YouVersion Logo
Search Icon

Марк 11

11
Иерусалимҥа киирии
1Иерусалим чугаһынааҕы Виффагиялаах Вифанияҕа, Елеон хайатыгар чугаһаан иһэн, Иисус икки үөрэнээччитин инники ыыппыта: 2«Бу иннигитигэр баар дэриэбинэҕэ тиийиҥ; онно киирээккитин кытта, ким да миинэ илик осела бааллан турар буолуоҕа, ону сүөрэн манна аҕалыҥ. 3Ким эмэ бу тугу гынаҕыт диэн ыйыттаҕына, эһиги „Тойоммут наадыйар, сотору төннөрүөҕэ“ диэн хоруйдаарыҥ».
4Үөрэнээччилэр биир быстах туора уулуссаҕа тиийэн, олбуор ааныгар осел оҕото баайыллан турарын булан, быатын сүөрбүттэрэ. 5Онно турар сорох дьон ыйыппыттара: «Бу тугу гынаҕыт? Осел оҕотун тоҕо сүөрэҕит?» 6Кинилэр Иисус эппитин курдук хоруйдаабыттарыгар анарааҥҥылар көҥүллээн ыыппыттара. 7Оселу илдьэ кэлэн, үрдүгэр таҥастарын уурбуттара. Иисус оселу мииммитэ. 8Үгүстэр суолга таҥастарын тэлгииллэрэ, сорохтор үүнэн турар мас лабааларын быһан ылан уураллара. 9Иисуһу инниттэн-кэнниттэн арыаллаан иһээччилэр хаһыытаһа испиттэрэ: «Осанна! Айыы Тойон аатыгар Кэлэн Иһээччи алгыстаах! 10Аҕабыт Давид кэлэн иһэр Саарыстыбата алгыстаах! Осанна мэҥэ халлааҥҥа!»
11Иисус Иерусалимҥа кэлэн, Таҥара Дьиэтигэр киирбитэ. Кини, барытын сирийэн көрөн баран, күн киэһэрэн, Уон Иккиэлэрин кытта Вифанияҕа барбыта.
Смоковницаны кырааһын
12Нөҥүө күнүгэр, Вифанияттан тахсыбыттарыгар, Кини аччыктаан кэлбитэ; 13хойуу сэбирдэхтээх смоковница турарын ыраахтан көрөн, биир эмэ отону булаайамый диэн, чугаһаан кэлбитэ даҕаны, смоква хомуллар кэмэ илик буолан, сэбирдэхтэн биир да отону булбатаҕа. 14Иисус маска туһаайан: «Аны үйэ-саас тухары ким даҕаны эн отоҥҥун сиэбэтин!» – диэбитэ. Бу эппитин үөрэнээччилэрэ истибиттэрэ.
Таҥара Дьиэтиттэн атыыһыттары үүрүү
15Иерусалимҥа кэлбиттэрэ. Иисус, Таҥара Дьиэтигэр киирэн, атыыһыттары да, атыылаһааччылары да үүртэлээн таһаарбыта, харчы уларытааччылар остуолларын, холууп атыылааччылар ыскаамыйаларын түҥнэритэ анньыталаабыта, 16Таҥара Дьиэтин иһинэн ким да тугу да тутан ааһарын көҥүллээбэтэҕэ. 17Итиэннэ үөрэтэригэр эппитэ: «„Мин Дьиэм бары норуоттар үҥэр дьиэлэринэн ааттаныа“ диэн суруллубатаҕа этэ дуо? Ону эһиги ороспуойдар ордуулара оҥорбуккут».
18 Сокуонньуттар уонна архиерейдар маны истэн, Кинини хайдах эмэ гынан өлөрөр ньыманы көрдөөбүттэрэ; ол эрээри норуот бүттүүнэ Кини үөрэтэр үөрэҕин сөҕөрүн иһин, кинилэр Иисустан куттанар этилэр.
19Киэһэ буолбутугар Кини үөрэнээччилэрин кытта куораттан тахсан барбыта.
Куура хаппыт смоковница
20Сарсыарда эрдэ били смоковница аттынан ааһан иһэн көрбүттэрэ, мас силиһигэр тиийэ хатан хаалбыт этэ. 21Петр, бэҕэһээҥҥини өйдөөн кэлээт, Киниэхэ: «Равви! Көр эрэ, Эн кыраабыт маһыҥ хатан хаалбыт», – диэбитэ.
22Иисус итиннэ хоруйдаан кинилэргэ эппитэ: «Эһиги Таҥараны итэҕэйэр буолуҥ. 23Кырдьыгы эһиэхэ этэбин, ким бу хайаны, көтөҕүллэн тахсан муораҕа түс дии туран, эппитим туолуо диэн ис сүрэҕиттэн, кыратык да саарбахтаабакка, итэҕэйэр буоллаҕына, тугу эппитэ туолуо. 24Ол иһин эһиэхэ этэбин: Таҥараҕа үҥэргитигэр, тугу да көрдөспүккүт иһин, ылыахпыт#11:24 Ылыахпыт – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «ыллыбыт». диэн итэҕэйэн туран көрдөһүҥ, оччоҕо көрдөспүккүт барыта эһиэхэ бэриллиэҕэ. 25Уонна үҥэ туран, кимиэхэ эмэ хоргута саныырдаах буоллаххытына, кинини бырастыы гыныҥ, оччоҕо эһиги Халлааннааҕы Аҕаҕыт эмиэ эһиги аньыыгытын-буруйгутун бырастыы гыныаҕа. 26Оттон бырастыы гыммат буоллаххытына, Халлааннааҕы Аҕаҕыт эмиэ эһиги аньыыгытын-буруйгутун бырастыы гыныа суоҕа»#11:22-26Сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу этии суох..
Иисус Христос быраабын туһунан ыйытыы
27Онтон эмиэ Иерусалимҥа кэлбиттэрэ. Иисус Таҥара Дьиэтигэр сырыттаҕына, архиерейдар, сокуонньуттар уонна аҕа баһылыктар Киниэхэ кэлэн: 28«Ханнык быраапкынан Эн итинник быһыыланныҥ?#11:28Атыыһыттары Таҥара Дьиэтиттэн үүртэлээбитин туһунан ыйытыы. Ким Эйиэхэ итинник быһыыланар быраабы биэрбитэй?» – диэбиттэрэ.
29«Мин эмиэ эһигиттэн биири ыйытыам, – диэбитэ Иисус. – Онно хоруйдаатаххытына, Мин эмиэ ханнык бырааппынан итинник быһыыламмыппын эһиэхэ этиэм. 30Иоанн сүрэхтиир көҥүлүн хантан ылбытай: Таҥараттан дуу, дьонтон дуу? Миэхэ хоруйдааҥ».
31Кинилэр бэйэлэрин икки ардыларыгар сүбэлэспиттэрэ: «Таҥараттан диэтэхпитинэ, оччоҕо эһиги кинини тоҕо итэҕэйбэтэххитий диэҕэ». 32Оттон дьонтон диэхтэрин кинилэр норуоттан куттаналлара, тоҕо диэтэххэ, Иоанн чахчы пророк буоларын бука бары итэҕэйэллэрэ. 33Онон: «Билбэппит», – диэн хоруйдаабыттара.
«Оччоҕо Мин эмиэ ханнык бырааппынан итинник быһыыланарбын эһиэхэ эппэппин», – диэбитэ Иисус.

Currently Selected:

Марк 11: СБК

Highlight

Share

Copy

None

Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in