Лука 10
10
Сэттэ уон үөрэнээччини ыытыы
1Бу кэнниттэн Айыы Тойон аны атын сэттэ уон#10:1, 17 Сэттэ уон – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «сэттэ уон икки». үөрэнээччитин талан ылан, Бэйэтэ барыан баҕарар куораттарыгар, араас сирдэригэр, иккилии гынан, урут ыыталаабыта; 2баралларыгар эппитэ: «Бурдук үүнүүтэ өлгөм, ол гынан баран бурдук быһааччы аҕыйах, онон буспут бурдук Тойонуттан бурдугун быһыытыгар үлэһиттэри ыытарыгар көрдөһүҥ. 3Барыҥ! Мин эһигини бөрөлөр ортолоругар, барааннары ыытардыы, ыыталыыбын. 4Кумааһынньыгы да, матаҕаны да, атах таҥаһын да ылымаҥ, суолга кими да эҕэрдэлээмэҥ. 5Хайа дьиэҕэ киирэҕит да, маҥнай: „Бу дьиэҕэ эйэ буоллун!“ – диэбитинэн киирэр буолуҥ. 6Онно эйэҕэ тиксиэхтээх киһи баар буоллаҕына, эйэҕитин ылыныаҕа, оттон суох буоллаҕына, эйэҕит бэйэҕитигэр төннүөҕэ. 7Ол дьиэҕэ хаалан, тугу биэрэллэринэн аһыыр буолуҥ: үлэһит киһи үлэтэ төлөнүөхтээх. Ыалтан ыалга көһүмэҥ. 8Хайа да куоракка тиийбиккит иһин, эһигини онно киллэрдэхтэринэ, тугу биэрэллэринэн аһааҥ. 9Онно баар ыарыһахтары үтүөрдүтэлээҥ, Таҥара Саарыстыбата кинилэргэ чугаһаабытын иһитиннэриҥ. 10Хайа эмэ куоракка эһигини дьиэлэригэр киллэрбэтэхтэринэ, уулуссаҕа тахсан баран этиҥ: 11„Бэл куораккыт быыла атахпытыгар сыстыбытын төттөрү тэбээн хааллардыбыт, ол эрээри билиҥ: Таҥара Саарыстыбата эһиэхэ чугаһаата“. 12Эһиэхэ этэбин, Дьүүл Күнүгэр ол куоракка Содом куораттааҕар ордук ыарахан буолуоҕа.
Аньыыларын билиммэтэх куораттары сор-муҥ күүтэр
13Сор-муҥ күүтэр эйигин, Хоразин! Сор-муҥ күүтэр эйигин, Вифсаида! Эһиэхэ көрдөрүллүбүт дьиктилэр Тирдээх Сидоҥҥа көрдөрүллүбүттэрэ эбитэ буоллар, ол куораттар олохтоохторо илдьиркэй таҥаһы таҥнан, төбөлөрүгэр күлү куттан, аньыыларын билиммиттэрэ ырааппыт буолуох этэ. 14Ол гынан баран, Дьүүл Күнүгэр Тирдээх Сидоҥҥа эһигиннээҕэр быдан чэпчэки буолуоҕа. 15Оттон эн, Капернаум, халлааҥҥа тиийэ үрдүөм дии саныыгын дуо? Суох, эн үтүгэн түгэҕэр тиийэ түҥнэстиэҥ.
16Эһигини истэр киһи – Миигин истэр, эһигини ылыммат киһи – Миигин ылыммат; оттон ким Миигин ылыммат, ол Миигин Ыыппыты ылыммат».
Сэттэ уон үөрэнээччи эргиллиитэ
17Сэттэ уон үөрэнээччи үөрэ-көтө эргиллэн кэлэн: «Тойоммуот! Эн ааккын ааттаатахха, биһиэхэ абааһылар кытта бас бэринэллэр», – диэбиттэрэ.
18Иисус эппитэ: «Сатана халлаантан чаҕылҕан курдук түспүтүн көрбүтүм. 19Мин эһиэхэ моҕойдору, сүлүһүннээх ооҕуйдары уонна өстөөх хайа баҕарар күүһүн самнары баттыыр былааһын биэрэбин; эһиэхэ куһаҕаны туох да кыайан оҥоруо суоҕа. 20Эһиги биһиэхэ тыыннар бас бэринэллэр диэн үөрүмэҥ, хата ол оннугар ааппыт-суолбут Халлааҥҥа суруллубут диэн үөрэр буолуҥ».
Таҥара кистэлэҥи кимиэхэ арыйбытай?
21Сонно Иисус Тыын#10:21 Тыын – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «Сибэтиэй Тыын». биэрэр үөрүүтүнэн үөрэн эппитэ: «Аҕаа, сир-халлаан Айыы Тойоно! Эн маны барытын муударайдартан, өйдөөхтөртөн кистээн баран, кыра оҕолорго арыйбытыҥ иһин, Эйиэхэ айхал этэбин. Соннук, Аҕаа, Эн үтүө көҥүлүҥ оннук этэ».
22Онтон үөрэнээччилэригэр хайыһан эппитэ#10:22 Онтон үөрэнээччилэригэр хайыһан эппитэ – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар.: «Аҕам Миэхэ тугу барытын туттарбыта. Уола кимин Аҕатыттан ураты ким да билбэт, Аҕата кимин Уолуттан ураты, биитэр Уола арыйыан баҕарбыт дьонуттан ураты, ким да билбэт».
23Онтон бэйэлэрэ эрэ хаалбыттарыгар эппитэ: «Дьоллоох дьон эһиги көрөргүтүн көрөллөр. 24Кырдьыгы этэбин: үгүс пророктар уонна ыраахтааҕылар эһиги көрөргүтүн көрүөхтэрин баҕарбыттара эрээри – көрбөтөхтөрө, эһиги истэргитин истиэхтэрин баҕарбыттара эрээри – истибэтэхтэрэ».
Самария амарах киһитин туһунан домох
25Биир сокуонньут Иисуһу холоон көрөн: «Үөрэтээччи! Бараммат олоххо тиксэр туһугар, мин тугу гыныахтаахпыный?» – диэн ыйыппыта.
26«Сокуоҥҥа туох диэн суруллубутай? Ону хайдах өйдүүгүн?» – диэбитэ Иисус.
27«„Айыы Тойон Таҥараҕын ис сүрэххиттэн, ис дууһаҕыттан, туох баар өйгүнэн-санааҕынан, күүскүнэн-күдэххинэн барытынан таптаа“ уонна „чугастааҕыгын, бэйэҕин таптыырыҥ курдук, таптаа“», – диэн эппиэттээбитэ киһи.
28«Сөпкө хоруйдаатыҥ, – диэбитэ Иисус. – Ситини тутуһан олордоххуна, Олоххо тиксиэҕиҥ».
29Ол эрээри анарааҥҥыта, кырдьыгын таһаарыныан баҕаран: «Мин чугастааҕым кимий?» – диэн ыйыппыта.
30Онуоха Иисус манныгы кэпсээбитэ: «Биирдэ биир киһи Иерусалимтан Иерихоҥҥа баран иһэн түөкүттэргэ түбэспит. Олор кини таҥаһын халаан, бэйэтин үлтү кырбаан, бааһырдан, сыккырыыр тыынын эрэ ордорон баран, ааһа турбуттар. 31Ол суолунан аҕабыыт баран иһэн, киһи сытарын көрбүт эрээри, ааһа турбут. 32Левит эмиэ ол сиргэ тиийэн кэлэн, кинини көрбүт эрээри, кыһаллыбатах. 33Онтон биир Самария киһитэ айаннаан иһэн, кинини суолга түбэһэн көрөн, аһыммыт; 34чугаһаан кэлэн, бааһын арыгынан сууйбут уонна, мас арыытынан сотон баран, таҥаһынан саба баайбыт; онтон миинэн иһэр оселугар олордон, ыалдьыттар түһэр дьиэлэригэр аҕалан ыарыылаабыт. 35Сарсыныгар бараары туран, дьиэ хаһаайыныгар икки динарийы биэрэн баран, эппит: „Бу киһини кытаатан көр-иһит; бу биэрбиппиттэн ордугу тутуннаххына, мин төннөн иһэн төлүөҕүм“. 36Түөкүттэргэ түбэспит киһиэхэ бу үс киһиттэн, эн санааҕар, хайалара чугас буолуоҕай?»
37«Киниэхэ амарахтык сыһыаннаспыт киһи», – диэбитэ сокуонньут.
«Чэ, бар, эн эмиэ ити киһи холобурун тутуһар буол», – диэбитэ Иисус киниэхэ.
Марфалаах Мария дьиэлэригэр
38Салгыы айаннаан иһэн Иисус үөрэнээччилэриниин биир дэриэбинэҕэ кэлбиттэрэ. Манна Марфа диэн дьахтар Иисуһу дьиэтигэр ыҥыран ыалдьыттаппыта; 39кини Мария диэн балта Айыы Тойон атаҕын аттыгар олорон, Иисус этэрин истибитэ. 40Марфа улаханнык күндүлүөн баҕаран, Иисуска эппитэ: «Тойонуом, балтым миигин соҕотохтуу ас тэрийтэрэ хаалларбытыгар Эн кыһаммаккын дуо? Киниэхэ этиий, миэхэ көмөлөстүн эрэ».
41«Марфа, Марфа! – диэбитэ Иисус. – Элбэххэ да кыһаллаҕын, түбүгүрэҕин, 42дьиҥэр, биир эрэ суол наада эбээт. Мария саамай бастыҥын талан ылла, онтуката киниттэн былдьаныа суоҕа».
Currently Selected:
Лука 10: СБК
Highlight
Share
Copy
Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in
© Институт перевода Библии, 2008-2022