YouVersion Logo
Search Icon

Матфей 4

4
Иисус Христоһу тургутуу
1Онтон Тыын Иисуһу, адьарайынан тургуттараары, кураайы куйаарга илдьэ барбыта. 2Иисус түөрт уон түүннээх күн устата постанан баран, тиһэҕэр, аһыан олус баҕаран кэлбитэ. 3Кинини тургутар адьарай кэлэн: «Эн Таҥара Уола буоллаххына, бу таастары килиэпкэ кубулуйуҥ диэн бирикээстээ», – диэбитэ.
4Иисус киниэхэ эппитэ: «„Киһи, аҥаардас килиэбинэн эрэ буолбакка, Таҥара этэр хас биирдии тылынан олоруоҕа“ диэн суруллубута».
5Онуоха адьарай Кинини сибэтиэй куоракка аҕалан, Таҥара Дьиэтин чыпчаалыгар туруоран баран: 6«Эн, Таҥара Уола буоллаххына, аллараа диэки ыстанан кэбис. Суруллубутун курдук, „Аанньалларыгар Эйигин араҥаччылыырга соруйуоҕа, оччоҕо таастан бүдүрүйбэтиҥ туһугар, кинилэр Эйигин көтөҕөн илдьиэхтэрэ“», – диэбитэ.
7Иисус киниэхэ эппитэ: «Суруйууларга „Айыы Тойон Таҥараҕын тургутан көрүмэ“ диэн эмиэ баар».
8Адьарай Кинини аны үрдүк хайа арҕаһыгар таһааран, аан дойду килбиэннээх саарыстыбаларын барытын көрдөрбүтэ: 9«Миэхэ сөһүргэстээн сүгүрүйдэххинэ, мин бу маны барытын Эйиэхэ биэриэҕим», – диэбитэ.
10Иисус эппитэ: «Киэр буол Миигиттэн, сатана! Суруллан турар: „Айыы Тойон Таҥараҕар сүгүрүй итиэннэ Киниэхэ эрэ сулууспалаа“ диэн».
11Маны истэн адьарай Киниттэн дьэ арахпыта; сонно Киниэхэ Аанньаллар көмөлөһө кэлбиттэрэ.
Иисус Христос Галилеяҕа сулууспатын саҕалыыр
12Иоанны хаайыыга укпуттарын истэн, Иисус Галилеяҕа барбыта. 13Назареты хаалларан, Кини Завулон уонна Неффалим сиригэр, муора кытылыгар турар Капернаумҥа кэлэн олохсуйбута. 14Бу Исайя пророк өтө көрөн эппитэ туоларын туһугар буолбута: 15«Завулон сирэ, Неффалим сирэ – муораҕа тириэрдэр суол, Иордан уҥуоргу эҥээрэ – туора омук дойдута Галилея! 16Хараҥаҕа олорор норуот улуу сырдыгы көрдө, өлүү күлүгэр олорор дьоҥҥо сырдык тыкта».
17Бу кэмтэн ыла Иисус: «Аньыыгытын билинэн Таҥараҕа эргиллиҥ, Халлаан Саарыстыбата чугаһаата!» – диэн үөрэтэрин саҕалаабыта.
Маҥнайгы үөрэнээччилэрэ
18 Галилея муоратын кыйа баран иһэн, Кини икки бырааттыылары, Петр диэн ааттаах Симоны уонна кини быраатын Андрейы, муораҕа илимнии сылдьалларын көрбүтэ (кинилэр балыксыттар этилэр).
19Иисус эппитэ: «Миигин батыһыҥ. Мин эһигини дьону илимнээччи оҥоруом». 20Инньэ диэтин кытта, кинилэр илимнэрин быраҕан, Иисуһу батыһан барбыттара.
21Онтон салгыы баран иһэн, Кини аны икки атын ини-биилэри, Зеведей уолун Иаковы уонна кини инитин Иоанны, аҕаларын Зеведейи кытары тыыга илимнэрин абырахтана олороллорун көрөн, ыҥырбыта. 22Кинилэр, аҕаларын тыыга хаалларан, сонно Иисуһу батыһан барбыттара.
Бар дьон Иисус Христоһу батыһар
23Иисус Галилеяны бүтүннүүтүн кэрийбитэ: синагогаларыгар үөрэтэрэ, Саарыстыба Евангелиетын иһитиннэрэрэ уонна араас ыарыыттан, кыаммат буолууттан үтүөрдэрэ. 24Кини туһунан сурах бүтүн Сирияны тилийэ көппүтэ; Киниэхэ туох баар кыамматтары, араас ыарыыга ылларбыттары, таарымталаахтары, абааһыга буулаппыттары, тартарар ыарыылаахтары уонна босхоҥ буолбуттары аҕалтыыллара. Кини олору барыларын үтүөрдүтэлиирэ. 25Галилеяттан, Уон Куорат уобалаһыттан итиэннэ Иерусалимтан, Иудеяттан уонна Иордан уҥуоргутуттан үтүмэн үгүс киһи Кинини батыһан барбыта.

Currently Selected:

Матфей 4: СБК

Highlight

Share

Copy

None

Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in