Лука 9
9
Уон икки Апостолы ыытыы
1Иисус Уон Иккиэлэрин ыҥыран ылан, кинилэргэ бары абааһылары үүрэн таһаарар, ыарыыттан үтүөрдэр күүһү-уоҕу, былааһы былааһы биэрбитэ. 2Итиэннэ кинилэри Таҥара Саарыстыбатын туһунан иһитиннэртэрэ, ыарыһахтары үтүөртэрэ ыыталаабыта.
3«Суолга тугу да илдьэ барымаҥ: тайах маһы да, матаҕаны да ылымаҥ, килиэби, харчыны да, икки суол уларыттар таҥаһы да уктумаҥ, – диэбитэ Кини. – 4Ханнык дьиэҕэ киирэҕит да, айаҥҥа турунуоххутугар диэри, ол дьиэттэн көһүмэҥ. 5Өскөтүн ханнык эмэ куоракка эһигини ылымматахтарына, онтон тахсан иһэн, кинилэргэ сэрэтии буоллун диэн, бэл атаххыт быылын кытта тэбээн хаалларыҥ». 6Апостоллар айаҥҥа туруммуттара; кинилэр дэриэбинэлэри кэрийэ сылдьан, ханна да буоллун, Евангелиены иһитиннэрэллэрэ, ыарыһахтары үтүөрдэллэрэ.
Ирод дьиксиниитэ
7Ирод баһылык#9:7 Баһылык – грек. тетрарх, еврей сирин түөрт гыммыттан биирин баһылыга. Иисус оҥорор дьайыыларын туһунан барытын истэн-билэн баран, санааҕа түспүтэ. Кини дьон тылыттан дьиксинэрэ: сорохтор бу Иоанн өлөн баран тиллибит дииллэрэ, 8сорохторо Илия кэлбит дэһэллэрэ, атыттара буоллаҕына былыргы ханнык эрэ пророк тиллибит диэн сылыктыыллара.
9«Иоанны мин моонньоох баһын быстарбытым, оччоҕо бу маннык сурахтаах хайалара буоллаҕай?» – Ирод санааҕа ылларбыта. Уонна хайдах эмэ гынан Кинини көрүөн баҕарбыта.
Апостоллар төннүүлэрэ
10Апостоллар төннөн кэлэн, тугу оҥорбуттарын барытын Иисуска кэпсээбиттэрэ. Иисус кинилэри бэйэлэрин эрэ илдьэ Вифсаида куорат чугаһынааҕы иччитэх сиргэ барбыта. 11Ол эрээри баһаам үгүс дьон ону билэн, Кинини батыһан барбыттара. Иисус кинилэри көрсөн, Таҥара Саарыстыбатын туһунан кэпсээбитэ, үтүөрт диэн көрдөһөөччүлэри үтүөрдүтэлээбитэ.
Биэс тыһыынча киһини аһатыы
12Күн киэһэриитэ Уон Иккиэлэр Киниэхэ кэлэн: «Дьону ыыталыырыҥ буоллар, чугастааҕы сэлиэнньэлэргэ, дэриэбинэлэргэ баран хонук сирдэрин, аһыыр астарын булунуо этилэр, бу олох иччитэх сиргэ сылдьабыт», – диэбиттэрэ.
13Иисус: «Эһиги кинилэргэ аста биэриҥ», – диэбитэ.
«Биһиэхэ биэс килиэби кытта икки балык эрэ баар, – дэспиттэрэ үөрэнээччилэрэ. – Бачча элбэх киһиэхэ ас атыылаһа барыах бэйэбит дуу?» (14Барыта биэс тыһыынча кэриҥэ киһи баара.)
«Дьону биэс уоннуу гына эрээтинэн олордуҥ», – диэбитэ Иисус. 15Кини эппитин толорбуттара. 16Иисус биэс килиэби кытта икки балыгы ылан, халлаан диэки көрөн туран Таҥараҕа махтаммыта уонна тоһутан, түҥэттэрэ, үөрэнээччилэригэр биэрбитэ. 17Бары тото-хана аһаабыттара. Ордубут аһы хомуйбуттара уон икки тымтай буолбута.
«Эн Таҥара Христоһунаҕын»
18Биирдэ Иисус иччитэх сиргэ үҥэ сырыттаҕына, үөрэнээччилэрэ тиийэн кэлбиттэрэ. Иисус кинилэртэн: «Дьон Миигин ким дииллэрий?» – диэн ыйыппыта.
Үөрэнээччилэрэ эппиттэрэ: 19«Сорох Иоанн Сүрэхтээччи диир, сорох Илия, сорохтор ханнык эрэ былыргы пророк тиллибит дэһэллэр».
20«Оттон эһиги Миигин ким диигитий?» – Иисус ыйыппыта.
«Биһиги Эйигин Таҥара Христоһа диибит», – диэн хоруйдаабыта Петр.
Иисус Христос өлөн баран тиллэрин эрдэттэн этэр
21Бу туһунан кимиэхэ эмэ кэпсииллэрин кытаанахтык бобон баран, Иисус эппитэ: 22«Киһи Уола элбэх эрэйи-муҥу көрүөхтээх, Кинини аҕа баһылыктар, архиерейдар уонна сокуонньуттар#9:22 Аҕа баһылыктар, архиерейдар уонна сокуонньуттар – синедрион чилиэннэрэ. ылыммаккалар, өлөрүөхтэрэ, онтон үһүс күнүгэр Кини тиллиэҕэ».
Иисус Христос туһугар барытыттан аккаастаныы
23Итиэннэ барыларыгар эппитэ: «Ким Миигин батыһыан баҕарар – бэйэҕиттэн аккаастан уонна кириэскин сүгэн Миигин батыс. 24Ким олоҕун быыһыан баҕарбыт, олоҕун#9:24 Олоҕун – эбэтэр «дууһатын». сүтэриэҕэ, оттон ким Мин туспар бэйэтин олоҕун сүтэрбит, олоҕун быыһыаҕа. 25Өскөтүн киһи бүтүн аан дойдуну баһылаан баран өллөҕүнэ эбэтэр эчэйдэҕинэ, ол баһылаабыта киниэхэ туох туһалаах буолуой? 26Ким эмэ Миигиттэн уонна Мин тылбыттан сааттаҕына, Киһи Уола Бэйэтин килбиэнинэн итиэннэ Аҕатын уонна Аанньалларын килбиэннэринэн сырдаан тиийэн кэллэҕинэ, киниттэн бэйэтиттэн саатыаҕа. 27Кырдьыгы эһиэхэ этэбин: манна турааччылартан сорохторо, өлөр өлүү амтанын билбэккэ да сылдьан, хайыы-үйэ Таҥара Саарыстыбатын көрүөхтэрэ».
Дьүһүн уларыйыы
28Бу кэнниттэн аҕыс күн ааспыта. Иисус Петры, Иоанны уонна Иаковы илдьэ хайа үрдүгэр үҥэ тахсыбыта. 29Үҥэ туран Кини сирэйэ уларыйан хаалбыта, таҥаһа килбэҥнэс кылбаа маҥан буолбута. 30Арай көрдөхтөрүнэ, икки киһи – Моисей уонна Илия – Кинини кытта кэпсэтэ тураллара; 31Иккиэн килбиэннээх сырдыкка көстөн кэлэн, Иисус суолун Иерусалимҥа тиийэн түмүктүөхтээҕин кэпсээбиттэрэ. 32Петр аргыстарыныын ууларыгар баттатан, утуйан хаалбыттара, ол эрээри уһуктан кэлэн Иисус кэрэмэн килбиэнин итиэннэ Кинини кытта икки киһи турарын көрбүттэрэ.
33Кинилэр Иисустан тэйэн эрдэхтэринэ, Петр Киниэхэ эппитэ: «Үөрэтээччи! Манна сылдьарбыт үчүгэй даҕаны; биһиги үс отууну тутуохпут: биири Эйиэхэ, биири Моисейга, биири Илияҕа». Тугу этэрин бэйэтэ да билбэт этэ.
34Маны этэ турдаҕына кинилэргэ былыт кэлэн сыдьаайбыта; былыт иһигэр киирэн үөрэнээччилэр олус куттаммыттара. 35Онтон былыт быыһыттан: «Мин Тапталлаах#9:35 Тапталлаах – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «талбыт». Уолум бу баар, Кинини истиҥ!» – диир саҥа дуораһыйбыта. 36Бу саҥа дорҕооно уостаатын кытта, Иисус соҕотох хаалбыта. Үөрэнээччилэрэ маны кистэлэҥҥэ туппуттара, тугу көрбүттэрин ол саҕана кимиэхэ да кэпсээбэтэхтэрэ.
Куһаҕан тыыҥҥа буулаппыт уолу үтүөрдүү
37Сарсыныгар хайаттан түспүттэригэр Иисуһу элбэх киһи утары көрсүбүтэ. 38Эмискэ дьон быыһыттан ким эрэ: «Үөрэтээччи! – диэн саҥа аллайбыта. – Ааттаһабын Эйигиттэн, уолбун көр: баар-суох соҕотох оҕом; 39куһаҕан тыын хам ыллаҕына, оҕом эмискэ үөгүлүү түһэр; күүгэн аллыар диэри, оҕобун сордуур, сорун сордоон баран биирдэ, нэһиилэ тэйэр. 40Үөрэнээччилэргиттэн үүрүҥ диэн көрдөстүм да, кыайбатылар».
41«Оо, итэҕэлэ суох, буорту буолбут көлүөнэ! – диэбитэ Иисус. – Хаһааҥҥа диэри эһигини кытта сылдьабын, эһигини тулуйабын? Уолгун манна аҕал».
42Уол чугаһаан истэҕинэ, абааһы кинини сиргэ охторбута; оҕо иҥиир-ситиитин тартаран барбыта; Иисус быртах тыыны бобон уолчааны үтүөрдэн, аҕатыгар туттарбыта. 43Бука бары Таҥара улуу кыаҕын көрөн бэркиһээбиттэрэ.
Иисус Христос өлөн баран тиллиэхтээҕин өссө биирдэ этэр
Киһи эрэ барыта Иисус оҥорор дьайыыларын сөҕө-махтайа сылдьар кэмигэр Кини үөрэнээччилэригэр эппитэ: 44«Мин эһиэхэ этэрбин өйдөөн истиҥ: Киһи Уола дьон илиитигэр бэриллиэҕэ». 45Үөрэнээччилэр буоллаҕына бу этиини, суолтата кинилэртэн кистэммит буолан, өйдөөбөтөхтөрө, оттон тугу эппитин Бэйэтиттэн ыйытыахтарын саллаллара.
Таҥара Саарыстыбатыгар ким саамай улаханый?
46Үөрэнээччилэргэ кинилэртэн хайалара ордук улаханын быһаарсыһыах санаа киирбитэ. 47Иисус кинилэр ис санааларын билэн, оҕону ылан, Бэйэтин иннигэр туруорбута 48уонна эппитэ: «Ким бу оҕону Мин ааппар ылынар, ол Миигин ылынар; оттон ким Миигин ылынар, ол Миигин Ыыппыты ылынар. Ким барыгытыттан кыра – ол барыгытыттан улахан буолуоҕа».
Ким эһигини утарбат, ол эһиги диэки
49Маныаха Иоанн эппитэ: «Үөрэтээччи! Биһиги Эн ааккынан абааһылары үүрэн таһаарар киһини көрдүбүт; кини биһигини кытта бииргэ сылдьыбат, ол иһин үүрэрин боптубут».
50«Аны боппот буолуҥ, – диэбитэ Иисус киниэхэ. – Ким эһигини утарбат, ол эһиги диэки».
Иисус Христоһу ылымматах Самария дэриэбинэтэ
51Бу дойдуттан ылыллыахтаах күнэ хайыы-үйэ чугаһаабытыгар Иисус Иерусалимҥа барардыы быһаарынан, 52илдьиттэрин инники ыыппыта. Кинилэр Самария дэриэбинэтигэр урут тиийэн Иисус кэлэригэр бэлэмнээри киирбиттэрэ. 53Ол эрээри олохтоохтор Кинини киллэрбэтэхтэрэ: Иерусалимҥа баран иһэрэ тас дьүһүнүттэн көстөрө. 54Маны көрөн үөрэнээччилэрэ Иаковтаах Иоанн эппиттэрэ: «Тойоммуот! Халлаантан уот түһэн кинилэри имири эстин диэн этиэхпитин баҕараҕын дуо? Урукку Илия курдук?#9:54 Урукку Илия курдук? – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар.»
55Иисус эргиллэн, кинилэри буойбута: «Ханнык Тыын дьоно буоларгытын билбэккит. 56Киһи Уола дьон дууһатын өлөрө кэлбэтэҕэ, быыһыы кэлбитэ»#9:55, 56 Ханнык Тыын дьоно буоларгытын билбэккит. Киһи Уола дьон дууһатын өлөрө кэлбэтэҕэ, быыһыы кэлбитэ – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар.. Онон атын дэриэбинэҕэ барбыттара.
Иисус Христоһу батыһыы диэн тугуй?
57Айаннаан истэхтэринэ, аара суолга ким эрэ Кинини: «Тойонуом! – диэн ыҥырбыта. – Эн ханна да барбытыҥ иһин, мин Эйигин батыһан барыам».
58Иисус киниэхэ эппитэ: «Саһыллар хороонноохтор, көтөрдөр уйалаахтар, арай Киһи Уола төбөтүн уура түһэн ылар сирэ суох».
59Атын киһиэхэ Кини: «Миигин батыс», – диэбитэ.
Анарааҥҥыта эппитэ: «Тойонуом! Маҥнай баран аҕам уҥуоҕун көтөҕөн кэлэрбин көҥүллээ».
60Иисус ол киһиэхэ эппитэ: «Өлбүттэрин өлбүттэр бэйэлэрэ харайдыннар, оттон эн бараҥҥын дьоҥҥо Таҥара Саарыстыбатын туһунан иһитиннэр».
61Өссө биир атын киһи Киниэхэ эппитэ: «Мин Эйигин батыһыам, Тойонуом! Ол эрээри маҥнай дьиэлээхтэрбин кытта бырастыылаһан кэлэрбин көҥүллээ».
62Иисус киһиэхэ эппитэ: «Булуугу баттаары туран, кэннин хайыһар киһи Таҥара Саарыстыбатыгар эрэбилэ суох».
Currently Selected:
Лука 9: СБК
Highlight
Share
Copy
Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in
© Институт перевода Библии, 2008-2022