Матфей 3
3
Иоанн Сүрэхтээччи суол солуур
1Ол саҕана Иудея кураайы куйаарыгар Иоанн Сүрэхтээччи кэлэн: 2«Аньыыгытын билинэн#3:2 Аньыыны билинии (грек. метанойа, нууч. покаяние) – аньыыттан аккаастанан Таҥараҕа эргиллии, аньыыны кэмсинии, өйдүүн-санаалыын үчүгэй өттүгэр тосту уларыйыы. Таҥараҕа эргиллиҥ! Халлаан Саарыстыбата чугаһаата!» – диэн ыҥырбыта. 3«Кураайы куйаарга үөгүлээччи саҥата: „Айыы Тойон суолун солооҥ, көнө ыллыкта Киниэхэ үктээҥ“», – диэн Исайя пророк бу Иоанн туһунан өтө көрөн эппитэ. 4Иоанн тэбиэн түүтэ таҥастааҕа, өттүгэр тирии курдааҕа, буор аһыҥанан уонна дьиикэй мүөтүнэн аһылыктанара. 5Иерусалим куорат, Иудея бүттүүнэ, Иордан өрүс бары эҥээрдэрэ утары тахсан, 6аньыыларын-хараларын этинэн туран, Иордан өрүскэ киниэхэ сүрэхтэммиттэрэ.
7Бэрт үгүс фарисейдар уонна саддукейдар сүрэхтэнэ иһэллэрин көрөн, Иоанн кинилэргэ эппитэ: «Эриэн үөн ыамалара! Кэнэҕэски уортан-кылынтан куотар өйү-санааны ким эһиэхэ укта? 8Аньыыгытын ис сүрэххититтэн билиммиккитин олоххутунан туоһулааҥ. 9Итиэннэ биһиги аҕабыт Авраам диэн сананан да көрүмэҥ! Эһиэхэ этэбин: Таҥара бу да сытар таастары Авраамҥа оҕо гынан туруортуон сөп. 10Сүгэ хайыы-үйэ мас төрдүгэр сытар: ханнык баҕарар маһы, үчүгэй отону биэрбэт буоллаҕына, кэрдэннэр уокка уматаллар.
11Мин эһигини аньыыны билинии бэлиэтигэр уунан сүрэхтиибин, ол гынан баран кэннибиттэн Кэлэн Иһээччи миигиннээҕэр күүстээх – мин Кини атаҕын таҥаһын да тутан иһэргэ сөбө суохпун. Кини эһигини Сибэтиэй Тыынынан уонна уотунан сүрэхтиэҕэ; 12тута сылдьар күрдьэҕинэн куумунаны ыраастаан, бурдугун хомуйан маҥхааһайга кутуоҕа, оттон соломотун умуллубат уокка уматыаҕа».
Иисус Христос сүрэхтэниитэ
13Ол саҕана Иисус Галилеяттан Иордаҥҥа кэлбитэ. Кини Иоаҥҥа сүрэхтэнэ тиийбитигэр, 14Иоанн Кинини тохтото сатаабыта: «Мин Эйигиттэн сүрэхтэнэрим сөп этэ, оттон Эн буоллаҕына миэхэ кэлэҕин дуу?»
15Онуоха Иисус эппитэ: «Билигин маннык буоллун. Биһиги туохха барытыгар Таҥара көҥүлүн толоруохтаахпыт». Иоанн онуоха дьэ сөбүлэспитэ.
16Иисус сүрэхтэнээт, ууттан тахсыбытыгар арай Кини үрдүгэр Халлаан арыллан биэрбитэ, онно көрдөҕүнэ, Таҥара Тыына холууп курдук Киниэхэ түһэн иһэрэ. 17Дьэ онуоха Халлаантан: «Бу баар – Мин үтүө көҥүлбүн толорор Тапталлаах Уолум», – диир саҥа иһиллибитэ. 3
Currently Selected:
Матфей 3: СБК
Highlight
Share
Copy
Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in
© Институт перевода Библии, 2008-2022