YouVersion Logo
Search Icon

Марк 12

12
Виноградник үлэһиттэрин туһунан домох
1Онтон кинилэргэ маннык домоҕу кэпсээбитэ:
«Биир киһи, виноградник олордон баран, онтукатын күрүөлээн кэбиспит, иһигэр сүмэһин сүүрдэр оҥкучах хаспыт, харабыл башнятын туппут, итиэннэ барытын виноград үүннэрээччилэргэ туттаран баран, ыраах дойдуга аттаммыт. 2Виноград ситэр кэмэ кэлбитигэр кини били үүннэрээччилэргэ отонуттан ыллара, чаҕарын ыыппыт. 3Үлэһиттэр чаҕары тутан ылан илдьи сынньыбыттар уонна туга да суох төттөрү ыыппыттар. 4Өссө биир атын чаҕарын ыыппытын эмиэ төбөтүн тааһынан хайа охсон, атаҕастаан төттөрү ыыппыттар. 5Өссө ыыппыт: ону даҕаны, онтон да атын ыыппыт элбэх киһитин – сороҕун кырбаабыттар, сороҕун өлөрбүттэр.
6Тиһэҕэр өссө биир соҕотох таптыыр уоллааҕын, уолбун ытыктыахтара дии санаан, ыыппыт.
7Онуоха виноградник үлэһиттэрэ сүбэлэспиттэр: „Бу нэһилиэнньик, онон кинини өлөрдөхпүтүнэ, нэһилиэстибэтэ биһиэхэ тиксиэ“. 8Кинини тутан ылан өлөрөн баран, виноградник тас өттүгэр бырахпыттар.
9Оччотугар виноградник хаһаайына тугу гыныан сөбүй? – Кини үлэһиттэри кэлэн өлөрөн баран, винограднигын атыттарга туттарыаҕа. 10-11Ама эһиги Суруйууларга „Тутааччылар бырахпыт таастара муннук тутаах тааһа буолла. Бу – Айыы Тойон оҥоһуута, биһиги маны көрө сөҕөбүт“ диэн суруллубутун аахпатаххыт дуо?»
12Бу домоҕунан кинилэри кэпсээбитин өйдөөн, сонно Иисуһу тутан ылыахтарын баҕарбыттара да, норуоттан чаҕыйан, туппакка баран хаалбыттара.
Ыраахтааҕы түһээнэ
13Бу кэнниттэн тылыттан иҥиннэрээри, Киниэхэ хас да фарисейы кытта иродианнары ыыппыттара. 14Олор кэлэн Киниэхэ эппиттэрэ:
«Үөрэтээччи! Эн көнөҕүн, кимиэхэ да бэрт буола сатаабаккын билэбит; Эн хайа да киһини, кимин-тугун көрбөккө, дьиҥ чахчы Таҥара суолугар үөрэтэҕин. Рим ыраахтааҕытыгар түһээни төлүүр көҥүллэнэр дуу, суох дуу? Биһиги төлүүрбүт сөп дуу, төлөөбөппүт сөп дуу?»
15Иисус, кинилэр кубулуналларын билэр буолан: «Миигин тоҕо холоон көрөҕүт? – диэбитэ. – Миэхэ динарийда аҕалан көрдөрүҥ».
16Манньыат аҕалан биэрбиттэригэр: «Бу ким мөссүөнэ, ким суруга сылдьарый?» – диэн ыйыппыта.
«Ыраахтааҕы киэнэ», – дэспиттэрэ.
17Онуоха Иисус эппитэ: «Оннук буоллаҕына, ыраахтааҕы киэнин ыраахтааҕыга, Таҥара киэнин Таҥараҕа биэриҥ». Кинини бары сөҕө истибиттэрэ.
Өлбүттэр тиллиилэрин туһунан ыйытыы
18«Өлбүттэр тиллибэттэр» диир саддукейдар Киниэхэ кэлэн ыйыппыттара: 19«Үөрэтээччи! Моисей Сокуонугар „Ким эмэ убайа ойоҕор оҕо хаалларбакка өллөҕүнэ, быраата кини ойоҕун ылан, убайын удьуорун салҕаатын“ диэн сурулла сылдьар. 20Сэттэ бырааттыылар бааллара: улаханнара ойох ылбыта да, өлөрүгэр киниттэн оҕо хаалбатаҕа; 21иккис бырааттара бу дьахтары ойох ылан баран, эмиэ оҕо хаалларбакка өлбүтэ; үһүс бырааттарыгар эмиэ ситигирдик буолбута. 22Бу дьахтары сэттиэн ыла сылдьыбыттара да, хайаларыттан да оҕо хаалбатаҕа. Оттон барыларын кэнниттэн дьахтар өлбүтэ. 23Онон тиллии кэмэ тиийэн кэллэҕинэ, дьахтар хайаларын ойоҕо буолуой? Сэттиэн кинини ыла сылдьыбыттара эбээт».
24Иисус эппитэ: «Эһиги Суруйуулары да, Таҥара күүһүн да билбэт буолаҥҥыт, итинтэн мунаҕыт. 25Өлбүттэр тилиннэхтэринэ, ойох да ылыахтара, эргэ да барыахтара суоҕа: Халлааҥҥа баар Аанньаллар курдук буолуохтара. 26Оттон өлбүттэр тиллиэхтээхтэрин туһунан эһиги Моисей кинигэтигэр аахпатаххыт дуо? Таҥара умайа турар талахтан Моисейга „Мин – Авраам Таҥарата, Исаак Таҥарата уонна Иаков Таҥарата буолабын“ диэн эппитин? 27Кини өлбүттэр Таҥаралара буолбатах, тыыннаахтар Таҥаралара. Онон эһиги улаханнык сыыстараҕыт».
Кэриэстэртэн саамай суолталаахтара
28Кинилэр мөккүһэллэрин иһиллээн турбут сокуонньуттартан биирдэстэрэ, Иисус үчүгэйдик хоруйдаабытын истэн, чугаһаан кэлэн: «Кэриэстэртэн хайалара саамай суолталааҕый?» – диэн ыйыппыта.
29Иисус киниэхэ эппитэ: «Кэриэстэртэн саамай суолталаахтара – „Иһит, Израиль! Биир эрэ Айыы Тойон баар – биһиги Айыы Тойон Таҥарабыт; 30Айыы Тойон Таҥараҕын ис сүрэххиттэн, ис дууһаҕыттан, туох баар өйгүнэн-санааҕынан, күүскүнэн-күдэххинэн барытынан таптаа“. 31Оттон иккис итиниэхэ холоонноох кэриэс – „Чугастааҕыгын, бэйэҕин таптыырыҥ курдук, таптаа“. Бу иккиттэн ордук суолталаах кэриэс суох».
32Сокуонньут эппитэ: «Бэрт сөп, Үөрэтээччи! „Таҥара биир эрэ, Киниттэн ураты атын суох“ диэн Эн чахчыны эттиҥ. 33Кинини „бүтүн сүрэхпитинэн, бүтүн өйбүтүнэн-санаабытынан, бүтүн дууһабытынан, бүтүн күүспүтүнэн-күдэхпитинэн таптыахтаахпыт“ уонна „чугастааҕыбытын эмиэ, бэйэбитин таптыырбыт курдук, таптыахтаахпыт“. Бу ханнык да уокка уматыллар сиэртибэтээҕэр, бэлэхтээҕэр-туһахтааҕар быдан ордук».
34Кини өйдөөхтүк хоруйдаабытын истэн, Иисус: «Эн Таҥара Саарыстыбатыттан ырааҕа суоххун», – диэбитэ. Бу кэннэ ким да санаата кэлэн, Киниттэн тугу да ыйыппатаҕа.
Христос ким Уолай?
35 Таҥара Дьиэтигэр үөрэтэ туран, Иисус салгыы эппитэ: «Сокуонньуттар Христоһу тоҕо Давид Уола диэн ааттыылларый? 36Давид бэйэтэ Сибэтиэй Тыынынан этэр эбээт: „Айыы Тойон мин Тойоммор өстөөхтөргүн үктэл оҥостон олорор гына Эйиэхэ самнаран биэриэхпэр диэри, Мин уҥа өттүбэр олор диэбитэ“ диэн. 37Онон Давид бэйэтэ Кинини Тойонум диэн ааттыыр буоллаҕына, оччоҕо хайдах Кини Давид Уола буоларый?»
Норуот Кинини үөрүүнэн истибитэ.
38«Сокуонньуттартан сэрэниҥ, – диэн Иисус дьону үөрэппитэ. – Кинилэр уһун таҥастанары#12:38 Уһун таҥастанары – еврейдэр төбөлөрүгэр уһун саал былаат – талиф – кэтэн баран үҥэллэрэ., болуоссакка уруйданары, 39синагогаҕа инники эрээккэ, малааһыҥҥа бастыҥ олоххо олорору сөбүлүүллэр; 40огдооболору хорон сиэччилэр, дьон көрөрүгэр өр үҥээччилэр эмиэ кинилэр, онон ыартан ыар буруйга тиксиэхтэрэ».
Огдообо сиэртибэтэ
41Иисус харчы түһэрэр иһиттэри утары олорон, онно харчыны хайдах угалларын көрбүтэ. Үгүс баайдар баһаам харчыны укпуттара. 42Арай биир дьадаҥы огдообо дьахтар тиийэн кэлэн, икки бытархай манньыаты кылыр гына түһэрбитэ.
43Иисус үөрэнээччилэрин ыҥыран ылан, эппитэ: «Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: бу дьадаҥы огдообо дьахтар харчы угар иһиккэ барыларыттан элбэҕи укта. 44Бары бэйэлэрин ордук харчыларын укпуттара, оттон кини буоллаҕына айаҕар эрэ тиийэр кырыымчык харчытын олоччу укта».

Currently Selected:

Марк 12: СБК

Highlight

Share

Copy

None

Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in