Марк 15
15
Пилат иннигэр
1Сарсыарда эрдэ архиерейдар, аҕа баһылыктар, сокуонньуттар уонна синедрион бүттүүнэ мустан, сүбэлэһэн баран, Иисуһу кэлгийэн, Пилакка илдьэн биэрбиттэрэ.
2«Эн кырдьык иудей Ыраахтааҕытынаҕын дуо?» – Пилат ыйыппыта.
«Эн бэйэҥ эттиҥ», – диэбитэ Иисус.
3Архиерейдар Кинини элбэххэ буруйдаабыттара. 4Пилат Киниттэн хат ыйыппыта: «Эн тоҕо тугу да хоруйдаабаккыный? Көрбөккүн дуо Эйигин хайдах курдук элбэххэ буруйдуулларын?» 5Ол эрээри, Пилат дьиктиргиэн иһин, Иисус маныаха даҕаны тугу да хоруйдаабатаҕа.
Өлөрөргө ууруу
6Бырааһынньыкка норуот көрдөһүүтүнэн Пилат биир хаайыылааҕы босхолуур үгэстээҕэ. 7Ол саҕана буолбут өрө турууга дьону өлөрөн, биир санаалаахтарын кытта хаайыллан сытар Варавва диэн киһи баара. 8Норуот Пилаттан кинилэр тустарыгар ити үгэһин өссө төгүл толороругар көрдөһөн барбыта.
9«Эһиэхэ иудей Ыраахтааҕытын босхолоон биэриэхпин баҕараҕыт дуо?» – диэн ыйыппыта Пилат. 10Архиерейдар ордугурҕаан Кинини туттарбыттарын Пилат билэр этэ. 11Ол эрээри кинилэр Пилаттан Варавваны көрдөөн ыларга норуоту кикпиттэрэ.
12«Оччоҕо иудей Ыраахтааҕыта диэн ааттыыр Киһигитин мин хайдах гынабын?» – диэн Пилат хат ыйыппыта.
13«Кириэскэ тиир – Кинини!» – эмиэ үөгүлэһэн барбыттара.
14«Кини туох куһаҕаны оҥорбутай?» – диэбитэ Пилат.
Онуоха өссө сэтэрэн: «Кириэскэ тиир – Кинини!» – диэн үөгүлэспиттэрэ.
15Онон Пилат норуот санаатын табаары, кинилэргэ Варавваны босхолообута, оттон Иисуһу таһыйтаран баран, тиирэн өлөрөргө биэрбитэ.
Рим буойуннара Иисус Христоһу элэк оҥостоллор
16Буойуннар Кинини дыбарыас түгэҕэр баар хаһаарымаҕа илдьэн, онно бүтүн этэрээти мунньубуттара; 17санныгар кыһыл сону саба быраҕан баран, хатыылаах ыарҕаттан бөнүөк өрөн, төбөтүгэр кэтэрдибиттэрэ, 18уонна: «Иудей Ыраахтааҕыта, туругур!» – диэн айхаллаабыттара; 19торуосканан төбөҕө охсуолаабыттара, силлээбиттэрэ-хаахтаабыттара, сөһүргэстии-сөһүргэстии, Киниэхэ сүгүрүйбүтэ буолбуттара. 20Дуоһуйуохтарыгар диэри, күлүү-элэк оҥостон баран, кыһыл сонун устан, Бэйэтин таҥаһын таҥыннарбыттара уонна өлөрө илдьибиттэрэ.
Кириэскэ тиирии
21Ходуһаттан кэлэн ааһан иһэр Симон диэн ааттаах Киринеяттан төрүттээх киһини, Александр уонна Руф аҕаларын, Иисус кириэһин сүгэригэр күһэйбиттэрэ. 22Иисуһу Голгофаҕа, ол аата «Бас уҥуоҕа» диэн ааттанар сиргэ аҕалбыттара. 23Туймаардар арыгыны иһэрдэ биэрбиттэрин, Кини испэтэҕэ. 24Иисуһу кириэскэ тиирбит дьон, таҥаһын үллэстээри, ким тугу ыларын быһаарсан түөрэх бырахсыбыттара.
25Кинини кириэскэ үс чаас саҕана#15:25 Үс чаас саҕана – сарсыарда тоҕус чааска. тиирбиттэрэ. 26Төбөтүн үрдүнэн буруйа – «Иудей Ыраахтааҕыта» диэн суруллан турара. 27Кинини кытта икки ороспуонньугу тиирбиттэрэ: биирин Кини уҥа өттүгэр, атынын хаҥас өттүгэр. 28Онон Суруйууларга «Кинини хара дьайдаахтарга тэҥнээбиттэрэ» диэн этиллибит туолбута#15:28Сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу этии суох.. 29Ааһан иһээччилэр, сэнээбиттии кэҕиҥнэһэ-кэҕиҥнэһэ: «Ээй, Эн, Таҥара Дьиэтин урусхаллаан баран үс күнүнэн тутааччы! – диэн үөҕэллэрэ. – 30Бэйэҕин Бэйэҥ быыһан, кириэстэн түс!»
31Архиерейдар эмиэ сокуонньуттардыын Кинини күлүү-элэк оҥостон: «Атыттары быыһыыра, оттон Бэйэтин быыһанар кыаҕа суох! – дэһэллэрэ. – 32Христос, Израиль Ыраахтааҕыта, биһиги көрөн турдахпытына, сибилигин кириэстэн түстүн, дьэ оччоҕо итэҕэйиэхпит». Бэл Кинини кытта бииргэ тиириллибиттэр эмиэ үөҕэ турбуттара.
Иисус Христос өлүүтэ
33Алта чаас саҕана сир үрдүгэр им балай хараҥа бүрүүкээн тоҕус чааска диэри#15:33 Алта чаас саҕана… тоҕус чааска диэри – күн ортотуттан күнүс үс чааска диэри. оннук ыаһыран турбута. 34Тоҕус саҕана Иисус улаханнык саҥаран: «Элои! Элои! Ламма савахфани?» – диэбитэ. (Ол аата, тылбаастаатахха – «Таҥарам, Таҥарам! Эн Миигин тоҕо хааллардыҥ?»)
35Аттыгар турааччылартан сорохторо маны истэн: «Көр, Илияны ыҥырар!» – дэспиттэрэ.
36Ким эрэ сүүрэн тиийэн, гуупкаҕа уксууһу оборторон ылан тайахха иилэн баран, онтун Кини уоһугар үҥүлүтэ туран: «Бэйи тохтооҥ, Илия Кинини түһэрэ кэлэр эбит дуу, суох дуу, көрүөхпүт», – диэбитэ.
37Иисус улаханнык хаһыытаан баран, тыына быстыбыта.
38Таҥара Дьиэтин ис быыһа үөһэттэн алларааҥҥа тиийэ икки аҥыы хайа барбыта. 39Иисус иннигэр турбут сотник, Кини итинник хаһыытаан баран#15:39 Хаһыытаан баран – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар. өлбүтүн көрөн: «Бу Киһи чахчы Таҥара Уола эбит!» – диэн саҥа аллайбыта.
40Итини ыраахтан дьахталлар эмиэ көрөн турбуттара: кинилэр ортолоругар Мария Магдалина, кыра Иаков уонна Иосия#15:40 Иосия – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «Иосет». ийэлэрэ Мария итиэннэ Саломия бааллара. 41Кинилэр Иисуһу Галилеяттан ыла батыһа сылдьаннар, Киниэхэ сулууспалаабыттара. Итини таһынан Кинини кытта Иерусалимҥа кэлсибит атын элбэх дьахтар баара.
Иисус Христоһу харайыы
42Киэһэрбитин иһин (бу бээтинсэ, субуота иннинээҕи күн этэ), 43Сүбэ биллиилээх чилиэнэ, бэйэтэ эмиэ Таҥара Саарыстыбатын кэтэһэр киһи, Аримафеяттан төрүттээх Иосиф кэлэн, эр хаанын ылынан Пилакка киирбитэ уонна Иисуһу көрдөөбүтэ. 44Иисус хайыы-үйэ өлбүтүн истэн, Пилат соһуйбута, онон сотнигын ыҥыран ылан, Кини хаһан өлбүтүн ыйыппыта; 45сотниктан билэн баран, Иисуһу Иосифка бэрдэрбитэ. 46Иосиф болотуна атыылаһан аҕалбыта уонна Кинини кириэстэн түһэрэн, ол болотунатыгар суулаан баран, очуоска оҥоһуллубут хаспахха сытыарбыта; хаспах айаҕын тааһынан бүөлэтэ уурбута. 47Мария Магдалина уонна Иосия ийэтэ Мария Иисуһу ханна харайалларын көрөн турбуттара.
Currently Selected:
Марк 15: СБК
Highlight
Share
Copy
Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in
© Институт перевода Библии, 2008-2022