Лука 19
19
Закхей итэҕэйиитэ
1Онтон Иисус Иерихоҥҥа киирэн, куорат устун баран испитэ. 2Биир Закхей диэн ааттаах баай киһи, түһээн хомуйааччылар тойонноро, 3Иисуһу ким буоллаҕай диэн, көрүөн олус баҕарбыта да, уҥуоҕунан кыра буолан, дьон кэннигэр түбэһэн хаалан, кыайан көрбөтөҕө; 4ол иһин сүүрүүнэн илин түһэн, Иисус ааһыахтаах суолун кытыытыгар үүнэн турар смоковница үрдүгэр ыттыбыта.
5Иисус бу сиргэ кэлэн, кинини көрөн: «Закхей! – диэн ыҥырбыта. – Түһэ оҕус, бүгүн Мин эн дьиэҕэр тохтуохтаахпын». 6Закхей үөрэ-көтө түһэ охсон, Иисуһу дьиэтигэр киллэрэн маанылаабыта.
7Бары ону көрөн, сөбүлээбэккэлэр: «Аньыылаах киһи дьиэтигэр тохтоото», – диэн суугунаспыттара.
8Оттон Закхей туран Айыы Тойоҥҥо эппитэ: «Тойонуом! Мин баайым аҥаарын умнаһыттарга биэриэм, итиэннэ кими эмэ атаҕастаабыттаах буоллахпына, киниэхэ түөрт оччону төлүөм».
9«Бүгүн бу дьиэҕэ быыһабыл кэллэ, – диэбитэ Иисус киниэхэ. – Кини эмиэ Авраам уола эбээт. 10Киһи Уола өлбүтү-сүппүтү булан быыһыы кэлбитэ».
Уон көмүс манньыат туһунан домох
11Иисус Иерусалимҥа чугаһаабытын иһин дьон Таҥара Саарыстыбата субу кэлиэ дии саныыллара. Кини истэн олорооччуларга өссө биир домоҕу кэпсээбитэ. 12«Биир үрдүк сололоох киһи, ыраахтааҕы солотун ылан төннөөрү, ыраах дойдуга аттаммыт, – диэбитэ Кини. – 13Суолга туруон иннинэ уон кулутун ыҥыран ылбыт, уонна барыларыгар биирдии кыһыл көмүс манньыаты биэрэн баран: „Мин төннүөхпэр диэри, бу маны эргитээриҥ“, – диэбит.
14Биир дойдулаахтара кинини абааһы көрөр буолан: „Кини биһиэхэ ыраахтааҕы буолуон баҕарбаппыт“, – диэн кэнниттэн илдьит ыыппыттар.
15Киһи ыраахтааҕы солотун ылан кэлээт, ким төһөнү эргитэн булбутун билээри, харчы биэрбит кулуттарын ыҥыртаран ылбыт.
16Бастакы кулута кэлэн эппит: „Тойонуом! Эн биир кыһыл көмүс манньыатыҥ уон манньыаты аҕалла“.
17Тойоно киниэхэ эппит: „Бэрт сөпкө гыммыккын, үтүө үлэһитим! Кыраҕа да итэҕэллээҕиҥ иһин, уон куораты эйиэхэ салайтара биэрэбин“.
18Иккис кулута кэлэн эппит: „Тойонуом! Эн биир кыһыл көмүс манньыатыҥ биэс манньыаты аҕалла“.
19Онуоха тойоно: „Эн эмиэ биэс куораты салайа ылаҕын“, – диэбит.
20Үһүс кулута кэлэн эппит: „Тойонуом! Эн миэхэ биэрбит кыһыл көмүс манньыатыҥ бу баар, мин маны харыстаан былаакка суулаан уура сырыттым. 21Эн дьэбиргин – уурбатах сиргиттэн ыларгын, ыспатах бааһынаҕыттан хомуйаргын билэр буоламмын, эйигиттэн куттаммытым“.
22Тойоно эппит: „Бу эппит тылгынан бэйэҕин дьүүллүөм, көлөөк үлэһит! Мин дьэбирбин – уурбатах сирбиттэн ыларбын, ыспатах бааһынаҕыттан хомуйарбын билэр эрээригин, 23төннөммүн, төһөнү биэрбиппин барыстары ылыахпын, харчыбын тоҕо эргитэ биэрбэтиҥ?“
24Уонна онно турар дьоҥҥо: „Киниттэн кыһыл көмүһүн ылаҥҥыт, уон көмүс манньыаттаах киһиэхэ биэриҥ“, – диэбит.
25Онуоха: „Тойоммуот, ол киһи хайыы-үйэ уон көмүс манньыаттаах ээ“, – диэбиттэр.
26Тойонноро эппит: „Эһиэхэ этэбин: баардаахха – бэриллиэҕэ, оттон туга да суох киһиттэн туох эмэ баардааҕа кытта былдьаныаҕа. 27Оттон мин ыраахтааҕы буолуохпун баҕарбат өстөөхтөрбүн манна аҕалан, көрөн турдахпына, өлөртөөҥ“».
Иерусалимҥа киирии
28Маны кэпсээн баран, Иисус Иерусалимныыр суолу тутуһан салгыы айаннаабыта. 29Елеон хайатын аттыгар баар Виффагиялаах Вифанияҕа чугаһаан иһэн, Кини икки үөрэнээччитин сорукка ыыппыта. 30«Бу иннибитигэр көстөр дэриэбинэҕэ бара сылдьыҥ, – диэбитэ. – Онно киирээт да, өссө мииниллэ илик осел баайыллан турарын көрүөххүт, ону сүөрэн манна аҕалыҥ; 31ким эмэ тоҕо сүөрэҕит диэн ыйыттаҕына, Тойоммут наадыйар диэриҥ».
32Үөрэнээччилэр тиийэн, Кини эппитин булан ылбыттара. 33Осел оҕотун сүөрэн эрдэхтэринэ, иччилэрэ: «Хайа бу оселу тоҕо сүөрэҕит?» – диэбиттэрэ.
34«Тойоммут наадыйар, ол иһин», – диэн хоруйдаабыттара.
35Оселу Иисуска сиэтэн аҕалан, үрдүгэр таҥастарын ууран баран, Иисуһу олордубуттара. 36Кини оселу миинэн истэҕинэ, дьон таҥастарын устан суолга тэлгээн биэрэллэрэ.
37Иисус Елеон хайатыттан түһэр аартыкка чугаһаабытыгар үтүмэн үгүс үөрэнээччилэрэ бары үөрэн, илэ көрбүт дьикти дьайыыларын иһин Таҥараны айхаллаабыттара: 38«Айыы Тойон аатыгар кэлэн иһэр Ыраахтааҕы алгыстаах! Халлааҥҥа эйэ буоллун, үрдүк Халлааннарга айхал буоллун!»
39Дьон быыһыгар турар сорох фарисейдар: «Үөрэтээччи! Үөрэнээччилэргин буой эрэ», – диэбиттэрэ.
40«Кырдьыгы эһиэхэ этэбин, – диэбитэ Иисус, – кинилэр уурайдахтарына, таастар хаһыытаһыахтара».
Иерусалимы аһыйыы
41Иисус Иерусалимҥа чугаһаан баран, куораты көрөн аһынан ытаабыта: 42«Оо, эйигин#19:42 Эйигин – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыл суох. эйэҕэ туох тиэрдэрин саатар бүгүн билэриҥ буоллар! Ол эрээри билигин бу барыта эйигиттэн кистэммит. 43Өстөөхтөрүҥ эйигин тула бөҕөргөтүү туттан, эргиччи ыган иилии эргийэр күннэрэ тирээн кэлиэ. 44Эйигин оҕолоргунуун имири эһиэхтэрэ, эн тааскыттан тааһы хаалларыахтара суоҕа. Ол барыта эн Таҥара быыһыы кэлбитин билбэтэххиттэн буолуо».
Таҥара Дьиэтин ырааһырдыы
45Онтон Таҥара Дьиэтигэр киирэн, онно баар атыылааччылары уонна атыылаһааччылары барыларын үүртэлии сылдьан: 46«Мин Дьиэм үҥэр дьиэ буолар диэн суруллубута, ону эһиги ороспуойдар ордуулара гыммыккыт!» – диэбитэ.
47Күн аайы Кини Таҥара Дьиэтигэр үөрэтэрэ. Архиерейдар, сокуонньуттар уонна норуот биллэр аҕа баһылыктара Кинини өлөрөр сылтах көрдүү сатаабыттара эрээри, 48тугу да кыайан тобулбатахтара – бар дьон Кини хас биирдии тылын истээри, харыс да хаалбакка, батыһа сылдьара.
Zur Zeit ausgewählt:
Лука 19: СБК
Markierung
Teilen
Kopieren
Möchtest du deine gespeicherten Markierungen auf allen deinen Geräten sehen? Erstelle ein kostenloses Konto oder melde dich an.
© Институт перевода Библии, 2008-2022