YouVersion Logo
Search Icon

Аман өһө 31

31
Ыраахтааҕыга сүбэ-ама
1Лемуил ыраахтааҕы ийэтэ уолун үөрэтэн-такайан эппит иэйиилээх тыллара#31:1 Лемуил ыраахтааҕы ийэтэ уолун үөрэтэн-такайан эппит иэйиилээх тыллара – Эбэтэр, Масса ыраахтааҕытын Лемуил ийэтэ уолун үөрэтэн-такайан эппит тыллара.:
2«Кэбис, тоойуом! Кэбис, оҕолоотор оҕом!
Кэбис, Айыы Таҥараттан ааттаһан ылбыт уол оҕокком барахсан!
3Күүскүн-сэниэҕин дьахталларга эһимэ –
ыраахтааҕылары алдьатааччыларга суолгун-иискин аһыма.
4Лемуил, ыраахтааҕы арыгы иһэрэ букатын табыллыбат,
ыраахтааҕы арыгыны амсайыа суохтаах,
тойон дьон уохтаах утахха умсугуйуо суох тустаах.
5Арыгылыыр буоллулар да, сууту-сокуону умнуохтара,
кыраны-кыһалҕалааҕы көнө дьүүлтэн матарыахтара.
6Ол кэриэтэ уохтаах утаҕы өлөн-сүтэн эрээччигэ,
аһыы утаҕы ыар кутурҕаннаахха кутан биэриҥ,
7оччоҕо кини аас-туор олоҕун умна түһүөҕэ,
эрэйин-муҥун эргитэ саныы барыа суоҕа.
8Оттон эн иннин булан этиммэт эрэйдээххэ көмөлөс,
бары кыаммат-тиийиммэт кырдьыгын туһугар туруулас;
9кинилэр оннуларыгар эн саҥар, кинилэри көнөтүк дьүүллээ,
суох-дьадаҥы, эстибит-быстыбыт көҥүлүн көмүскээ».
Үтүөкэн дьахтар күн да тааһынааҕар күндү
10Ким булан ылар кыахтааҕый үтүөкэн дьахтары?#31:10-31 Былыргы еврейдии тиэкис бу кэрчигэр акростих ньымата туттуллубут. Үтүөкэн дьахтарга анаммыт гимн хас биирдии устуруоката еврей алпаабытын уочараттаах буукубатыттан саҕаланар.
Кини күлүмнэс бэйэлээх күн да тааһынааҕар күндү.
11Эрэ киниэхэ ис сүрэҕиттэн эрэнэр,
биһи тугунан да тутайыахпыт суоҕа диэн билэр.
12Үчүгэй дьахтар эригэр үтүөнэн эрэ төлүүр,
үйэлээх сааһыгар киниэхэ үтүөнү эрэ оҥорор.
13Бараан түүтүн да, лүөнү да бэрийдин,
кини өрүүтүн үрүлүйэн үлэлиир.
14Хараабыллаах атыыһыттар курдук,
хаһаас аһылыгын ыраахтан булунар.
15Тыҥ хатыыта туран, дьонун аһылыгын бэлэмниир,
чаҕар кыргыттарын ис-тас үлэҕэ соруйталыыр.
16Өҥ сири-уоту була охсон, ону атыылаһан ылар,
өлөрбүт харчытыгар бинэгирээт үүннэрэр.
17Кини хайдахтаах да күүс үлэттэн чаҕыйан турбат,
ылыста да, илиитин букатын араарбат.
18Үлэтэ-хамнаһа тахсыылааҕын билэ сылдьан,
түүнүн хойукка да диэри уотун умулуннарбат;
19Таҥас өрөр сабын бэйэтэ хатынар,
дьарыгын кыратык да тохтото түһэн ылбат;
20дьадаҥыга дьэллэмник бэрсэр,
умнаһыкка улгумнук уунар.
21Хаар түһэриттэн кини дьиэлээхтэрэ куттамматтар –
бука бары халыҥ таҥастаахтар.
22Бу үтүөкэн ийэ орон сабыыта тигэр,
бэйэтэ эмиэ күндү лүөн, түү таҥаһы таҥнар.
23Аҕалара, куорат биир биллэр-көстөр киһитэ,
дойдутун бас-көс дьонун кытта сэргэстэһэ олорор.
24Дьиэлээх хотун лүөн таҥаһы тигэн атыылыыр,
кур эгэлгэтин оҥорон, атыыһыттарга туттартыыр.
25Майгылаах бастыҥа, санаалаах күүстээҕэ,
кини кэнэҕэс кэми үөрүүлээхтик кэтэһэр.
26Кэпсэттэҕинэ, өйдөөҕү эрэ этэр,
сүбэлээтэҕинэ, көрсүөтүк үөрэтэр.
27Дьиэтин-уотун кыһамньылаахтык көрөр-истэр,
дьүккүөрдээх үлэтинэн айаҕын иитинэр.
28Оҕолоро туран бары ийэлэрин хайгыыллар,
эрэ эмиэ кининэн киэн туттар:
29«Үчүгэй дьахтар өрүү элбэҕэ эрээри,
эн кинилэри бука барыларын куоһардыҥ».
30Киһи ис киирбэҕэ билбэт, кэрэ дьүһүн эмиэ кэхтиэхтээх,
ол эрээри Айыы ТойонУ ытыктыыр дьахтар хайҕал ылара сиэрдээх.
31Онон үлэтин-хамнаһын түмүгүттэн киниэхэ өлгөмнүк биэриҥ,
оҥорбут үтүөтүн-өҥөтүн бар дьоҥҥо иһитиннэриҥ!

Currently Selected:

Аман өһө 31: СБК

Highlight

Share

Copy

None

Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in