Аман өһө 30
30
Агур этиитэ
1Иакей уола Агур эппит иэйиилээх тыллара#30:1 Иакей уола Агур эппит иэйиилээх тыллара – Эбэтэр, Массаттан төрүттээх Иакей уолун Агур тыллара.:
Айыы Таҥарам, олус да мин сырам-сылбам баранна!
Олус да сырам-сылбам баранна, Айыы Таҥарам!
Хайдах гынан бу киһи-хара буолан сылдьыах бэйэкэбиний?#30:1 Айыы Таҥарам, олус да мин сырам-сылбам баранна! Олус да сырам-сылбам баранна, Айыы Таҥарам! Хайдах гынан бу киһи-хара буолан сылдьыах бэйэкэбиний? – Эбэтэр, Бу киһи Ифиилга, Ифиилга уонна Укалга маннык этэн турар. Былыргы еврей тылынан суруллубут тиэкис бу кэрчигин ис хоһооно чуолкайа суох.
2Мин кимнээҕэр да ньүдьү-балайбын,
киһилии өй миэхэ төрүкү суоҕа,
3муудараска ончу уһуллубатаҕым,
Сибэтиэй Таҥара туһунан тугу да билбэппин.
4Ким үөһээ халлааҥҥа ытта сылдьыбытай?
Ким тыалы-кууһу харбаан ылан, икки ытыһыгар хаайбытай?
Ким устар ууну сомсон ылан, таҥаска бобо баайбытай?
Ким бу аан дойду усталаах-туоратын чэрчилээн биэрбитэй?
Кини аата-суола ким диэний? Уолун аата эмиэ кимий?
Кинилэр кимнээхтэрин бука эн билэр буолуохтааххын!
5Айыы Таҥара хас биирдии тыла эҥкилэ суох;
Киниэхэ эрэнээччилэргэ Кини халыҥ хахха, суон дурда буолар.
6Таҥара эппит тылыгар тугу да эбимэ,
аны эйигин сэмэлээтэҕинэ, сымыйаҥ арыллан тахсыаҕа.
7Икки суолу мин Эйигиттэн көрдөһөбүн, Айыы Таҥара,
ону миэхэ тыыннааҕым тухары аккаастаама:
8көҥдөй сүпсүгү, албыны-сымыйаны миигиттэн киэр тэйит,
аһара баай-талым, биитэр быстар дьадаҥы олоҕу миэхэ анаама,
күннээҕи килиэппиттэн эрэ матарыма.
9Аны тиэрэ тотон, Эйигин билиммэккэ,
«Кимий ол Айыы Тойон?» диэн оруо маһы ортотунан тыллаһыам,
биитэр, эстэн-быстан, уорар дьаллыкка ыбылы ылларан,
Таҥарам аатын киртитиэм.
10Чаҕары тойонугар холуннаран кэпсээмэ;
холуннардаххына, эйиэхэ чаҕар кырыыһа түһүөҕэ.
11Төрөппүт аҕаларын кырыыр-таныйар,
күн күбэй ийэлэрин аанньа ахтыбат дьон баар буолаллар.
12Кирдэрин-хохторун да сууммакка сылдьан,
килбэгир ырааспыт дэнээччилэр эмиэ бааллар.
13Өрүү көстөллөр, үрдүктүк сананан, атыттары сэнии көрөр,
кими да бэйэлэригэр тэҥнээбэт эр бэртэрэ.
14Ханна да бааллар бу дойду кыратын-харатын,
быстыбытын-ойдубутун барытын сиэх-аһыах
уһуктаах болот тиистээхтэр,
эт эттээччи быһаҕын санатар сытыы кылыс сыҥаахтаахтар.
15Ынах тыла үөн#30:15 Ынах тыла үөн (пиявка) – еврейдии тыл суолтата чуолкайа суох. икки кыыстаах, иккиэн: «Миэхэ! Миэхэ!» – диэн кэлиилии кэбэллэр.
Хаһан да баҕата хаммат үс баар,
төрдүстэрэ эмиэ: «Чэ, сөп буолуо!» – диэн этиэ суоҕа:
16ол – тыынар тыыннааҕы харайа турар анараа дойду, үйэтигэр оҕо үөскээбэт дьахтара,
ардах кэлэн түһэрин өрүү кэтэһэр сир
уонна: «Дьэ манан тохтуохха!» – диэн баран умуллан хаалбат уот.
17Аҕатын күлүү гына көрөр,
ийэтин улахаҥҥа уурбат киһи икки хараҕын
киэҥ толоон суордара оҥон ылыахтара,
сиэмэх көтөрдөр тоҥсуйан сиэхтэрэ.
18Үс суолу мин өрүү сөҕө көрөбүн,
төрдүһү эмиэ төрүт өйдөөбөппүн:
19ол кый үрдүгүнэн көтөн ааһар хомпоруун хотой суолун,
очуос хайанан сыыллар моҕой үөн суолун,
киэҥ байҕал күөнүн тыыра устар хараабыл суолун,
эр киһи эдэр кыыһы таптаан киниэхэ чугаһыыр суолун.
20Оттон содур дьахтар суола-ииһэ маннык:
эр дьону кытта көссүүлэһэн баран, суунан-тараанан кэбиһэр
уонна «мин туох да куһаҕаны оҥорботум ээ» диэн таһы-быһа мэлдьэһэр#30:20 …эр дьону кытта көссүүлэһэн баран, суунан-тараанан кэбиһэр – Туруору тылбаастаатахха, аһаан-сиэн чалбардаан баран, уоһун-тииһин туора соттон кэбиһэр….
21Үс суолтан сир үрдэ титирэстиир,
төрдүһү эмиэ уйар кыаҕа суох:
22ол – ыраахтааҕы бүрүстүөлүн ылар кулут киһини,
баҕарбыт аһа-үөлэ барыта баар далай акаарыны,
23эргэ тахсан олорор барбах майгылаах дьахтары
уонна хотунун оннугар ойох буолан киирэр чаҕар кыыһы.
24Бу сир үрдүгэр кимнээҕэр да уһулуччу өйдөөх,
кыраларын көрүмэ, түөрт харамай баар:
25кымырдаҕас, быыкаайык да буоллар,
аһыыр аһылыгын сайыҥҥыттан хаһаанар;
26хайа кутуйаҕа#30:26 Хайа кутуйаҕа – Былыргы еврейдии тиэкискэ дамаан. Ол аата, үүтүнэн аһылыктанар, үксүн хайалаах сиргэ олорор хоруолук саҕа кыыл. хата мөлтөхпүн дэммэт –
очуос тааска уйаланар;
27аһыҥа үөн, ыраахтааҕыта суох да буоллар,
биир ньыгыл кэккэнэн хаамар;
28уонна ооҕуй оҕус#30:28 Ооҕуй оҕус – Эбэтэр, күлгэри. : төһө да ооҕуйу ытыскар ылан ууруоххун сөбүн иһин,
бэйи онтукаҥ ыраахтааҕы дыбарыаһыгар сылдьар.
29Үс баар кимтэн да дьоһуннаахтык туттар-хаптар,
төрдүстэрэ эмиэ өрүүтүн улуутуйа хаамар:
30ол – хахай, бары харамайтан дуоланнара,
хаһан да кимтэн да чаҕыйан туруо суоҕа;
31хонолдьуйа хаамар бөтүүк, хайа козела кыыл
уонна халыҥ сэриитин иннигэр#30:31 …халыҥ сэриитин иннигэр – Эбэтэр, норуотун иннигэр. баран иһэр ыраахтааҕы.
32Өскөтүн арбанан акаарытык быһыыламмыт,
биитэр, саарбах суолга санаммыт буоллаххына,
айаххын кэмигэр саба тутун.
33Хойуу сүөгэйи ытыйдахха арыы астанан тахсарын,
киһини муннуга оҕустахха хаана тоҕо барарын кэриэтэ,
дьону кыыһыртахха эмиэ иирээн тахсар.
Currently Selected:
Аман өһө 30: СБК
Highlight
Share
Copy
Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in
© Институт перевода Библии, 2008-2022