Саалтыр 7
7
1Вениамин аҕатын ууһуттан төрүттээх Хус туһунан Давид Айыы Тойоҥҥо ыллаабыт ытабыл ырыата.
2 Айыы Тойон Таҥарам, Эйиэхэ мин эрэнэбин;
бары күөмчүһүттэрбиттэн миигин быыһаа, өрүһүй.
3Хахай кыыл курдук, өстөөҕүм тырыта тыыппатын,
харыһыйтарар кимим да суоҕар соһон илдьэ барбатын.
4 Айыы Тойон Таҥарам,
өскөтүн мин чахчы итинник кэбилэммит,
итинник мөкүтүк дьүһүлэммит буоллахпына,
5биитэр мин, бэл төрүөтэ суох миэхэ өстүйбүтү өрүһүйээччи,
эйэ-дэмнээх киһибэр куһаҕанынан төлөөбүт буоллахпына,
6оччоҕуна өстөөҕүм, ир суолбун ирдээн, ситэн ылыахтын;
олохпун сиргэ-буорга тэпсиэхтин,
дууһабын хара быылынан тибиэхтин. Села
7Туруй, Айыы Тойон, уордайан;
турун, илбиһирбит өстөөхтөрбүн утаран;
уһугун мин туспар – Эн көнө дьүүлү ирдээбитиҥ.
8Норуоттар, түмсэннэр, Эйигин тула турдуннар;
Эн үөһэ тахсан олор кинилэр үрдүлэринэн.
9 Айыы Тойон норуоттары дьүүллүүр.
Дьүүллээ миигин, Айыы Тойон,
кырдьыкпынан, сүрэҕим ырааһынан көрөҥҥүн.
10Тохтуохтун хара дьайдаахтар дьайдара,
оттон көнө киһини Эн бөҕөргөт,
сүрэҕи-быары тургутар, кырдьыгы көрөр Таҥара.
11Таҥара – мин куйаҕым,
Кини көнө сүрэхтээхтэри быыһыыр.
12Таҥара – кырдьыктаах судьуйа,
хайа да күн кытаанах ирдэбиллээх Таҥара.
13Көммөттөрү утары Кини кылыһын сытыыланар,
кинилэри ытаары, ох саатын кирсин тардар;
14өлөрөр сэбин-сэбиргэлин тэринэр,
уоттаах оноҕостору бэлэмнэнэр.
15Көр, ол хайдах хара дьайы истэригэр үөскэтэн,
өһүөнү-өһөгөйү иитиэхтээн,
албыны-көлдьүнү төрөтөллөрүн.
16Иин бэлэмнииллэр, онтуларын хаһан бүтэрэллэр,
итиэннэ хаспыт ииннэригэр бэйэлэрэ иҥнэстэллэр.
17Өһүөннэрэ бэйэлэрин төбөлөрүгэр эргийэр,
өһөгөйдөөх дьайыылара бэйэлэрин оройдоругар түһэр.
18Кырдьыгы көрөрүн иһин, мин Айыы Тойону айхаллыам,
Үрдүктэн Үрдүк Айыы Тойон аатыгар ырыа ыллыам.
Currently Selected:
Саалтыр 7: СБК
Highlight
Share
Copy
Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in
© Институт перевода Библии, 2008-2022