрээри Павел кэлбит дьоҥҥо эппитэ: «Биһигини, Рим гражданнарын#16:37 Рим гражданнара – Рим империятыгар олорор дьон сороҕо эрэ Рим гражданинын үрдүк быраабынан туһанара. Кинилэргэ элбэх чэпчэтии, быраап көрүллэрэ, кинилэри кырбыыр, накаастыыр, тиирэн өлөрөр бобуллара., бар дьон көрөн турдаҕына, туох да суута суох кырбаан хаайыыга бырахпыттара. Итиэннэ билигин кэлэн ким да билбэтинэн киэр утаараары гыналлар дуо? Оннук эрэ буолуо суоҕа! Бэйэлэрэ кэлэн таһаардыннар».
38Үлэһиттэрэ бу тылы тириэрдибиттэригэр, анарааҥҥылар Павеллаах Сила Рим гражданнара буолалларын истэн, улаханнык куттаммыттара. 39Онон бэйэлэринэн кэлэн бырастыы гынарга көрдөһөн баран, хаайыыттан таһаарбыттара уонна куораттан баралларыгар көрдөспүттэрэ. 40Кинилэр хаайыыттан тахсан, Лидия дьиэтигэр тиийбиттэрэ. Онно бырааттарын көрсөн санааларын көтөҕөн баран, салгыы айаннаабыттара.
Zvasarudzwa nguva ino
Апостоллар 16: СБК
Sarudza vhesi
Pakurirana nevamwe
Sarudza zvinyorwa izvi
Unoda kuti zviratidziro zvako zvichengetedzwe pamidziyo yako yose? Nyoresa kana kuti pinda
© Институт перевода Библии, 2008-2022