Akara Njirimara YouVersion
Akara Eji Eme Ọchịchọ

Эсфирь 5

5
Эсфирь ыраахтааҕыттан көрдөһөр
1Үһүс күнүгэр Эсфирь, сарыыссалыы таҥнан, дыбарыас ис олбуоругар ыраахтааҕы дьиэтин иннигэр киирэн турбута. Ити кэмҥэ ыраахтааҕы дыбарыас аанын утары бүрүстүөлүгэр олороро.
2Кини тиэргэҥҥэ кэлэн турар Эсфирь сарыыссаны ис-иһиттэн манньыйа көрөн, тутан олорор кыһыл көмүс торуоскатын киниэхэ утары ууммута. Эсфирь чугаһаан кэлэн, торуоска уһугун илиитинэн таарыйбыта.
3«Хайа, Эсфирь сарыысса, эн туох кыһалҕалаах кэллиҥ? – диэн ыйыппыта ыраахтааҕы. – Туох көрдөһүүлээххиний? Саарыстыбам аҥаарын да көрдөөтөххүнэ, эйиэхэ барыта бэриллиэҕэ».
4Эсфирь эппитэ: «Күн ыраахтааҕы, сөбүлэһэр буоллаҕына, бүгүн мин ыраахтааҕыга анаан тэрийэр малааһыммар Аманы кытта бииргэ кэлэ сырыттын».
5«Аманы түргэнник ыҥыра охсуҥ! – диэбитэ ыраахтааҕы. – Эсфирь эппитинэн буоллун!»
Онон ыраахтааҕы Эсфирь бэлэмнээбит малааһыныгар Аманы кытта тиийэн кэлбитэ. 6Арыгы иһэ олордохторуна, кини Эсфирьтэн: «Эн туохха баҕара саныыгыный? – диэн ыйыппыта. – Ол барыта эйиэхэ бэриллиэ. Онон туох көрдөһүүлээххиний? Баҕар, саарыстыбам аҥаарын да ыйыт – баҕарбытыҥ барыта туолуо».
7«Мин көрдөһөбүн-ааттаһабын, – диэн хоруйдаабыта киниэхэ Эсфирь, – 8өскөтүн ыраахтааҕы миэхэ үтүөтүк сыһыаннаһан мин көрдөһөрбүн оҥоруон, мин ааттаһарбын толоруон баҕарар буоллаҕына, сарсын Аманы кытта бииргэ кэлэн, мин кинилэргэ тэрийэр малааһыммар сырыттын. Дьэ онно мин ыраахтааҕыга этиэҕим».
Аман Мардохейы өлөрөргө сананар
9Ити күн Аман малааһынтан үөрэн-көтөн, санаата улаханнык көнньүөрэн тахсыбыта. Ол иһэн ыраахтааҕы дыбарыаһын олбуорун аанын аттыгар үлэлии олорор Мардохей кини иннигэр турбатаҕыттан, туруохтааҕар дьөрү ымыттан да көрбөтөҕүттэн улаханнык кыыһырбыта эрээри, 10уордайбыт санаатын кыана туттубута.
Дьиэтигэр тиийэн доҕотторун уонна ойоҕун Зереһы ыҥыртаран ылан, 11кини Аман, хайдах курдук аатыран-сураҕыран, байан-тайан сылдьарын, элбэх уолаттардааҕын, ыраахтааҕы кинини улуутутан, атын үрдүк сололоохторуттан, чугас үлэһиттэриттэн өрө тутарын – кэпсээн барбыта. 12«Аны итини таһынан, – диэбитэ Аман, – бэл Эсфирь сарыысса малааһын тэрийэн баран, онно ыраахтааҕыны кытта атын кими да буолбатах, миигин ыҥырда эбээт! Сарсын эмиэ ыраахтааҕыны кытта киниэхэ барар ыҥырыылаахпын. 13Дьэ ол эрээри ыраахтааҕы олбуорун аттыгар ити Мардохей иудей олорорун көрөрүм тухары мин бу үөрүүм кэрэгэй».
14Онуоха ойоҕо Зерешь уонна доҕотторо бука бары сүбэлээн, киниэхэ эппиттэрэ: «Эн биэс уон тоҕонох#5:14 Биэс уон тоҕонох – 23 миэтэрэ. үрдүктээх остуолба маһы бэлэмнэт, итиэннэ сарсыарда ыраахтааҕыга тиийэн ол маска Мардохейы ыйаан кэбиһэригэр көрдөс. Дьэ ол кэнниттэн ыраахтааҕыны кытта малааһыҥҥа үөрэ-көтө барыс». Аман ити эппиттэрин сөбүлээн, остуолба маһы туруоралларыгар дьаһайбыта.

Nke Ahọpụtara Ugbu A:

Эсфирь 5: СБК

Mee ka ọ bụrụ isi

Kesaa

Mapịa

None

Ịchọrọ ka echekwaara gị ihe ndị gasị ị mere ka ha pụta ìhè ná ngwaọrụ gị niile? Debanye aha gị ma ọ bụ mee mbanye