YouVersion Logo
Search Icon

Саалтыр 5

5
1Хуор салайааччытыгар. Флейта доҕуһуолунан. Давид псалома.
2Иһит, Айыы Тойон, Эйиэхэ этэрбин,
өйдөөн иһит мин энэлийэрбин.
3Болҕой үөгүлүүр саҥабын,
Ыраахтааҕым миэнэ, Таҥарам.
Эйиэхэ мин үҥэбин.
4 Айыы Тойон, тыҥ хатыыта Эн истэҕин мин саҥабын;
мин тыҥ хатыыта кэлэммин, Эн иннигэр турабын,
Эйигин кэтэһэбин.
5Эн кэрээнэ суох быһыыны сөбүлээбэт Таҥараҕын;
нэгэй киһи Эйиэхэ ыалдьыттаабат.
6Киһиргэс Эн иннигэр кэлэн турбат;
кэрээннэрин сүтэрбиттэри Эн барыларын абааһы көрөҕүн.
7Сымыйаны саҥарааччылары өлөрөҕүн;
хаанымсахтан, албынтан Айыы Тойон сиргэнэр.
8Оттон мин, Эн муҥура суох үтүөҕүнэн,
Эн Дьиэҕэр киириэм;
Эйигиттэн толлон тураммын,
сибэтиэй Храмҥар сүгүрүйүөм.
9 Айыы Тойон, Бэйэҥ кырдьыккынан миигин
өстөөхтөрүм быыстарынан сирдээ,
Эйигин батыһар суолбун дэхсилээ.
10Кинилэр тылларыгар кырдьык диэн суох:
сүрэхтэрэ – өлөрөр-өһөрөр санаа,
бэлэстэрэ – иин маҥалайа,
тыллара-өстөрө – албын-ньымаат.
11Айыы Таҥара, Эн кинилэри буруйдаа,
оҕуруктаах куомуннарыттан бэйэлэрэ оҕуттуннар;
халыҥ аньыыларын иһин киэр кыйдаа:
кинилэр Эйигин утары өрө турбуттара.
12Оттон Эйиэхэ эрэнээччи барыта үөрүөхтүн,
үөрүүлээх ырыа аргыстаах буолуохтун өрүүтүн;
Эн ааккын таптааччылар Эйигинэн күөн тутталларын туһугар
кинилэри Эн араҥаччылаа.
13 Айыы Тойон, Эн кырдьыгы тутуһааччыны алгыыгын,
үтүө сыһыаҥҥынан кинини куйахтыы харыстыыгын.

Currently Selected:

Саалтыр 5: СБК

Highlight

Share

Copy

None

Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in