YouVersion Logo
Search Icon

Матфей 6

6
Кыһалҕалаахха көмө
1Таҥара иннигэр оҥорор дьайыыларгытын дьоҥҥо көрдөрө-биллэрэ сатаамаҥ: дьоҥҥо көрдөрөр буоллаххытына, эһиги Халлааннааҕы Аҕаҕыт махталын ылыаххыт суоҕа.
2Онон, кыһалҕалаахха көмөлөстөххүтүнэ, сирэй көрбөхтөр үтүөнү оҥорон баран хайҕатаары, синагогаларга уонна болуоссаттарга арбаналларын курдук, арбанымаҥ. Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: кинилэр манньаларын хайыы-үйэ толору ылан эрэллэр. 3Оттон эһиги умнаһыкка бэрсэр кэмҥитигэр, уҥа илиигит тугу гынарын хаҥас илиигит билбэтин, 4ол көмөҕүт көстүбэтинэн буоллун, оччоҕо көстүбэти көрөр Аҕаҕыт эһиэхэ илэ бааччы#6:4, 6, 18 Илэ бааччы – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыл суох. төлүөҕэ.
Таҥараҕа үҥүү
5Үҥэргитигэр сирэй көрбөхтөр курдук буолумаҥ, кинилэр дьоҥҥо көстөр туһуттан синагогаларга, эбэтэр суол тоҕойдоругар тохтоон туран үҥэллэр. Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: кинилэр манньаларын хайыы-үйэ толору ылан эрэллэр. 6Оттон эн, үҥэргэр, хоскор киир уонна ааҥҥын саптан баран, көстүбэт Аҕаҕыттан үҥэн көрдөс, оччоҕо көстүбэти көрөр Аҕаҥ эйиэхэ илэ бааччы төлүөҕэ.
7Үҥэргитигэр, Таҥараны билбэт омуктар курдук ордук-хоһу саҥарымаҥ; кинилэр элбэҕи этэммит иһиллиэхпит дии саныыллар. 8Кинилэр курдук буолумаҥ, Аҕаҕыт эһиги туох кыһалҕалааххытын көрдөһүөххүт да инниттэн билэр эбээт. 9Үҥэргитигэр маннык этэр буолуҥ: „Халлааҥҥа баар Аҕабыт! Эн аатыҥ айхалланыахтын, 10Эн Саарыстыбаҥ кэлиэхтин. Халлааҥҥа курдук, сиргэ эмиэ Эн көҥүлүҥ буолуохтун. 11Күннээҕи тыын килиэппитин бүгүн биһиэхэ биэр. 12Итиэннэ биһиэхэ иэстээхтэри биһи да бырастыы гынарбыт курдук, Эн эмиэ биһиги иэспитин бырастыы гын; 13уонна, аньыы угаайытыгар киллэрбэккэ, биһигини хара дьайдаахтан быыһаа. Эн Саарыстыбаҥ, Эн күүһүҥ-күдэҕиҥ уонна албан аатыҥ үйэттэн үйэлэр тухары муҥура суох эбээт. Аминь#6:13 Эн Саарыстыбаҥ, Эн күүһүҥ-күдэҕиҥ уонна албан аатыҥ үйэттэн үйэлэр тухары муҥура суох эбээт. Аминь – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар.“.
14Өскөтүн эһиги атын дьон аньыытын бырастыы гынар буоллаххытына, Халлааннааҕы Аҕаҕыт эһигини эмиэ бырастыы гыныаҕа, 15оттон дьоҥҥо аньыыларын#6:15 Аньыыларын – сорох былыргы илиинэн суруйууга бу тыл суох. бырастыы гымматаххытына, Аҕаҕыт эмиэ эһиги аньыыгытын бырастыы гыныа суоҕа.
Пост туһунан
16Поһу тутуһар кэмҥитигэр сирэй көрбөхтөргө дылы саппаҕырбыт дьүһүннэнимэҥ, кинилэр аһаабакка сылдьалларын дьоҥҥо көрдөрө-биллэрэ сатаан саппаҕырбыт сирэйдэнэллэр. Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: кинилэр манньаларын хайыы-үйэ толору ылан эрэллэр. 17Оттон эн поһу тутуһар кэмҥэр баттаххын тараан, сирэйгин суун, 18онон астан туттунаргын көстүбэт Аҕаҕар көрдөр; оччоҕо көстүбэти көрөр Аҕаҥ эйиэхэ илэ бааччы төлүөҕэ.
Халлааҥҥа мунньуллубут баай
19Сиргэ баайы-дуолу мунньунумаҥ: сиргэ баары үөн-көйүүр кэрбиир, дьэбин быһа сиир, уоруйахтар дьөлө хаһан киирэн уоран ылаллар; 20ол оннугар халлааҥҥа баайда мунньунуҥ, онно үөн-көйүүр да кэрбээбэт, дьэбин да быһа сиэбэт, уоруйахтар да хаһан киирэн уоран ылбаттар. 21Баайгыт-дуолгут ханна баар да, сүрэххит эмиэ онно буолуо.
22Киһи этин-сиинин хараҕа сырдатар – харах; өскөтүн хараҕыҥ ыраас буоллаҕына, бүтүн бэйэҥ сырдык буолуоҥ, 23хараҕыҥ куһаҕан буоллаҕына, бүтүн бэйэҥ хараҥа буолуоҥ. Онон искэр баар сырдыгыҥ түҥ хараҥа буоллаҕына, дьиҥ хараҥа хайдахтаах халыҥ буолуой?
Икки тойоҥҥо кулут буолар кыаллыбат
24Ким да икки тойоҥҥо кулут буолар кыаҕа суох: биитэр биирдэрин абааһы көрүөҕэ, биирин таптыаҕа; биитэр биирдэригэр кыһана сатыаҕа, биирин аахайыа суоҕа. Таҥараҕа уонна маммонаҕа#6:24 Маммона (арамей.) – баай-дуол, харчы. иккиэннэригэр бииргэ кулут буолар кыаххыт суох.
Таҥараҕа эрэниҥ
25Ол иһин эһиэхэ этэбин: тугу аһаан-сиэн тыыннаах сылдьабыт, тугу таҥнан-саптан киһи-хара буолабыт диэн санааҕа ылларымаҥ. Олоххут астааҕар, эккит-сииҥҥит таҥастааҕар ордук суолталаах буолбат дуо? 26Халлаан көтөрдөрүн көрүҥ: бурдугу ыспаттар, быспаттар да, маҥхааһайга да муспаттар – ол эрээри эһиги Халлааннааҕы Аҕаҕыт кинилэри аһатар. Оттон эһиги кинилэрдээҕэр быдан ордук буолбатаххыт дуо? 27Эһигиттэн ким эмэ, хайдахтаах да кыһаллан-мүһэллэн туран, уҥуоҕун саатар биир тоҕонох уһатынар кыахтаах дуо?#6:27 Уҥуоҕун саатар биир тоҕонох уһатынар кыахтаах дуо? – эбэтэр «Олоҕун кыратык даҕаны уһатынар кыахтаах дуо?» 28Таҥас-сап туһугар эмиэ тоҕо түбүгүрэҕит? Ходуһаҕа сардааналар хайдах үүнэн туралларын көрүҥ: кинилэр үлэлээбэттэр да, таҥас да өрбөттөр; 29ол эрээри эһиэхэ этэбин: бэл Соломон албан аатын үгэнигэр сылдьан итилэртэн биирдэрин эмэ курдук симэммэтэҕэ; 30өскөтүн бүгүн баар, сарсын оһоххо быраҕыллар хонуу отун Таҥара итинник симиир буоллаҕына, оо, кэмчи итэҕэллээхтэр, эһигини быдан ордук симиэ суоҕа дуо? 31Онон тугу аһыыбыт, тугу иһэбит, эбэтэр тугу таҥнабыт диэн дьиксинимэҥ. 32Ити барыта Таҥараны билбэт дьон сүрүн кыһалҕалара, оттон эһиги итинниккэ наадыйаргытын Халлааннааҕы Аҕаҕыт билэр. 33Туох-ханнык иннинэ эһиги Таҥара Саарыстыбатыгар, Кини кырдьыгар дьулуһуҥ, оччоҕо ити барыта эһиэхэ бэриллиэҕэ. 34Онон сарсыҥҥы туһугар долгуйумаҥ; сарсыҥҥы күн бэйэтин бэйэтэ көрүнүөҕэ. Хас биирдии күҥҥэ бэйэтин да түбүгэ сөрү-сөп.

Currently Selected:

Матфей 6: СБК

Highlight

Share

Copy

None

Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in