Лука 18

18
Огдообо уонна судьуйа туһунан домох
1Онтон Иисус кинилэргэ Таҥараҕа өрүүтүн үҥэ сылдьыахтаахтарын, санааларын түһэриэ суохтаахтарын туһунан домоҕу кэпсээбитэ: 2«Биир куоракка Таҥараттан да саллыбат, дьонтон да сааппат судьуйа олорбут. 3Эмиэ онно биир огдообо дьахтар баара, кини судьуйаҕа кэлэ-кэлэ миигин көмүскээ, дьыалабын быһаар диэн көрдөһөр эбит.
4Судьуйа көмөлөһүөн өр баҕарбакка сылдьыбыт. Онтон кэмниэ кэнэҕэс төһө да Таҥараттан саллыбатаҕым, дьонтон сааппатаҕым иһин, 5бу огдообо бэркэ эрэйдээн эрэр, кэлэ-кэлэ салгыта турууһу, онон көмүскүүһүбүн диэн быһаарыммыт».
6Маны кэпсээн баран Айыы Тойон эппитэ: «Эһиги бэл бу кэрээниттэн тахсыбыт судьуйа тугу диирин истэҕит дуо? 7Уонна баран Таҥара, төһө да түргэнник көмүскүү охсубатаҕын иһин, түүннэри-күнүстэри Киниттэн көрдөһөөччүлэргэ, Бэйэтэ талан ылбыт дьонугар, ама көмөлөһүө суоҕа дуо? 8Эһиэхэ этэбин: Таҥара бэрт сотору кинилэри көмүскүөҕэ. Ол эрээри Киһи Уола сиргэ кэлэн, итэҕэли булуо дуо?»
Фарисей уонна түһээн хомуйааччы туһунан домох
9Оттон үчүгэйбит диэн бэйэлэрин бүк эрэнэр, атыттары сэниир дьоҥҥо маннык домоҕу кэпсээбитэ: 10«Икки киһи Таҥара Дьиэтигэр үҥэ киирбиттэр: биирэ фарисей, иккиһэ түһээн хомуйааччы эбит. 11Фарисей Таҥараҕа бу курдук үҥпүт: „Таҥара! Мин атын дьон: талабырдьыттар, албыннар, көссүүлэһээччилэр эбэтэр ити түһээн хомуйааччы – курдук буолбатаҕым иһин, Эйиэхэ махтанабын. 12Мин нэдиэлэҕэ иккитэ поһу тутуһабын, тугу атыылаһарбыттан уон гыммыт биирин Эйиэхэ биэрэбин“.
13Оттон түһээн хомуйааччы ыраах туран, халлаан диэки өрө көрүөн да толлон, түөһүн кырбана-кырбана: „Оо, Таҥара, миигин, аньыылааҕы абыраа!“ – дии турбут.
14Эһиэхэ этэбин: бу иккис киһи бастакытааҕар ордук бырастыы гыныллан дьиэтигэр төннүбүт. Ким бэйэтин үрдэтинэр – намтыаҕа, ким бэйэтин намтатынар – үрдүөҕэ».
Иисус Христос уонна кыра оҕолор
15Киниэхэ таарыйтара, быыкаа оҕолору аҕалтаабыттара; үөрэнээччилэрэ ону көрөн буойа сатаабыттара. 16Иисус оҕолору ыҥыртаан ылан баран, эппитэ: «Оҕолору Миэхэ аһарыҥ, Миэхэ кэлэллэрин мэһэйдэһимэҥ: Таҥара Саарыстыбатыгар манныктар киирэллэр. 17Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: Таҥара Саарыстыбатын оҕо курдук ылыммыт киһи эрэ онно киириэҕэ».
Баай киһи
18Тойоттортон биирдэстэрэ Киниттэн ыйыппыта: «Үтүө Үөрэтээччи! Бараммат олоххо тиксэр туһугар, мин тугу гыныахтаахпыный?»
19«Миигин тоҕо үтүө диигиний? – диэбитэ Иисус. – Үтүө ким да суох, Таҥара эрэ үтүө. 20„Көссүүлэһимэ, өлөрүмэ, уорума, сымыйанан туоһулаама, ийэлээх аҕаҕын ытыктаа“ диэн кэриэстэри эн билэҕин».
21«Итини барытын оҕо сааспыттан тутуһабын ээ», – диэбитэ баай киһи.
22Маны истэн, Иисус эппитэ: «Эйиэхэ өссө биириҥ итэҕэс: туох бааргын барытын атыылаан дьадаҥыларга түҥэт, оччоҕо Халлааҥҥа баайдаах буолуоҥ; уонна кэлэн Миигин батыс».
23Киһи мантан сүрдээҕин мунчаарбыта – кини олус баай этэ. 24Иисус кини мунчаарбытын көрөн: «Баай дьон Таҥара Саарыстыбатыгар киирэллэрэ хайдах курдук ыараханый! – диэбитэ. – 25Баай киһи Таҥара Саарыстыбатыгар киирэринээҕэр тэбиэн иннэ үүтүнэн дөбөҥнүк ааһыаҕа».
26Маны истибиттэр: «Оччоҕо ким быыһанар кыахтааҕый?» – диэн ыйыппыттара.
27«Киһи кыайбатаҕын Таҥара кыайар», – диэбитэ Иисус.
Иисус Христоһу батыспыт дьону күүтэр наҕараада
28Маныаха Петр эппитэ: «Биһиги барыны барытын хаалларан туран Эйигин батыспыппыт».
29«Кырдьыгы эһиэхэ этэбин, – диэбитэ Иисус кинилэргэ, – Таҥара Саарыстыбатын туһугар дьиэтин-уотун, төрөппүттэрин, убайдарын-бырааттарын, эдьиийдэрин-балыстарын, ойоҕун, оҕолорун хаалларбыт киһи 30бу үйэҕэ хаалларбытынааҕар баһаам бүк элбэххэ, оттон кэлэр Үйэҕэ бараммат олоххо тиксиэҕэ».
Иисус Христос өлөн баран тиллэрин өссө биирдэ этэр
31Уон икки үөрэнээччитин туспа ыҥыран ылан эппитэ: «Дьэ бу биһиги Иерусалимнаан иһэбит, онно барыта пророктар Киһи Уолун туһунан суруйбуттарын курдук буолуоҕа. 32Кинини тутан Таҥараны билбэт омуктарга биэриэхтэрэ, оччоҕо Кинини элэк оҥостуохтара, атаҕастыахтара, Киниэхэ силлиэхтэрэ, 33итиэннэ үлтү кырбаан баран өлөрүөхтэрэ; ол эрээри үһүс күнүгэр Кини тиллиэҕэ».
34Бу этиллибиттэн үөрэнээччилэр тугу да өйдөөбөтөхтөрө, Иисус этэр тылын ис хоһооно кинилэртэн кистэммит буолан, өйдөрүгэр түспэтэҕэ.
Иерихон чугаһыгар хараҕа суох умнаһыты үтүөрдүү
35Иисус Иерихоҥҥа чугаһаан истэҕинэ, суол кытыытыгар хараҕа суох киһи умналыы олороро. 36Элбэх дьон ааһан иһэрин истэн, кини: «Бу туох буолла?» – диэн ыйыппыта.
37«Иисус Назорей ааһан иһэр», – диэбиттэрэ.
38Кини хаһыытыы түспүтэ: «Иисус, Давид Уола, миигин абыраа!»
39Бастаан иһээччилэр буойбуттарыгар өссө күүскэ үөгүлээбитэ: «Давид Уола, абыраа!»
40Иисус тохтоон, кинини Бэйэтигэр аҕалтарбыта. Чугаһаан кэлбитигэр: 41«Миигиттэн тугу көрдөһүөххүн баҕараҕыный?» – диэн ыйыппыта.
«Тойонуом, харахпынан көрөр буолуохпун баҕарабын!» – диэбитэ киһи.
42«Эн көрөр буолуоҥ! Эйигин итэҕэлиҥ быыһаата», – диэбитэ Иисус. 43Киһи сонно көрөр буолан хаалбыта, онон Таҥараны айхаллыы-айхаллыы, Иисус кэнниттэн батыһан барбыта. Маны көрөн, дьон бары Таҥараҕа хайҕал тылын эппиттэрэ.

Zur Zeit ausgewählt:

Лука 18: СБК

Markierung

Teilen

Kopieren

None

Möchtest du deine gespeicherten Markierungen auf allen deinen Geräten sehen? Erstelle ein kostenloses Konto oder melde dich an.