YouVersion Logo
Search Icon

Марк 10

10
Арахсыы туһунан
1Иисус мантан тахсан, Иордан уҥуоргу эҥээринэн Иудея сиригэр кэлбитэ. Киниэхэ эмиэ дьон мустубута, Кини, үгэһинэн, ол дьону үөрэппитэ.
2 Фарисейдар кэлэн Кинини холоон көрөн: «Эр киһи ойоҕуттан арахсара көҥүллэнэр дуо?» – диэн ыйыппыттара.
3«Оттон Моисей эһиэхэ тугу ыйбытай?» – диэбитэ Иисус.
4«Моисей дьахтарга арахсар суругу биэрэн баран, арахсары көҥүллээбитэ», – диэн хоруйдаабыттара.
5Иисус эппитэ: «Эһиги сүрэххит тыйыһын иһин, кини эһиэхэ итини көҥүллээбитэ. 6Аан бастакыттан, аан дойду айыллыаҕыттан, Таҥара эр киһини уонна дьахтары айбыта. 7Онон „киһи ийэлээх-аҕатын хаалларан 8ойоҕунуун холбоһуо#10:8 Ойоҕунуун холбоһуо – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар., оччоҕо иккиэн биир эт-хаан буолуохтара“, ол аата кинилэр аны икки аҥыы буолбатахтар – иккиэн биир буолаллар. 9Онон Таҥара холбообутун киһи араарбатын».
10Үөрэнээччилэр, дьиэҕэ киирэн баран, бу туһунан өссө биирдэ ыйыппыттара. 11«Ойоҕуттан арахсан атын дьахтары ойох ылар киһи – көссүүлэһэр, – диэбитэ Иисус. – 12Дьахтар эмиэ, эриттэн арахсан атын киһиэхэ эргэ тахсар буоллаҕына – көссүүлэһэр».
Иисус Христос уонна кыра оҕолор
13Таарыйдын диэн Киниэхэ кыра оҕолору аҕалтаабыттарын, үөрэнээччилэрэ чугаһаппатахтара#10:13 Чугаһаппатахтара – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «сэмэлээбиттэрэ».. 14Иисус ону көрөн, абаран эппитэ: «Оҕолору Миэхэ аһардыҥ, кинилэр Миэхэ кэлэллэрин мэһэйдээмэҥ: Таҥара Саарыстыбатыгар манныктар киирэллэр. 15Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: Таҥара Саарыстыбатын оҕо курдук ылымматах киһи онно киириэ суоҕа». 16Уонна оҕолору кууһан ылан баран, илиитин ууран туран алҕаабыта.
Эдэр баай
17Иисус суол устун баран эрдэҕинэ, биир киһи сүүрэн кэлэн Кини иннигэр сөһүргэстии түспүтэ: «Үтүө Үөрэтээччи! Бараммат олоххо тиксэр туһугар, мин тугу гыныахтаахпыный?»
18Иисус эппитэ: «Эн Миигин тоҕо үтүө диэн ааттыыгыный? Таҥараттан ураты үтүө ким да суох. 19„Көссүүлэһимэ, өлөрүмэ, уорума, сымыйанан туоһулаама, албыннаама, ийэлээх-аҕаҕын ытыктаа“ диэн кэриэстэри эн билэҕин».
20Киһи эппитэ: «Үөрэтээччи, мин итини барытын оҕо эрдэхпиттэн тутуһабын».
21Иисус кинини таптыы көрбүтэ. «Биир эйиэхэ тиийбэт, – диэбитэ Кини. – Баран туох баардааххын барытын атыылаан дьадаҥыларга түҥэт, оччоҕо Халлааҥҥа баайдаах буолуоҥ; итиэннэ кэлэн кириэскин ылан#10:21 Кириэскин ылан – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар. Миигин батыс».
22Киһи бу тылтан санньыйан, сирэйэ-хараҕа өһөн баран хаалбыта; кини олус баай этэ.
23Иисус, тулатын эргиччи көрөн баран, үөрэнээччилэригэр эппитэ: «Баай дьон Таҥара Саарыстыбатыгар киирэллэрэ хайдахтаах ыараханый!»
24Үөрэнээччилэрэ Кини эппитин дьулайа истибиттэрэ. «Оҕолоор! Баайдарыгар эрэнэр дьон Таҥара Саарыстыбатыгар киирэллэрэ хайдахтаах ыараханый!#10:24 Баайдарыгар эрэнэр дьон Таҥара Саарыстыбатыгар киирэллэрэ хайдахтаах ыараханый! – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «Таҥара Саарыстыбатыгар киирэр хайдахтаах ыараханый!» – Иисус хатылаан эппитэ. – 25Баай киһи Таҥара Саарыстыбатыгар киирэринээҕэр, тэбиэн иннэ үүтүнэн дөбөҥнүк ааһыаҕа».
26Үөрэнээччилэр бэркиһээн: «Оччоҕо ким кыайан быыһанарый?» – дэһиспиттэрэ.
27Иисус кинилэр диэки көрөн баран эппитэ: «Ол дьоҥҥо кыаллыбат – Таҥараҕа кыаллар. Таҥара кыайбатаҕа диэн суох».
Иисус Христоһу батыспыт дьону туох наҕараада күүтэрий?
28Петр Киниэхэ эппитэ: «Биһиги тугу барытын быраҕан туран, Эйигин батыспыппыт».
29«Кырдьыгы эһиэхэ этэбин, – диэбитэ Иисус, – Мин туспар уонна Евангелие туһугар дьиэлэрин, убайдарын-бырааттарын, эдьиийдэрин-балыстарын, ийэлэрин-аҕаларын, оҕолорун, эбэтэр сирдэрин хаалларбыттар 30билигин, бу кэмҥэ, үүрүллэ да сылдьан, сүүс төгүл элбэх дьиэни, убайы-бырааты, аҕаһы-балыһы, ийэни, оҕону уонна сири булуохтара, онтон кэлэр Үйэҕэ бараммат олоххо тиксиэхтэрэ. 31Үгүс бастакылар кэнники буолуохтара, кэнникилэр бастакы буолуохтара».
Иисус Христос өлөн баран тиллиэхтээҕин үсүһүн этэр
32Кинилэр Иерусалимнаан испиттэрэ: Иисус иннилэригэр иһэрэ, үөрэнээччилэрэ ытырыктата саныыллара, кэнниттэн батыһан иһэн дьулайа, куттана испиттэрэ. Кини Уон Иккиэлэрин эмиэ ыҥыран ылан, иннигэр туох күүтэрин кэпсээбитэ: 33«Дьэ, бу Иерусалимнаан иһэбит. Киһи Уолун архиерейдарга уонна сокуонньуттарга туттардахтарына, Кинини өлөрөргө ууран Таҥараны билбэт омуктарга биэриэхтэрэ; 34оччоҕо Кинини күлүү-элэк оҥостон, сирэйгэ силлээн, кырбаан-сынньан баран, өлөрүөхтэрэ, ол гынан баран үһүс күнүгэр Кини тиллиэҕэ».
Иаковтаах Иоанн көрдөһүүлэрэ
35Киниэхэ Зеведей уолаттара Иаковтаах Иоанн кэлэн эппиттэрэ: «Үөрэтээччи! Биһиги Эйигиттэн көрдөһүүлээхпит, ону толоруоххун баҕарабыт».
36«Тугу толоруохпун баҕараҕытый?» – диэбитэ Кини.
37«Эн албан аатырдаххына, биирбитин Бэйэҥ уҥа өттүгэр, иккиспитин хаҥас өттүгэр олордоор», – диэбиттэрэ.
38«Тугу көрдөһөргүтүн бэйэҕит да билбэккит, – Иисус хоруйдаабыта. – Мин иһэр иһиппиттэн кыайан иһиэххит, Мин сүрэхтэнэрбинэн кыайан сүрэхтэниэххит дуо?»
39«Кыайыахпыт», – дэспиттэрэ.
Иисус эппитэ: «Мин иһэр иһиппиттэн иһиэххит, Мин сүрэхтэнэрбинэн сүрэхтэниэххит, 40ол эрээри Мин уҥа биитэр хаҥас өттүбэр ким олорорун Бэйэм быһаарбаппын: кимиэхэ бэлэмнэммит, ол олоруоҕа».
41Маны истэн атын уон үөрэнээччи Иаковтаах Иоаҥҥа абарбыттара. 42Иисус барыларын бииргэ ыҥыран ылан эппитэ: «Бары норуоттарга бас-көс дэтэр дьонноро баһылыылларын, үрдүк сололоохторо тойоргуулларын эһиги билэҕит. 43Оттон эһиэхэ оннук буолбатын: ким эһиги ортоҕутугар улахаҥҥыт буолуон баҕарбыт – эһиэхэ чаҕар буоллун; 44ким эһиги ортоҕутугар бастакыгыт буолуон баҕарбыт – барыгытыгар кулут буоллун. 45Киһи Уола эмиэ Бэйэтигэр туһалатаары кэлбэтэҕэ, Бэйэтэ туһалаары, олоҕун бар дьон туһугар толук биэрээри, кэлбитэ».
Хараҕа суох Вартимейы үтүөрдүү
46Иерихоҥҥа киирбиттэрэ. Кини үөрэнээччилэрин уонна да атын элбэх дьону кытта Иерихонтан тахсан истэҕинэ, Тимей уола Вартимей, хараҕа суох умнаһыт, суол кытыытыгар олороро. 47Аттынан Иисус Назорей ааһан иһэрин истэн, Кини: «Давид Уола! Иисус! Миигин абыраа!» – диэн үөгүлээбитэ.
48Үгүстэр кинини саба саҥара сатаабыттара да, Вартимей өссө күүскэ үөгүлээбитэ: «Давид Уола! Миигин абыраа!»
49Иисус тохтоон, кинини ыҥыралларыгар соруйбута. Хараҕа суох киһини ыҥыран: «Куттаныма, тур, эйигин ыҥырар!» – диэбиттэрэ. 50Киһи, сонун устан быраҕаат, туран Иисуска кэлбитэ.
51«Тугу көрдөһүөххүн баҕараҕын?» – диэн ыйыппыта Иисус.
Хараҕа суох киһи эппитэ: «Раввуни! Мин көрөр буолуохпун баҕарабын».
52«Чэ, бар, итэҕэлиҥ эйигин быыһаата», – диэбитэ Иисус. Сонно Вартимей хараҕынан көрөр буолан, суол устун Кинини батыһан барбыта.

Currently Selected:

Марк 10: СБК

Highlight

Share

Copy

None

Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in