YouVersion Logo
Search Icon

Матфей 5

5
Хайа үрдүгэр үөрэтии Таҥара алгыһыгар тиксии
1Көй элбэх дьону көрөн, Иисус тахсан хайа үрдүгэр олорбута; үөрэнээччилэрэ тиийэн кэлбиттэригэр, 2Кини маннык саҕалаан үөрэтэн барбыта:
3«Таҥара иннигэр дьадаҥыларын өйдөөччүлэр алгыстаахтар: кинилэр аналлара – Халлаан Саарыстыбата.
4Кутурҕаҥҥа ылларан ытааччылар алгыстаахтар: кинилэр уоскуйуохтара.
5Өһүөмньүтэ суох көрсүө майгылаахтар алгыстаахтар: кинилэр сири бас билиэхтэрэ.
6Кырдьыкка утаппыттыы, аччыктаабыттыы баҕарааччылар алгыстаахтар: кинилэр дуоһуйуохтара.
7Амарах санаалаахтар алгыстаахтар: кинилэр амарах сыһыаны көрсүөхтэрэ.
8Ыраас сүрэхтээхтэр алгыстаахтар: кинилэр Таҥараны көрүөхтэрэ.
9Эйэни тэрийээччилэр алгыстаахтар: кинилэр Таҥара уолаттара диэн ааттаныахтара.
10Кырдьык иһин күөмчүлэммиттэр алгыстаахтар: кинилэр аналлара – Халлаан Саарыстыбата.
11Эһиги, Мин туспуттан үөҕүллэ, үүрүллэ, холуннарылла да сылдьаҥҥыт, алгыстааххыт. 12Үөрүҥ-көтүҥ, өрөгөйдөөҥ: Халлааҥҥа эһигини улуу наҕараада күүтэр. Эһиги иннинээҕи пророктары эмиэ ити курдук сойуолаабыттара.
Туус уонна сырдык
13Эһиги сир тууһунаҕыт. Туус күүһүн сүтэрдэҕинэ, амтанын хайдах төннөрүөҥүй? Амтанын сүтэрбит туус туохха да туһата суох: оннук тууһу таһырдьа, дьон тэпсилгэнигэр, ыһан эрэ кэбиһэҕин.
14Эһиги аан дойду сырдыгынаҕыт. Хайа үрдүгэр турар куорат дьон хараҕыттан саһар кыаҕа суох. 15Сибэтиилинньиги эмиэ, уматан баран, тугунан да саба уурбакка, олоҕор туруораллар, оччоҕо сырдыга дьиэ иһинээҕи дьоҥҥо барытыгар тыгар. 16Эһиги үтүөкэн дьайыыларгытын көрөн, Халлааннааҕы Аҕаҕыт аатын айхаллыылларын туһугар, эһиги сырдыккыт эмиэ бар дьон иннигэр сыдьаайыахтын.
Христос уонна Сокуон
17Эһиги Миигин Сокуону эбэтэр Пророктары көтүрэ кэлбит дии санаамаҥ: Мин ону көтүрэ буолбатах, толоро кэлбитим. 18Кырдьыгы этэбин эһиэхэ: сир-халлаан турарын тухары, Сокуон биир да кыракый буукубата, биир да кэрдииһэ халбаҥныа суоҕа – барыта туолуоҕа. 19Онон ким бу кыракый кэриэстэртэн биирин эмэ да кэспит уонна дьону оннукка үөрэппит – ол Халлаан Саарыстыбатыгар куччугуй диэн ааттаныаҕа, оттон ким бу кэриэстэри тутуспут уонна дьону оннукка үөрэппит – ол Халлаан Саарыстыбатыгар улуу диэн ааттаныаҕа. 20Эһиэхэ этэбин: эһиги Таҥара көҥүлүн сокуонньуттардааҕар уонна фарисейдардааҕар ордук толорботоххутуна, Халлаан Саарыстыбатыгар киириэххит суоҕа.
Уордайыма
21Өбүгэлэргитигэр „Өлөрүмэ: өлөрбүт – дьүүлгэ туруоҕа“ диэн этиллибитин эһиги истибиккит. 22Оттон Мин эһиэхэ этэбин: ким оруна суохха быраатыгар уордайбыт – дьүүлгэ тардыллыаҕа, ким быраатын „Рака!“#5:22 Оруна суохха – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар. Рака (арамей.) – акаары. диэбит – синедрион дьүүлүгэр туруоҕа, оттон ким „Өйө суоххун!“ диэбит – геенна уотугар түбэһэр кутталланыаҕа. 23Өскөтүн эн бэлэххин сиэртибэнньиккэ аҕалан туран, быраатыҥ эйигин хом саныырдааҕын өйдөөн кэллэххинэ, 24бэлэххин сиэртибэнньик иннигэр хаалларан баран, туох-ханнык иннинэ, бырааккын кытта иллэс, дьэ ол эрэ кэнниттэн кэлэн, бэлэххин туттар. 25Буруйдааччыгын кытта, суут ааныгар тиийэ иликкинэ, түргэнник эйэлэһэ оҕус, эйэлэспэтэххинэ, буруйдааччыҥ эйигин судьуйаҕа туттарыаҕа, оттон судьуйа эйигин үлэһитигэр этэн, хаайыыга бырахтарыаҕа. 26Кырдьыгы эйиэхэ этэбин: иэскин тиһэх бытархай харчытыгар тиийэ төлүү иликкинэ, эн онтон тахсыаҥ суоҕа.
Көссүүлэһии туһунан
27„Көссүүлэһимэ“ диэн былыргыларга этиллибити эһиги истибиккит. 28Оттон Мин эһиэхэ этэбин: ким дьахтары имэҥирэ көрөр – ол санаатыгар кинини кытта хайыы-үйэ көссүүлэспит. 29Өскөтүн эйигин уҥа хараҕыҥ аньыыга угуйар буоллаҕына, хараххын оҥон ылан киэр бырах: бүтүн бэйэҥ гееннаҕа быраҕыллыаҥ кэриэтэ, этиҥ-сииниҥ биир миэстэтэ итээбитэ эйиэхэ ордук. 30Өскөтүн эйигин уҥа илииҥ аньыыга угуйар буоллаҕына, илиигин быһан ылан киэр бырах: бүтүн бэйэҥ гееннаҕа быраҕыллыаҥ кэриэтэ, этиҥ-сииниҥ биир миэстэтэ итээбитэ эйиэхэ ордук.
Ойоххун кытта арахсыма
31„Ким ойоҕуттан арахсар – ол арахсыытын суругун киниэхэ биэриэхтээх“ диэн этиллибитэ. 32Оттон Мин эһиэхэ этэбин: ким ойоҕуттан, кини кими да кытта көссүүлэспэтэҕин үрдүнэн, арахсар буоллаҕына, ол кинини көссүүлэһиигэ күһэйэр; оттон эриттэн арахсыбыт дьахтары ойох ылар киһи эмиэ – көссүүлэһэр.
Андаҕайыма
33Эһиги „Биэрбит андаҕаргын кэһимэ, андаҕаргын Айыы Тойон иннигэр хайаан да толор“ диэн былыргыларга этиллибити эмиэ истибиккит. 34Оттон Мин эһиэхэ этэбин: хаһан да андаҕайыма – халлаанынан даҕаны, тоҕо диэтэххэ, халлаан – Таҥара бүрүстүөлэ; 35сиринэн даҕаны: сир – Кини атаҕын уурар үктэлэ; Иерусалимынан даҕаны: Иерусалим – Улуу Ыраахтааҕы#5:35 Улуу Ыраахтааҕы – Таҥара. куората; 36бэйэҥ да төбөҕүнэн андаҕайыма, тоҕо диэтэххэ, эн оннооҕор биир да баттаххын баҕарбыккынан маҥхатар да, хараардар да кыаҕыҥ суох. 37Эһиги сөп дииргит сөбү, суох дииргит суоҕу эрэ этэр буоллун; онтон атын тыл хара дьайдаахтан кэлэр.
Иэстэһии
38Эһиги хаан хааҥҥа, тиис тиискэ диэн этиллибитин истибиккит. 39Оттон Мин эһиэхэ этэбин: өһүөннээх киһиэхэ утарсыма. Ким эмэ эйигин уҥа иэдэскэ оҕустаҕына – киниэхэ атын иэдэскин тоһуйан биэр; 40ким эмэ, ырбаахыгын былдьаары сууттаһыан баҕардаҕына, – киниэхэ соҥҥун устан биэр; 41ким эмэ эйигин биир көһү барсарга күһэйдэҕинэ, икки көһү барыс. 42Көрдөһөөччүгэ – биэр, иэс көрдөөччүттэн – киэр хайыһыма.
Өстөөхтөргүн таптаа
43Чугастааҕыгын таптаа, өстөөххүн абааһы көр диэн этиллибити эһиги истибиккит. 44Оттон Мин эһиэхэ этэбин: өстөөхтөргүтүн таптааҥ, эһигини кырааччылары алҕааҥ, абааһы көрөөччүлэргэ үтүөнү оҥоруҥ, эһигини атаҕастааччылар,#5:44 Кырааччылары алҕааҥ, абааһы көрөөччүлэргэ үтүөнү оҥоруҥ, эһигини атаҕастааччылар… – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар. сойуолааччылар тустарыгар Таҥараҕа үҥүҥ, 45оччоҕо эһиги Халлааннааҕы Аҕаҕыт уолаттара буолуоххут. Тоҕо диэтэххэ Кини күнүн сырдыгын үтүөҕэ да, мөкүгэ да тыктарар, ардаҕын ырааска да, аньыылаахха да ыытар. 46Эһигини таптыыр эрэ дьону таптыыр буоллаххытына, туох махталын кэтэһэҕит? Түһээн хомуйааччылар да итини сатыыллар буолбатах дуо? 47Доҕотторгутун эрэ эйэҕэстик көрсөр буоллаххытына, ама эһиги уһулуччулаах үтүөнү оҥоробут диэххит дуо? Таҥараны билбэт да дьон итини сатыыллар буолбатах дуо? 48Онон, Халлааннааҕы Аҕаҕыт эҥкилэ суоҕун курдук, эһиги эмиэ эҥкилэ суох буолуҥ.

Currently Selected:

Матфей 5: СБК

Highlight

Share

Copy

None

Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in