Апостоллар 13
13
Варнавалаах Павелы сорукка ыытыы
1Антиохиятааҕы сиэркэпкэ пророктар уонна үөрэтээччилэр бааллара: Варнава, Нигер диэн хос ааттаах Симон, Киринеяттан төрүттээх Луций, Ирод#13:1 Ирод – Ирод Антипа. ыраахтааҕылыын бииргэ иитиллибит Манаил уонна Савл. 2Кинилэр Айыы Тойоҥҥо сулууспалыы, постана сылдьар кэмнэригэр Сибэтиэй Тыын эппитэ: «Мин ыҥырар дьыалабын толороллоругар Варнавалаах Савлы иккиэннэрин туспа арааран ылыҥ». 3Онон постанан туран үҥэн, иккиэннэригэр илиилэрин ууран баран, айаҥҥа атаарбыттара.
4Сибэтиэй Тыын сорукка ыыппыт дьоно – Варнавалаах Савл, Селевкияҕа барбыттара, онтон Кипргэ устубуттара; 5Саламиҥҥа сылдьан, иудейдар синагогаларыгар Таҥара тылын иһитиннэрбиттэрэ; Иоанн көмөлөһөөччү буолан, кинилэри кытта бииргэ сылдьыбыта.
6Арыыны бүтүннүүтүн кэрийэн баран, Пафоска тиийэн биир сымыйа пророгу, Вариисус диэн хомуһуннаах иудей киһитин, көрсө түспүттэрэ. 7Кини Сергий Павел диэн проконсулу – улахан өйдөөх киһини – кытта сылдьара. Сергий Павел Варнавалаах Савлы ыҥыртаран ылан, Таҥара тылын истиэн баҕарбыта.
8Аптаах Элима (бу аат суолтата «аптаах» диэн) уобалас баһылыгын итэҕэлтэн тэйитээри кинилэргэ туорайдаһа сатаабыта. 9Савл (Павел), Сибэтиэй Тыынынан туолан, кинини утары көрөн туран, эппитэ: 10«Араас албынынан, хара дьайынан туолбут адьарай уола, кырдьык өстөөҕө! Айыы Тойон көнө суолуттан туората сатыыргын хаһан тохтотоҕун? 11Көр бу, Айыы Тойон эйиэхэ илиитин көтөҕөр: эн, кэмэ кэлиэр диэри, хараҕа суох буолуоҥ, күн сырдыгыттан матыаҥ».
Сонно Элима им балай хараҥаҕа саба бүрүйтэрэн, сирдьит көрдөөн эргичиҥнии түспүтэ. 12Уобалас баһылыга, маны көрөн, Айыы Тойон үөрэҕин сөҕөн, итэҕэли ылыммыта.
Писидия Антиохиятыгар
13Пафостан уунан айаннаан, Павел аргыстарыныын Памфилия Пергатыгар кэлбиттэрэ. Манна Иоанн, кинилэртэн арахсан, Иерусалимҥа төннүбүтэ. 14Кинилэр, Пергаттан салгыы айаннаан, Писидия Антиохиятыгар тиийэн, субуота күн синагогаҕа киирэн олорбуттара. 15Сокуонтан уонна Пророктартан ааҕан баран, синагога салайааччылара кинилэргэ дьон ыытан: «Бырааттарбыт, норуокка этэрдээх-үөрэтэрдээх буоллаххытына, тылла этиҥ», – диэн илдьиттээбиттэрэ.
16Павел, туран илиитинэн бэлиэ биэрэн баран, эппитэ: «Израиль дьоно уонна Таҥараны ытыктааччылар бука бары, истиҥ! 17Израиль норуотун Таҥарата биһиги өбүгэлэрбитин талан ылан баран, өссө Египеккэ олордохторуна, кинилэри өрө тутан, күүстээх илиитинэн ол сиртэн сиэтэн таһаарбыт. 18Кини норуоту, Египеттэн таһааран баран, кураайы куйаарга түөрт уонча сыл устата аһатан-сиэтэн илдьэ сылдьыбыт, 19онтон Ханаан сиригэр олорор сэттэ норуоту имири эһэн баран, сирдэрин Израиль дьонугар үллэрэн биэрбит. 20Бу кэнниттэн, түөрт сүүс биэс уон сыл кэриҥэ ааспытын кэннэ, кинилэргэ Самуил пророкка тиийэ араас судьуйалары биэртэлээбит. 21Онтон өбүгэлэрбит ыраахтааҕы көрдөөбүттэригэр, Таҥара кинилэргэ ыраахтааҕыны – Вениамин аҕатын ууһуттан төрүттээх Кис уолун Саулу – биэрбит. Ити курдук түөрт уон сыл ааспыт. 22Таҥара кэлин, Саулу туоратан баран, ыраахтааҕынан Давиды аныырыгар кини туһунан маннык туоһулаан эппит: „Мин сүрэҕим сөбүлүүр киһитин, Иессей уолун Давиды, буллум, онон тугу соруйбуппун барытын кини толоруо“. 23Таҥара эрэннэрбитин толорон, Израилы Быыһааччыны – Иисуһу – Давид удьуордарыттан таһаарбыта. 24Кини кэлиэн аҕай иннинэ, Иоанн Израиль норуотун бүтүннүүтүн аньыыны билинии бэлиэтигэр сүрэхтэнэргэ ыҥырбыт. 25Иоанн суолун түмүктүүрүгэр: „Эһиги миигин ким буолуо дии саныыгытый? – диэбит. – Мин эһиги кэтэһэргититтэн атыммын. Кини мин кэннибиттэн кэлэн иһэр, мин Кини атаҕын таҥаһын быатын да сүөрэргэ сөбө суохпун“.
26Бырааттарым, Авраам удьуордара уонна Таҥараҕа сүгүрүйэр атын да дьон! Бу быыһабыл туһунан илдьит эһиэхэ ыытылынна. 27Иерусалим олохтоохторо уонна тойотторо Кинини, билбэккэлэр, хас субуота аайы ааҕыллар Пророктар тылларыгар хайдах этиллибитэй да, сол курдук дьүүллээбиттэрэ. 28Өлөрөргө төрүөт буолар ханнык да буруйу булбаккалар, Кинини өлөрөрүгэр Пилаттан көрдөспүттэрэ. 29Суруйууларга этиллибити барытын толорон баран, Кинини кириэстэн устан хоруопка сытыарбыттара. 30Ол эрээри Таҥара Кинини өлөр өлүүттэн тилиннэрбитэ. 31Иисус Галилеяттан Иерусалимҥа Кинини кытта бииргэ кэлсибит дьоҥҥо – билигин норуокка Кини туһунан туоһулааччыларга – элбэх күн устата көстүбүтэ.
32Биһиги эмиэ эһиэхэ үөрүүлээх илдьити иһитиннэрэбит: Таҥара биһиги өбүгэлэрбитигэр эрэннэрбит тылын толордо, биһиэхэ, кинилэр удьуордарыгар, Иисуһу тилиннэрдэ. 33Бу туһунан иккис псаломҥа „Эн Миэхэ Уолум буолаҕын, бүгүн Мин Эйиэхэ Аҕа буоллум“ диэн этиллэр. 34Оттон Кинини өлүүттэн тилиннэрэн, Кини этэ-сиинэ симэлийэн сүппэтин туһунан „Давидка биэриэх буолан эрэннэрбит үтүө суолларбын эйиэхэ экчи биэриэм“ диэн этэр. 35Ол иһин атын псаломҥа „Сибэтиэйгин ииҥҥэ симэлитиэҥ суоҕа“ диэн этии эмиэ баар.
36Давид бэйэтин кэмигэр Таҥара соруйбут соругун толорон баран, уһун уутун утуйбута; уҥуоҕа өбүгэлэрин аттыгар хараллан, сири кытта сир буолбута. 37Оттон Иисуһу Таҥара өлөр өлүүттэн тилиннэрбитэ, онон Кини кэхтиини билбэтэҕэ.
38Бырааттарыам, эһиги аньыыгыт-буруйгут Кини туһугар бырастыы буоларын билиэх тустааххыт. 39Кинини итэҕэйэр ханнык баҕарар киһи Моисей Сокуона кыайан босхолооботох туох баар аньыытыттан-буруйуттан Кини көмөтүнэн босхолонор. 40-41Пророктар: „Көрүҥ бу, күлүү-элэк оҥостооччулар! Бэркиһээбитинэн сүтүҥ, дьүгэлийиҥ! Кэпсээбиттэрин да иһин итэҕэйбэт суолгутун Мин эһиги үйэҕитигэр оҥоробун“, – диэн эппиттэрэ. Онон кинилэр эппит тыллара эһиэхэ тиийбэтин туһугар, сэрэнэн сылдьыҥ».
42Иудей синагогатыттан#13:42 Иудей синагогатыттан – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «синагогаттан». тахсан истэхтэринэ, омуктар кинилэртэн, аныгыскы субуотаҕа эмиэ кэлэн, бу туһунан кэпсииллэригэр көрдөспүттэрэ. 43Мустубут дьон тарҕаспытын кэннэ, үгүс иудейдар уонна иудей итэҕэлин ылынан Таҥараҕа сүгүрүйэр омук дьоно Павеллаах Варнаваны кэннилэриттэн батыһан барбыттара. Апостоллар, кинилэри кытта кэпсэтэн, Таҥара илгэлээх үтүөтүгэр бас бэринэн олоруҥ диэн, үөрэппиттэрэ-өйдөппүттэрэ.
44Аныгыскы субуотатыгар куорат барыта кэриэтэ Таҥара тылын#13:44 Таҥара тылын – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «Айыы Тойон тылын». истээри тоҕуоруспута. 45Норуот мустубутун көрөн, иудейдар ордук санааннар, тыл быраҕан, үөҕэн, Павел этэрин барытын утарсан барбыттара. 46Павеллаах Варнава чаҕыйбатахтара: «Биһиги Таҥара тылын бастакынан эһиэхэ тиэрдиэхтээх этибит. Ону киэр анньар, бараммат олоххо тиксэргитин бэйэҕитигэр сөбө суох диир буоллаххытына, бу тылы атын омуктарга иһитиннэрэр буолуохпут. 47Айыы Тойон биһиэхэ: „Эн сир уһуктарыгар тиийэ быыһабылы аҕаларыҥ туһугар, Мин Эйигин бары омуктарга сыдьаайар сырдык оҥордум“, – диэн кэс тылын этэн турар».
48Омук дьоно, маны истэн үөрэн-көтөн, Айыы Тойон тылын айхаллаан, бараммат олоххо анаммыт өттүлэрэ бары итэҕэйбиттэрэ.
49Айыы Тойон тыла дойду бүттүүнүн устун тэнийэн-тарҕанан испитэ. 50Ол эрээри иудейдар, таҥараһыт баай дьахталлары, куорат бас-көс дьонун кучуйан, Павеллаах Варнаваны, сойуолатан, бэйэлэрин сирдэриттэн үүрдэрэн кэбиспиттэрэ. 51Павеллаах Варнава буоллаҕына, атахтарын быылын тэбээн баран, Иконияҕа барбыттара. 52Оттон үөрэнээччилэр бары, Сибэтиэй Тыынынан туолан, үөрэ-көтө сылдьыбыттара.
Zvasarudzwa nguva ino
Апостоллар 13: СБК
Sarudza vhesi
Pakurirana nevamwe
Sarudza zvinyorwa izvi
Unoda kuti zviratidziro zvako zvichengetedzwe pamidziyo yako yose? Nyoresa kana kuti pinda
© Институт перевода Библии, 2008-2022