1
Саалтыр 5:12
Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ
Оттон Эйиэхэ эрэнээччи барыта үөрүөхтүн, үөрүүлээх ырыа аргыстаах буолуохтун өрүүтүн; Эн ааккын таптааччылар Эйигинэн күөн тутталларын туһугар кинилэри Эн араҥаччылаа.
Compare
Explore Саалтыр 5:12
2
Саалтыр 5:3
Болҕой үөгүлүүр саҥабын, Ыраахтааҕым миэнэ, Таҥарам. Эйиэхэ мин үҥэбин.
Explore Саалтыр 5:3
3
Саалтыр 5:11
Айыы Таҥара, Эн кинилэри буруйдаа, оҕуруктаах куомуннарыттан бэйэлэрэ оҕуттуннар; халыҥ аньыыларын иһин киэр кыйдаа: кинилэр Эйигин утары өрө турбуттара.
Explore Саалтыр 5:11
4
Саалтыр 5:8
Оттон мин, Эн муҥура суох үтүөҕүнэн, Эн Дьиэҕэр киириэм; Эйигиттэн толлон тураммын, сибэтиэй Храмҥар сүгүрүйүөм.
Explore Саалтыр 5:8
5
Саалтыр 5:2
Иһит, Айыы Тойон, Эйиэхэ этэрбин, өйдөөн иһит мин энэлийэрбин.
Explore Саалтыр 5:2
Home
Bible
Plans
Videos