Аман өһө 29
29
1Сэмэлииллэрин истэ-истэ көннөрүммэт өһөс киһи,
өрүһүммэттии, эмискэ бүдүрүйүөҕэ.
2Үтүө киһи үксээтэҕинэ, норуот үөрэр-көтөр,
оттон куһаҕан дьон салайдаҕына, сору көрөр.
3Муудараһы таптыыр уол аҕатын үөрдэр,
оттон содур дьахталлардыын куодарыһааччы баайын эһэр.
4Көнө дьүүллээх ыраахтааҕы дойдутун туругурдар,
оттон бэрик ылааччы айгыратар.
5Доҕоругар ньылаҥныыр киһи
кинини дэҥ үктэтэр#29:5 Доҕоругар ньылаҥныыр киһи кинини дэҥ үктэтэр – Эбэтэр, Доҕоругар ньылаҥныыр киһи дэҥ үктүүр..
6Куһаҕан киһи аньыы угаайытыгар киирэн биэрэр,
оттон үтүө киһи үөрэ-көтө, ыллыы-туойа сылдьар.
7Көнө судьуйа дьадаҥы дьон дьыалатын-куолутун өйдүүр,
оттон куһаҕан киһи болҕойо да барбат.
8Баламаттар куораты аймыыллар,
оттон муударайдар араллаантан быыһыыллар.
9Өйдөөх киһи акаарыны кытта сууттаһан –
кинини ытатан да, ыллатан да – уоскулаҥы булуо суоҕа.
10Хаанымсахтар көнө киһини абааһы көрөллөр,
ол эрээри кинини үтүө дьон көмүскүөхтэрэ#29:10 Хаанымсахтар көнө киһини абааһы көрөллөр, ол эрээри кинини үтүө дьон көмүскүөхтэрэ – Эбэтэр, Хаанымсахтар көнө киһини абааһы көрөллөр, үтүө дьону өлөрө сатыыллар. Былыргы еврей тылынан суруллубут тиэкис бу кэрчигин ис хоһооно чуолкайа суох..
11Акаары кыыһыран быыппастар,
оттон муударай кыатанар.
12Баһылык сымыйаны сэҥээрэр буоллаҕына,
үлэһиттэрэ бары сидьиҥ быһыыланыахтара.
13Дьадаҥы уонна кинини атаҕастааччы биир маарыннаһар өрүттээхтэр:
иккиэн Айыы Тойон көмөтүнэн күн сырдыгын көрөн сылдьаллар.
14Дьадаҥыны көнөтүк дьүүллүүр ыраахтааҕы бүрүстүөлэ
үйэттэн үйэҕэ туругура туруоҕа.
15Оҕо, таһыллан, дьарыллан, муудараска уһуллар,
оттон най барбыт оҕолор ийэлэрин саакка угаллар.
16Куһаҕан дьон күүһүрбүт сиригэр аньыы-буруй үксүүр,
ол эрээри көнө дьон кинилэр самналларын көрүөхтэрэ.
17Уолгун уостуганныы сырыт, оччоҕо оҕоҥ дууһаҕын дуоһутуо,
сүрэххин үөрүүнэн толоруо.
18Таҥара ыйыыта-кэрдиитэ суох норуот үүнэ-тэһиинэ суох барар,
оттон Сокуону тутуһар норуот алгыһы ылар.
19Кулуту кыһыл тылгынан көннөрбөккүн:
өйдүүрүн өйдүө эрээри, толоро барыа суоҕа.
20Толкуйдаабакка эрэ чап гыннарар киһини көрбүтүҥ дуо?
Киниэхэ эрэниэхтээҕэр акаарыга эрэммит ордук.
21Кулуккун кыра эрдэҕиттэн баскар ытыардаххына,
кэлин баайгын былдьаан ылаары тииһиэҕэ#29:21 …кэлин баайгын былдьаан ылаары тииһиэҕэ – Эбэтэр, кэлин кинини уодьуганныыр кыаҕыҥ суох буолуо, кэлин кини эйиэхэ хомолто төрдө буолуо диэн өйдүөххэ сөп..
22Киҥнээх киһи иирээннээх,
ыгым киһи халыҥ аньыылаах.
23Улаханнык санаммыт намтыаҕа,
оттон сытыары майгылаах ытыктаныаҕа.
24Ким уоруйахтыын биир күөстээх, ол бэйэтигэр кыр өстөөх –
суукка андаҕайан да баран, кырдьыгы эппэт.
25Ким дьонтон куттанар, ол угаайыга киирэн биэрэр,
оттон ким Айыы Тойоҥҥо эрэллээх, ол көмүскэллээх.
26Баһылыгы кытта үчүгэйдии буолуохтарын үгүстэр баҕараллар эрээри,
дьылҕаҕын Айыы Тойон быһаарар.
27Көнө дьон албынньыты,
куһаҕан дьон кырдьыксыты туора көрөллөр.
Currently Selected:
Аман өһө 29: СБК
Highlight
Share
Copy
Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in
© Институт перевода Библии, 2008-2022