Марк 14
14
Иисус Христоһу утары куомуннаһыы
1Икки күнүнэн Паасха уонна Көтөхтөрүүтэ суох Килиэп бырааһынньыга саҕаланыахтааҕа. Архиерейдар уонна сокуонньуттар Иисуһу албыннаан тутан ылан өлөрөр албаһы көрдөөбүттэрэ. 2«Бырааһынньык эрэ кэмигэр түбэһиннэримиэҕиҥ, аны норуот өрө туруо», – диэн сүбэлэспиттэрэ.
Вифанияҕа арыынан аҕааһын
3Иисус, Вифанияҕа кэлэн, араҥ ыарыыга ыалдьа сылдьыбыт Симон дьиэтигэр аһаары өттүгэстээн сыттаҕына, биир дьахтар күндү сыаналаах ыраас нард#14:3 Нард – Индия үүнээйититтэн оҥоһуллубут күндү маас; үчүгэй сыта көппөтүн туһугар ыга хаппахтаммыт алебастр (мыраамары санатар сымнаҕас үрүҥ таас) иһиттэргэ кутан Израильга аҕалаллара. кутуллубут алебастр иһити тутан кэлбитэ; уонна, ол иһитин алдьатан, үчүгэй сыттаах арыытын Кини төбөтүгэр куппута.
4Сорох ыалдьыттар онтон кыыһыран, бэйэлэрин икки ардыларыгар: «Бу туох ааттаах ороскуотай? – дэһиспиттэрэ. – 5Итини үс сүүс динарийтан#14:5 Үс сүүс динарий – үлэһит биир сыллаах хамнаһа. да тахса сыанаҕа атыылаан, дьадаҥыларга түҥэтиэххэ сөп этэ». Уонна дьахтары саҥарбыттара.
6«Кэбиһиҥ, кинини тоҕо симитиннэрэҕит? – диэбитэ Иисус. – Кини Мин туспар үтүөнү оҥордо эбээт. 7Дьадаҥылар эһигини кытта өрүү бииргэ буолуохтара, онон хаһан баҕардыгыт да, кинилэргэ үтүөнү оҥоруоххутун сөп; оттон Мин эһигини кытта өрүү бииргэ буолуом суоҕа. 8Кини тугу кыайарын оҥордо: Миигин харалларга эрдэттэн бэлэмнээтэ. 9Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: Евангелие аан дойду үрдүнэн ханна да иһитиннэриллибитин иһин, кинини эмиэ өйдүү-саныы сылдьыахтара, кини тугу оҥорбута ахтылла туруоҕа».
Иуда Искариот таҥнарыыта
10Онуоха Иуда Искариот, Уон Иккиэлэртэн биирдэстэрэ, Иисуһу таҥнаран биэрээри, архиерейдарга барбыта. 11Кинилэр маны истэн үөрэн, харчынан төлүөх буолан эрэннэрбиттэрэ. Иуда Кинини туттаран биэрээри, тоҕоостоох түгэни көрдүү сылдьыбыта.
Паасхаҕа бэлэмнэнии
12Көтөхтөрүүтэ суох Килиэп бырааһынньыгын бастакы күнүгэр – Паасхаҕа анаммыт бараан оҕотун өлөрүөхтээх күннэригэр – үөрэнээччилэрэ Иисустан: «Паасха аһын ханна аһыаххын баҕараҕыный? – диэн ыйыппыттара. – Биһиги баран бэлэмниэ этибит».
13Иисус үөрэнээччилэриттэн икки киһини маннык этэн ыыппыта: «Куоракка барыҥ, онно купсууҥҥа уу баһан иһэр киһини көрсүөххүт; кинини батыһан, 14ханна киирэр да, онно киирсэн дьиэлээх хаһаайыҥҥа „Үөрэтээччи үөрэнээччилэрин кытта Паасха аһын аһыыр хоһо ханнатын ыйыттарар“ диэриҥ. 15Оччоҕо кини эһиэхэ бырааһынньыкка анаан тэриллибит үөһэ баар киэҥ-куоҥ хоһу көрдөрүөҕэ. Биһиэхэ онно бэлэмнээриҥ».
16Үөрэнээччилэрэ суолга туруммуттара; куоракка кэлэн, Кини эппитин булан, паасханы бэлэмнээбиттэрэ.
«Эһигиттэн биирдэскит Миигин таҥнарыаҕа»
17Киэһэ буолбутугар Кини Уон Иккиэлэрин кытта тиийэн кэлбитэ. 18Өттүгэстээн сытан аһаан эрдэхтэринэ, Иисус эппитэ: «Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: эһигиттэн биирдэскит, Миигин кытта бииргэ аһыы олорооччу, Миигин таҥнарыаҕа».
19Кинилэр, онтон курутуйан, биир-биир Киниэхэ: «Ол ама мин буолуом дуо?» – дэһиспиттэрэ.
20«Миигин кытта биир иһиттэн умньаан сии олорор киһи, Уон Иккиэлэртэн биирдэскит, – диэбитэ Иисус. – 21Киһи Уола, Кини туһунан суруллубутун курдук, баран иһэр, ол эрээри сор-муҥ күүтэр Киһи Уолун таҥнарааччыны: кини олох да төрөөбөтөҕө буоллар, ордук буолуо этэ».
Айыы Тойон Аһылыга
22Аһыы олордохторуна, Иисус килиэби ылан алҕаан баран, тоһутан кинилэргэ биэрбитэ итиэннэ: «Ылан сиэҥ, бу Мин Этим-сииним», – диэбитэ.
23Онтон иһити ылан, Таҥараҕа махтанан баран, кинилэргэ биэрбитэ, бары ол иһиттэн испиттэрэ.
24Иисус эппитэ: «Бу – бар дьон туһугар тохтор, Саҥа Кэс Тылы бигэргэтэр Мин Хааным. 25Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: Таҥара Саарыстыбатыгар саҥа арыгыны иһиэхпэр диэри, Мин аны бу виноград арыгытыттан – испэппин».
26Айхал ырыаларын ыллаан баран, кинилэр Елеон хайатыгар тахсыбыттара.
Петр мэлдьэһиэхтээҕин өтө көрүү
27«Эһиги бары бу түүн Миигиттэн тэйиэххит, – диэбитэ Иисус. – Барыта „Маныыһыты сууһардахпына, барааннар үрүө-тараа барыахтара“ диэн суруллубутун курдук буолуоҕа. 28Онтон, тиллэн баран, Мин эһигини Галилеяҕа көһүтүөҕүм».
29Петр Киниэхэ: «Бары да Эйигиттэн тэйбиттэрин иһин, мин тэйиэм суоҕа», – диэбитэ.
30«Кырдьыгы эйиэхэ этэбин, – диэбитэ Иисус, – бу түүн, бөтүүк иккитэ хаһыытыан иннинэ, эн Миигиттэн үстэ аккаастаныаҥ».
31Петр буоллаҕына өссө ордук итийэн-кутуйан туран эппитэ: «Эйигин кытта өлүөм да иһин, мин Эйигиттэн аккаастаныам суоҕа». Үөрэнээччилэр бары эмиэ ити курдук эппиттэрэ.
Гефсимания
32Гефсимания диэн ааттанар дэриэбинэҕэ кэлбиттэрэ. Иисус үөрэнээччилэригэр эппитэ: «Мин баран үҥэн кэлиэхпэр диэри, эһиги манна олоро түһүҥ». 33Итиэннэ Петры, Иаковы уонна Иоанны илдьэ баран, ис-иһиттэн аймаһыйан, туоххаһыйан барбыта. 34«Дууһам өлөр кутурҕаҥҥа ылларда; эһиги манна олоро түһүҥ, утуйумаҥ», – диэбитэ.
35Итиэннэ иннин диэки бара түһээт, сиргэ умса түһэн, бу чаас, сатанар буоллаҕына, Кинини тумнан ааһарыгар көрдөһөн үҥпүтэ. 36«Авва, Аҕаа! – диэбитэ. – Эйиэхэ туох барыта кыаллар. Бу эрэй-буруй иһитин Миигин тумуннар. Ол эрээри Мин көҥүлбүнэн буолбатын, Эн көҥүлгүнэн буоллун».
37Онтон төннөн кэлэн көрбүтэ, үөрэнээччилэрэ утуйа сыталлара. «Симон, утуйа сытаҕын дуу? – диэбитэ Кини Петрга. – Эн биир чаас сэргэх сылдьа түһэриҥ кыаллыбата дуо? 38Утуйумаҥ, тургутууну тулуйар туһугар, үҥүҥ. Тыын сэргэх, эт-хаан мөлтөх». 39Итиэннэ эмиэ тэйэ баран, били эппитин хатылаан үҥпүтэ. 40Төннөн кэлэн көрбүтэ, үөрэнээччилэрэ, халтаһалара ыараан хаалан, эмиэ утуйа сыталлара, онон Киниэхэ туох да диэн хардарыахтарын билбэтэхтэрэ.
41Үһүс төгүлүн кэлэн эппитэ: «Эһиги кэм да утуйа, сынньана сытаҕыт дуу? Бүттэ, кэм-кэрдии кэллэ: Киһи Уола бу аньыылаахтар илиилэригэр бэриллэн эрэр. 42Туруҥ, бардыбыт. Көрүҥ, Миигин таҥнарааччы чугаһаата».
Иисус Христоһу тутуу
43Сонно, Кини маны этэ турдаҕына, Иуда, Уон Иккиэлэртэн биирдэстэрэ, тиийэн кэлбитэ. Кинини кытта архиерейдар, сокуонньуттар уонна аҕа баһылыктар ыыппыт болоттоох-үөрбэлээх дьоно кэлсибиттэрэ. 44Таҥнарыахсыт кинилэргэ эрдэттэн «мин Кими уураабытым – ол Иисус буолуоҕа, Кинини тутан ылан, эрэллээхтик манатан илдьээриҥ» диэн бэлиэ биэрбит этэ. 45Иуда кэлээт да, Киниэхэ чугаһаан кэлэн: «Равви! Равви!» – диэн баран, уураан ылбыта. 46Кэлбит дьон Иисуһу саба түһэн тутан ылбыттара. 47Онно турбут дьонтон биирдэстэрэ батаһын хаба тардан ылан, архиерей кулутун кулгааҕын быһа дайбаабыта.
48«Эһиги, ороспуойу тутар курдук, Миэхэ болоттонон-үөрбэлэнэн кэлбиккит, – диэбитэ Иисус Кинини тута кэлбит дьоҥҥо. – 49Хас күн аайы Мин эһигини Таҥара Дьиэтигэр үөрэтэрим, онно эһиги Миигин туппатаххыт. Ол эрээри Суруйууларга этиллибит туолуохтун». 50Онуоха үөрэнээччилэрэ бары Кинини быраҕан, куотан хаалбыттара.
51Биир эдэр уол, сыгынньах этин холустанан эринэн баран Кинини батыспытын, буойуннар тутан ылбыттара. 52Уол холустатын хаалларан, сыгынньаҕын куоппута.
Синедриоҥҥа
53Иисуһу архиерейга аҕалбыттара; онно архиерей үлэһиттэрэ, аҕа баһылыктар уонна сокуонньуттар бары мустубуттара. 54Петр Кинини ырааҕынан батыһан, архиерей тиэргэнигэр киирсэн хаалбыта; онно үлэһиттэри кытта кэккэлэһэ олорон, кулуһун уотугар иттибитэ.
55Архиерейдар уонна синедрион бүттүүнэ, Иисуһу өлөрөөрү, Кинини утары туох эмэ туоһу көрдүү сатаабыттара да, булбатахтара. 56Бэрт элбэх киһи Кинини утары сымыйанан туоһулуура гынан баран, бары тус-туһунан этэллэрэ.
57Сорохтор Кинини утары туоһулаан эппиттэрэ: 58«Кини бу дьон туппут Таҥаратын Дьиэтин урусхаллаан бараммын, үс хонугунан атыны, дьон туппатаҕын, тутуоҕум диирин биһиги истибиппит». 59Ол эрээри бу да туоһулааһыннар син биир сөп түбэһиспэт этилэр.
60Архиерей ортоку тахсан туран, Иисустан: «Эн тоҕо тугу да хоруйдаабаккын? – диэн ыйыппыта. – Эйигин утары бу тугу туоһулуулларый?» 61Кини саҥата суох турбута, тугу да хоруйдаабатаҕа.
Архиерей эбии лаппыйан ыйыппыта: «Кэлиэхтээх Христос – Алгыстаах Таҥара Уола Эн дуо?»
62«Мин, – диэбитэ Иисус. – Эһиги Киһи Уола Сүдү Күүстээх Таҥара уҥа өттүгэр олорорун уонна халлаан былыттарын кытта кэлэн иһэрин көрүөххүт».
63Маны истэн, архиерей таҥаһын хайа тардыммыта: «Бу кэннэ туох туоһутугар эбии наадыйабытый? 64Эһиги Таҥараны холуннарыыны иһиттигит! Онон туох диэн быһаараҕыт?»
Бары: «Кини өлөр буруйдаах!» – диэбиттэрэ. 65Сорохтор Кинини силлээн киирэн барбыттара, итиэннэ сирэйин сабан баран: «Пророк, ким охсубутун эт!» – дии-дии, сирэйгэ охсуолаабыттара. Онтон аны чаҕардар Киниэхэ кырбаабыттара.
Петр мэлдьэһиитэ
66Петр аллара тиэргэҥҥэ олордоҕуна, архиерей чаҕар кыргыттарыттан биирдэстэрэ чугаһаан кэлэн, 67иттэ олорор Петры сыныйан көрөн баран: «Эн эмиэ Назарет Иисуһун кытта сылдьарыҥ!» – диэбитэ.
68«Билбэппин, ити тугу этэргин өйдөөбөппүн», – диэн мэлдьэһэн баран, Петр тас тиэргэҥҥэ тахсан барбыта; сонно бөтүүк хаһыытаабыта.
69Чаҕар кыыс кинини иккиһин көрөн, онно турар дьоҥҥо: «Бу кинилэртэн биирдэстэрэ», – диэбитэ. 70Петр эмиэ мэлдьэспитэ.
Чочумча буолаат онно турар дьон Петрга хаттаан эппиттэрэ: «Чахчы, эн Галилея олохтооҕунаҕын, кинилэртэн биирдэстэринэҕин. Саҥаҕыттан да биллэр#14:70 Саҥаҕыттан да биллэр – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар.».
71«Ити этэр Киһигитин мин билбэппин», – диэн Петр сирдээх халлаанынан андаҕайбыта.
72Бөтүүк иккистээн хаһыытаабыта. Иисус киниэхэ бөтүүк иккитэ хаһыытыан иннинэ, эн Миигиттэн үстэ аккаастаныаҥ диэбитин өйдөөн, Петр ытаан барбыта.
Currently Selected:
Марк 14: СБК
Highlight
Share
Copy
Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in
© Институт перевода Библии, 2008-2022