Саалтыр 6
6
1Хуор салайааччытыгар. Аҕыс устурууналаах инструмент доҕуһуолунан. Давид псалома.
2 Айыы Тойон! Абарбыккын аһардан баран, миигин дьарыйаар,
уордайбыккын уҕарытан баран, буруйдаар.
3Абыраа-аһын, Айыы Тойон, сырам-сылбам быһынна;
Айыы Тойон, үтүөрт, уҥуоҕум халыр босхо барда.
4Дууһам миэнэ уолуһуйда;
оттон Эн, Айыы Тойон, хаһааҥҥа диэри?
5Төнүн, Айыы Тойон, мин тыыммын өллөйдөө,
көмүскэллээх санааҕыттан миигин быыһаа.
6Өлбүттэр аны Эйигин өйдөөбөттөр;
үтүгэн түгэҕэр ким Эйигин айхаллыаҕай?
7Өрүтэ тыынарбыттан мин сэниэм эһиннэ;
түүн ахсын икки хараҕым уутунан суунабын,
сыттыгым, таҥаһым илийиэр диэри ытыыбын.
8Санаарҕааммын, көмүскэм чөҥөрүйэ уолла,
бары өстөөхпүттэн ытааммын, көрөрдүүн мөлтөөтүм.
9Киэр тэйиҥ миигиттэн бука бары, кэрээннэрин сүтэрбиттэр;
мин ытыыр саҥабын Айыы Тойон иһиттэ.
10 Айыы Тойон ааттаһарбын иһиттэ;
Айыы Тойон мин үҥэрбин ылыныа.
11Өстөөхтөрүм бары, сир сирэйдэнэн,
өлөр кутталга хам ыллардыннар;
чугуйан, атахха биллэрэн,
чыпчылыйыах иннинэ саакка бардыннар.
Currently Selected:
Саалтыр 6: СБК
Highlight
Share
Copy
Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in
© Институт перевода Библии, 2008-2022