YouVersion Logo
Search Icon

Марк 13

13
Бүтэр уһук бэлиэлэрэ
1 Таҥара Дьиэтиттэн тахсан баран эрдэҕинэ, үөрэнээччилэриттэн биирдэстэрэ Киниэхэ эппитэ: «Үөрэтээччи! Көр эрэ, хайдахтаах таастарый, хайдахтаах тутууларый!»
2«Бу сүҥкэн тутуулары көрөҕүн дуо? – диэбитэ Иисус киниэхэ. – Бу барыта, манна таастан таас орпот гына, урусхалланыаҕа».
3Онтон Кини Таҥара Дьиэтин утары Елеон хайатыгар тахсан олордоҕуна, Петр, Иаков, Иоанн уонна Андрей буоланнар атын ким да суоҕар: 4«Ити хаһан буолуоҕай? Уонна ити туолара чугаһаабытын биһиги хайдах билэбит? Бэлиэтэ тугуй?» – диэн ыйыппыттара.
5«Ким да эһигини дэҥ үктэппэтин курдук, сэрэхтээх буолуҥ, – диэбитэ Иисус. – 6Үгүстэр Мин ааппынан ааттанан, „бу Мин“ дэнэн кэлэн, элбэх дьону албыннарыгар үктэтиэхтэрэ. 7Чугаһынан-ырааҕынан сэрии турбутун иһиттэххитинэ, эһиги уолуйбат буолуҥ: ол барыта буолуохтаах эрээри, өссө да бүтэр уһук буолбатах. 8Норуот норуоту, саарыстыба саарыстыбаны утары өрө туруоҕа; онон-манан сир хамсааһына буолуталыаҕа, сут туруоҕа, аймалҕан саҕаланыаҕа#13:8 Аймалҕан саҕаланыаҕа – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар.. Бу – төрүүр талыы киириитэ эрэ буолар.
9Ол эрээри бэйэҕитин көрүнэ сылдьыҥ. Эһигини тутан ылан дьүүлгэ тардыахтара, синагогаларга кырбыахтара; эһиги Мин туспуттан, Миигин туоһулаары, баһылыктар уонна ыраахтааҕылар иннилэригэр туруоххут. 10Ол гынан баран бүтэр уһук кэлиэн иннинэ, бары норуоттарга Евангелиены иһитиннэриллиэхтээх. 11Эһигини тутан ылан дьүүлгэ тартахтарына, тугу этэбит диэн санаарҕаамаҥ, төбөҕүтүн сынньымаҥ, ол чааска эһиэхэ туох бэриллэр да, ону этээриҥ – онно эһиги буолбатах, Сибэтиэй Тыын саҥарыаҕа. 12Убай быраатын, аҕа оҕотун өлөр өлүүгэ анньан биэриэҕэ, оҕолор төрөппүттэрин утары турунуохтара, кинилэри өлөртүөхтэрэ. 13Мин аатым туһуттан эһигини бары абааһы көрүөхтэрэ; ол эрээри тиһэҕэр тиийэ тулуйбут киһи – быыһаныаҕа.
Кэнэҕэс буолуохтаах улуу сор-муҥ
14Оттон Даниил пророк өтө көрөн эппитин курдук#13:14 Даниил пророк өтө көрөн эппитин курдук – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар., „иччитэхсийии сидьиҥэ“ ханна туруо суохтаах сиригэр турбутун көрдөххүтүнэ (маны ааҕааччы сөпкө өйдүөхтүн), оччоҕо Иудеяҕа баар дьон хайаҕа куоттуннар; 15ким дьиэ үрдүгэр сылдьыбыт – дьиэтиттэн тугу да ыла түспэтин; 16ким хонууга сылдьыбыт – сонун ыла эргиллибэтин. 17Ыарахан да буолуо ол кэмҥэ оһоҕостоох дьахталларга, эмиийдээх оҕолоох ийэлэргэ! 18Ити куотуугут#13:18 Куотуугут – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыл суох. кыһыҥҥы кэмҥэ түбэспэтин туһугар үҥүҥ. 19Ол күннэргэ Таҥара аан дойдуну айыаҕыттан ыла баччааҥҥа диэри буола илик уонна буолбат даҕаны кутурҕана саҕаланыаҕа. 20Айыы Тойон ити кэми кылгаппатаҕа буоллар, инчэҕэй эттээх быыһаныа суох этэ, ол эрээри Кини Бэйэтэ талан ылбыт дьонун туһугар ити кэми кылгаппыта.
21Оччоҕо ким эмэ эһиэхэ „Көрүҥ, Христос манна баар!“ эбэтэр „Көрүҥ, онно баар!“ диэтэҕинэ, итэҕэйбэт буолуҥ. 22Сымыйа христостар, сымыйа пророктар, өрө тураннар, табыллар буоллаҕына, талыллыбыт дьону кытта албыҥҥа үктэтээри, араас сөҕүмэр бэлиэлэри, дьиктилэри көрдөрүөхтэрэ. 23Оттон эһиги сэрэхтээх буолуҥ. Бу туох буолуохтааҕын барытын эһиэхэ эрдэттэн кэпсээтим.
Киһи Уолун кэлиитэ
24Ол күннэргэ, кутурҕан кэнниттэн, „күн хараара өлүөҕэ, ый сырдыгын биэрбэт буолуоҕа, 25халлаантан сулустар сууллуохтара, халлаан күүстэрэ айгырыахтара“, 26оччоҕо Киһи Уола сүдү күүһүрэн, албан аатыран былыттарга уйдаран иһэрин көрүөхтэрэ. 27Кини, Аанньалларын ыыталаан, аан дойду түөрт муннугуттан, сир-халлаан уһугуттан Бэйэтэ талан ылбыт дьонун хомуйтаран ылыаҕа.
28Бу смоковницаны холобур оҥостуҥ: лабаалара хайыы-үйэ сымнаан, сэбирдэхтэрэ быган таҕыстахтарына, эһиги сайын чугаһаабытын билэҕит. 29Ол курдук эмиэ, бу этиллибит туолан эрэрин көрдөххүтүнэ, эһиги биири билиэх тустааххыт: ол аата Кини чугаһаабыт, ааҥҥа кэлбит. 30Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: субу көлүөнэ ааһа илигинэ, бу эппитим барыта буолуоҕа. 31Сир-халлаан суола суох симэлийиэҕэ, оттон Мин этэр тылым симэлийиэ суоҕа.
Кини кэлэр күнэ да, чааһа да биллибэт
32Ол күнү да, чааһы да ким да билбэт: халлааҥҥа баар Аанньаллар даҕаны, Уола даҕаны – Аҕата эрэ билэр. 33Онон сэрэниҥ, сэргэх буолуҥ, Таҥараҕа үҥэ сылдьыҥ#13:33 Үҥэ сылдьыҥ – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар.: ол кэм хаһан тиийэн кэлэрин эһиги билбэккит. 34Киһи айаҥҥа турунарыгар, дьиэтин-уотун чаҕардарыгар хаалларан, хас биирдиилэригэр сорудах биэрэн баран, аан харабылыгар „сэргэх буол“ диэн дьаһайбытын тэҥэ буолуоҕа. 35Онон сэргэх сылдьыҥ: дьиэлээх хаһаайын хаһан төннөрүн – киэһэ дуу, түүн үөһүгэр дуу, бөтүүк хаһыытыырын саҕана дуу, биитэр сарсыарда дуу кэлэрин – эһиги билбэккит. 36Аны эмискэ тиийэн кэлэн, утуйа сытаргытын булан ылаарай! 37Бу эһиэхэ эппиппин барыгытыгар этэбин: сэргэх сылдьыҥ».

Currently Selected:

Марк 13: СБК

Highlight

Share

Copy

None

Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in