Mufananidzo weYouVersion
Mucherechedzo Wekutsvaka

Апостоллар 12

12
Петр хаайыыттан дьиктитик босхолонуута
1Ол саҕана Ирод ыраахтааҕы күөмчүлээн, сиэркэп сорох дьонун сойуолаһан барбыта. 2Кини Иоанн быраатын Иаковы болотунан кэртэрэн өлөртөрбүтэ. 3Иудейдар санаалара көнньүөрбүтүн көрөн, Петры эмиэ хаайбыта. Бу Көтөхтөрүүтэ суох Килиэп бырааһынньыгын саҕана этэ. 4Кини Петры, туттаран, хаайыыга уктарбыта уонна Паасха кэнниттэн норуот иннигэр дьүүлгэ таһаараары, түөртүү киһилээх түөрт симиэнэ харабылы туруоран, маныырга дьаһайбыта. 5Петр хааллан олорор кэмигэр сиэркэп, кыһаллан туран, кини туһугар Таҥараҕа үҥпүтэ.
6Ирод кинини дьүүллүү таһаарыахтаах күнүн иннинээҕи түүн Петр, икки буойун ыккардыгар икки сыабынан бохсуллан, утуйа сыппыта, харабыллар ааҥҥа манаан тураллара. 7Эмискэ Айыы Тойон Аанньала баар буолбута, хаайыы иһигэр сырдык сыдьаайбыта. Аанньал Петры өттүккэ анньан уһугуннаран баран: «Тура оҕус», – диэбитэ. Петр илиитин бохсубут сыаптар төлө барбыттара.
8«Кургун баан, атаххын кэт», – диэбитэ Аанньал.
Петр кини эппитин толорбута. Онтон Аанньал: «Таҥнан миигин батыс», – диэбитэ.
9Аанньал тугу гынара дьиҥнээҕин-дьиҥэ суоҕун билбэккэ эрэ, көннөрү көстүү эрэ быһыылаах диэн саныы-саныы, Петр тахсан батыһан испитэ. 10Бастакы икки харабылы ааһан, куоракка тахсар тимир ааҥҥа тиийэн кэлбиттэригэр аан бэйэтэ аһылла биэрбитэ. Тахсан куорат биир уулуссатын ааһалларын кытта, Аанньал эмискэ суох буолан хаалбыта.
11Дьэ онно Петр өйдөнөн кэлбитэ: «Билигин чахчы көрдүм: Айыы Тойон Аанньалын ыытан, миигин Ирод илиититтэн уонна иудей норуота эрэммит былаҕайыттан быыһаан ылла».
12Тула өттүн көрүнэн баран, кини Марк диэн ааттаах Иоанн ийэтэ Мария дьиэтигэр элбэх киһи мустан үҥэ олороругар тиийбитэ. 13Петр олбуор аанын тоҥсуйбутугар Рода диэн дьиэ үлэһитэ кыыс ким кэлбитин билэ тахсыбыта. 14Кыыс Петр куолаһын билэн, үөрүүтүттэн олбуор аанын да аспакка, дьиэҕэ төттөрү сүүрэн киирэн: «Таһырдьа Петр турар!» – диэбитэ.
15Онуоха анарааҥҥылар: «Өй-мэй буолбуккун ээ», – дэспиттэрэ. Кыыс эппитин этэ турбута. «Аанньала сылдьар эбит», – диэбиттэрэ онуоха.
16Петр тохтообокко тоҥсуйа турбута. Ааны дьэ аһан, кинини көрөн бары олус соһуйбуттара. 17Кини саҥарымаҥ диэн илиитинэн бэлиэ биэрэн баран, Айыы Тойон хайдах кинини хаайыыттан таһаарбытын кэпсээбитэ итиэннэ: «Бу туһунан Иаковка уонна бырааттарбытыгар иһитиннэрээриҥ», – диэт, тахсан атын сиргэ барбыта.
18Сарсыарда, Петр мэлийэн, буойуннар аймалҕан бөҕө буолбуттара. 19Ирод, Петры көрдөөн булбакка, харабыллары, доппуруостаан баран, өлөрөргө уурбута. Бу кэнниттэн кини Иудеяттан Кесарияҕа баран олорбута.
Ирод өлүүтэ
20Ирод Тирдээх Сидон олохтоохторугар улаханнык уордайбыта. Кинилэр аһы-үөлү ыраахтааҕы уобалаһыттан ылар буолан, бары биир санаанан киниэхэ тиийбиттэрэ уонна үрдүкү үлэһитин, Власты, бэйэлэрин диэки тардан, эйэлэһэргэ көрдөспүттэрэ.
21Болдьохтоох күнүгэр Ирод ыраахтааҕылыыр таҥаһын кэтэн, торуонугар олорон баран, олохтоохторго тыл эппитэ. 22«Бу киһи этиитэ буолбатах, Таҥара этиитэ!» – диэн норуот саҥа аллайа турбута. 23Таҥара албан аатын бэйэтигэр ылыммытын иһин, сонно Айыы Тойон Аанньала ыарыынан сууһаран, Ирод чиэрбэҕэ быһа сиэтэн өлбүтэ.
24Таҥара тыла улам үүнэн, тарҕанан-тэнийэн испитэ. 25Варнавалаах Савл соруктарын толорон, Марк диэн ааттаммыт Иоанны илдьэ Иерусалимтан Антиохияҕа төннүбүттэрэ.

Zvasarudzwa nguva ino

Апостоллар 12: СБК

Sarudza vhesi

Pakurirana nevamwe

Sarudza zvinyorwa izvi

None

Unoda kuti zviratidziro zvako zvichengetedzwe pamidziyo yako yose? Nyoresa kana kuti pinda