Апостоллар 9
9
Савл итэҕэли ылыныыта
1Савл, өссө да өһүнэн-сааһынан тыынан, Айыы Тойон үөрэнээччилэрин өлөртүөх буолан суоһурҕанан, архиерейга кэлбитэ: 2киниттэн көрдөһөн, бу үөрэҕи тутуһааччылары буллар эрэ – эр киһи буоллун, дьахтар буоллун – барыларын кэлгийэн Иерусалимҥа аҕаларын көҥүллүүр суругу Дамаск синагогаларын аатыгар суруйтаран ылбыта. 3Дамаска чугаһаан истэҕинэ, аара суолга эмискэ халлаантан киниэхэ сырдык сандаара түспүтэ. 4Кини сиргэ охтон түһэн баран: «Савл, Савл, тоҕо Миигин сойуолаһаҕын?» – диир саҥаны истибитэ.
5«Кимҥиний Эн, Айыы Тойон?» – диэн ыйыппыта Савл.
Онуоха Айыы Тойон эппитэ: «Мин эн сойуолаһар Иисуһуҥ буолабын#9:5 Мин эн сойуолаһар Иисуһуҥ буолабын – бу кэнниттэн кэлэр «„Үөрбэни утары барарыҥ ыарахан буолуо“. Савл титирэстиэр диэри, уолуйа куттанан ыйыппыта: „Айыы Тойон! Тугу оҥор диэн дьаһайаҕын?“ Онуоха Айыы Тойон киниэхэ эппитэ: „Туран…“» диэн кэрчик сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга суох.. Үөрбэни утары барарыҥ эйиэхэ ыарахан буолуо».
6Савл титирэстиэр диэри, уолуйа куттанан ыйыппыта: «Айыы Тойон, тугу оҥор диэн дьаһайаҕын?»
Онуоха Айыы Тойон: «Туран куоракка тиий, тугу гынаргын онно этиэхтэрэ», – диэбитэ.
7Аргыстара сөҕөн тылларыттан маппыттара: саҥа иһиллэрэ эрээри, ким да баара көстүбэт этэ. 8Савл турбута – арай хараҕа тугу да көрбөт буолан хаалбыт этэ. Онон кинини, илиититтэн сиэтэн, Дамаска илдьибиттэрэ. 9Үс күн устата кини икки хараҕынан көрбөт буолбута, тугу да аһаабатаҕа да, испэтэҕэ да.
10Дамаска Анания диэн Иисус үөрэнээччитэ баара; арай кини көрүү көрдөҕүнэ, Айыы Тойон: «Анания!» – диэн ыҥырбыта.
«Бу баарбын, Айыы Тойонум!» – дии түспүтэ кини.
11Онуоха Айыы Тойон эппитэ: «Туран Көнө диэн ааттанар уулуссаҕа таҕыс; онно Иуда дьиэтигэр тиийэн, Савл диэн Тарс куораттан кэлэ сылдьар киһини ыйыт. Кини билигин үҥэ турар; ол үҥэ туран, 12Анания диэн киһи кэлэн, хараҕынан көрөр буоларын туһугар, киниэхэ илиитин уурбутун көрдө».
13Анания буоллаҕына эппитэ: «Айыы Тойон! Ол киһи Иерусалимҥа Эн сибэтиэйдэргэр төһөлөөх куһаҕаны оҥорбутун мин үгүс дьонтон истэн турабын; 14манна даҕаны кини Эн ааккын ааттааччылары тутарга архиерейдартан көҥүл ылан кэлбитэ».
15Айыы Тойон эппитэ: «Кини – Мин Бэйэм ааппын араас норуоттарга, ыраахтааҕыларга уонна Израиль норуотугар иһитиннэрэргэ талан ылбыт киһим. Онон баран эт. 16Мин аатым туһугар төһө муҥнаныахтааҕын Бэйэм киниэхэ көрдөрүөҕүм».
17Анания баран, ол дьиэҕэ киирэн, Савлга илиитин ууран туран эппитэ: «Быраатым Савл! Эн көрөр буоларыҥ, Сибэтиэй Тыыны толору ылынарыҥ туһугар, эйиэхэ миигин Айыы Тойон – кэлэн истэххинэ, суолгар көстүбүт Иисус – ыытта». 18Савл, сонно хараҕыттан балык хатырыга түһэр курдук гынаатын, эмискэ көрөр буолан хаалбыта; онон туран сүрэхтэнэн баран, 19аһаан сэниэ киллэриммитэ.
Савл Дамаска Евангелиены иһитиннэрэр
20Савл үөрэнээччилэри кытта Дамаска хас да күн буолбута; уталыппакка, синагогалары кэрийэ сылдьан, Иисус туһунан, Кини Таҥара Уола буолар диэн иһитиннэрэн барбыта. 21Истибиттэр бука бары дьиибэргииллэрэ: «Иисус аатын ааттааччылары Иерусалимҥа сойуоласпыт кини буолбатах этэ дуо? Манна даҕаны кинилэри архиерейдарга тутаттаан илдьээри кэлбитэ буолбат дуо?»
22Савл улам бөҕөргөөн, Иисус дьиҥ Христос буоларын дакаастаан, Дамаска олорор иудейдары муннукка ыкпыта.
Савл өлөртөн быыһанар
23Онтон ыла балайда кэм ааспыта. 24Иудейдар, сүбэлэһэн баран, Савлы өлөрөргө санаммыттара. Ол гынан баран тугу соруммуттарын Савл билбитэ: кинини өлөрөөрү, куораттан тахсар ааны күннэри-түүннэри маныыллара. 25Ол иһин үөрэнээччилэр түүн кинини, тымтайга олордон баран, куорат истиэнэтин тас өттүгэр түһэрбиттэрэ.
Савл Иерусалимҥа сырыыта
26Савл Иерусалимҥа кэлэн үөрэнээччилэргэ холбоһо сатаабыта да, бары киниттэн куттанар этилэр, үөрэнээччи буолбутун ким да итэҕэйбэтэҕэ. 27Онон Варнава, кинини Апостолларга илдьэ кэлэн, Савл, Дамаска баран иһэн Айыы Тойону көрбүтүн, Айыы Тойон киниэхэ тугу эппитин, кини, Дамаска сылдьан, Иисус аатын хорсуннук иһитиннэрбитин кэпсээбитэ. 28Онон Савл аны кинилэрдиин бииргэ сылдьар буолбута, уонна туохтан да чаҕыйбакка, Иерусалим устун сылдьан, Айыы Тойон Иисус аатынан үөрэтэрэ. 29Грек тыллаах еврейдэр, Савлы, утарыласпытын иһин, өлөрөргө санаммыттара. 30Ону билэн, бырааттара Савлы Кесарияҕа илдьибиттэрэ, онтон Тарска ыыппыттара.
31Иудея, Галилея уонна Самария устун баар сиэркэптэргэ#9:31 Сиэркэптэргэ – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «сиэркэпкэ». уоскулаҥ кэмэ үүммүтэ. Кинилэр улам үүнэн-бөҕөргөөн, Айыы Тойону дириҥник ытыктыыр, Киниттэн толлор буоланнар, Сибэтиэй Тыын көмөтүнэн ахсааннара элбии турбута.
Эней уонна Тавифа
32Петр сир-сири кэрийэн Лиддаҕа олорор сибэтиэйдэргэ#9:32 Сибэтиэйдэргэ – Таҥара дьонугар. тиийэн кэлбитэ. 33Онно босхоҥноон сыппыта аҕыс сыл буолбут Эней диэн киһини көрсүбүтэ.
34«Эней! Иисус Христос эйигин үтүөрдэр, туран тэллэххин хомуй», – диэбитэ Петр. Эней сонно туран кэлбитэ. 35Лидда, Сарон олохтоохторо бука бары, маны көрөн, Айыы Тойоҥҥо эргиллибиттэрэ.
36Иоппияҕа#9:36 Иоппия – Яффа. биир Тавифа (Серна) диэн ааттаах үөрэнээччи дьахтар баара, кини өрүү үтүөнү оҥороро, дьадаҥыларга көмөлөһөрө. 37Ол күннэргэ Тавифа ыалдьан өлөн хаалбыта. Кинини сууйан баран, үөһээ хоско сытыарбыттара. 38Лидда Иоппияттан чугас, онон Петр Лиддаҕа баарын истэн, үөрэнээччилэр суһаллык кэлэ оҕустун диэн икки киһинэн илдьит ыыппыттара. 39Петр ол дьону кытта барсыбыта; тиийбитигэр кинини үөһээҥҥи хоско таһаарбыттара; онно огдооболор төгүрүйэн туран, ытыы-ытыы, Серна тыыннааҕар тикпит ырбаахыларын, онтон да атын таҥаһын көрдөрбүттэрэ.
40Петр барыларын хостон таһааран баран, сөһүргэстээн туран Таҥараҕа үҥпүтэ, онтон бокуонньукка туһаайан: «Тавифа, тур!» – диэбитэ. Дьахтар хараҕа аһыллан, Петры көрөн баран, оронугар олоро түспүтэ. 41Петр, киниэхэ илиитин уунан, турарыгар көмөлөспүтэ уонна итэҕэйээччилэри, огдообо дьахталлары барыларын ыҥыран ылан, Тавифаны кинилэр иннилэригэр туруорбута. 42Бу сурах Иоппияны биир гына тарҕанан, бэрт үгүс киһи Айыы Тойону итэҕэйбитэ. 43Петр Иоппияҕа Симон имииһиккэ элбэх хоммута.
Currently Selected:
Апостоллар 9: СБК
Highlight
Share
Copy
Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in
© Институт перевода Библии, 2008-2022