Апостоллар 19
19
Эфескэ
1Аполлос Коринфка сырыттаҕына, Павел хаптал хайалаах дойдуларынан айаннаан, Эфескэ кэлбитэ. Онно хас да үөрэнээччи баарын булан: 2«Эһиги итэҕэйэргитигэр Сибэтиэй Тыыны ылыммыккыт дуо?» – диэн ыйыппыта.
«Сибэтиэй Тыын баарын да истэ иликпит», – диэбиттэрэ үөрэнээччилэр.
3«Оччоҕо хайдах сүрэхтэммиккитий?»
«Иоанн эппитин курдук, сүрэхтэммиппит».
4«Иоанн аньыыны билинии бэлиэтигэр сүрэхтиирэ, – диэбитэ Павел. – Кини кэнниттэн Кэлээччини – Христос Иисуһу – итэҕэйэллэригэр ыҥырара».
5Маны истэн үөрэнээччилэр Айыы Тойон Иисус аатыгар сүрэхтэммиттэрэ. 6Павел кинилэргэ илиитин уурбутугар Сибэтиэй Тыын түһэн, урут билбэт тылларынан саҥарар буолбуттара, Таҥара этэрин дьоҥҥо тиэрдэр кыахтаммыттара. 7Бу дьон барыта уон иккиэ этилэр.
Эфес сиэркэбин олохтооһун
8Онтон Павел синагогаҕа барбыта. Кини ол синагогаҕа үс ый устата сылдьан, Таҥара Саарыстыбатын туһунан итэҕэтиилээхтик, хорсуннук үөрэппитэ. 9Ол эрээри сорохтор тыйыһыран, кинини истибэккэ, итэҕэйбэттэрин биллэрэн, дьон ортотугар Айыы Тойон Суолун туһунан араас куһаҕаны саҥарбыттарыгар Павел кинилэртэн тэйэн, үөрэнээччилэрин туспа арааран ылбыта уонна күн аайы Тиранн оскуолатыгар үөрэппитэ. 10Бу курдук икки сыл устата Айыы Тойон Иисус кэс тыла Асия олохтоохторугар: иудейдарга да, омуктарга да – барыларыгар тиийбитэ.
Скева сэттэ уола
11Таҥара Павелга элбэх дьиктини оҥорторор буолан, 12дьон кини таарыйбыт былааттарын, таҥастарын ыарыһахтарга курдуу баайаллара, оччоҕо ол бааммыт дьон бары үтүөрэн хаалаллара, куһаҕан тыыннар кинилэртэн тахсан бараллара.
13Бэл сорох устугас иудейдар, тыыннары үтэйээччилэр, куһаҕан тыыннарга буулаппыт дьоҥҥо Айыы Тойон Иисус аатын ааттаан холонон көрөллөрө. Кинилэр: «Эһигини Павел үөрэтэр Иисуһун аатынан үтэйэбит», – дииллэрэ. 14Иудей архиерейа Скева сэттэ уола эмиэ оннук холонон көрбүттэр. 15Ол гынан баран, куһаҕан тыын кинилэргэ хардарбыт: «Иисуһу мин билэбин, Павелы да билэбин, оттон эһиги кимнээхтэргитий?» 16Инньэ диэт, куһаҕан тыыҥҥа буулаппыт киһи үрдүлэригэр түспүт уонна күүһүнэн баһыйан утарылаһар кыах биэрбэккэ, үлтү кырбаталаан, дьиэттэн сыгынньах куоттартаабыт. 17Эфескэ олорор иудейдар да, омуктар да бары маны истэ дьулайан, Айыы Тойон Иисус аатын сэрэнэн ааттыыр буолбуттара.
18Итэҕэйбиттэртэн үгүстэрэ кэлэн, туох куһаҕаны оҥорбуттарын барытын аһаҕастык билинэллэрэ. 19Абынан-хомуһунунан дьарыктаммыт үгүс дьон бэйэлэрин кинигэлэрин хомуйан аҕалан, бар дьон көрөн турдаҕына, уоттаабыттара. Умайбыт кинигэ сыанатын ааҕан көрбүттэрэ – биэс уон тыһыынча үрүҥ көмүс драхма#19:19 Драхма – гректэр үрүҥ көмүс манньыаттара. Биир драхма үлэһит күннээҕи орто хамнаһа этэ. буолбута. 20Айыы Тойон үөрэҕэ итинник кимиэллээхтик үүнэн-тэнийэн, кыаҕыран иһэрэ.
Эфескэ буолбут өрө туруу
21Павел, манна барытын бүтэрэн-оһорон баран, Македониялаах Ахайянан Иерусалимҥа барарга быһаарыммыта. «Онно сылдьан баран, Рим куораты эмиэ көрүөхтээхпин», – диирэ. 22Кини икки көмөлөһөөччүтүн, Тимофейдаах Ераһы Македонияҕа ыытан баран, бэйэтэ өссө аҕыйах кэмҥэ Асияҕа хаала түспүтэ.
23Ол кэмҥэ Айыы Тойон Суолун утарар улахан аймалҕан тахсыбыта. 24Үрүҥ көмүстэн Артемида храмын#19:24Эфескэ уйгү-быйаҥ таҥаратын Артемида аатырбыт храма баара. Бу аан дойду сэттэ кэрэ дьиктититтэн биирдэстэрэ буолара. Храм иһигэр киһини санатар быһыылаах халлаантан түспүт «таас» (метеорит буолуон сөп) – «Артемида ытык мөссүөнэ» баара. кутан атыылаан, олохтоох уустарга кырата суох барыһы киллэрэр Димитрий диэн ааттаах көмүс ууһа 25бэйэтин биир идэлээхтэрин мунньан, эппитэ: «Доҕоттор! Биһиги олохпут уйгута бу идэбититтэн быһаччы тутулуктааҕын бэйэҕит билэҕит. 26Эһиги көрө да, истэ да сылдьаҕыт: бу Павел Эфескэ эрэ буолбатах, бүтүн Асия үрдүнэн үгүс киһи өйүн сүүйдэ, итэҕэтэн бэйэтигэр тарта. Кини үөрэтэринэн, дьон бэйэлэрин илиилэринэн тутан-хабан оҥорбут таҥаралара ханнык да таҥара буолбатах үһүлэр. 27Ол аата биһиги идэбит аанньа ахтыллыбат буоларын ааһан, өссө улуу таҥара Артемида храма кытта суолтатын олоччу сүтэрэригэр тиийэр. Онон Артемида бүтүн Асияҕа, аан дойдуга дьон-сэргэ сүгүрүйэр таҥарата буолар албан аата өлбөөдүйүөн сөп».
28Маны истэн, дьон уордайан: «Эфес Артемидата – улуу таҥара!» – диэн хаһыытаабыттара. 29Сотору куорат бүтүннүүтэ оргуйан турбута. Олохтоохтор Павел аргыстарын – Македония дьонун Гаийдаах Аристархы – туппутунан театрга тоҕо анньан тиийбиттэрэ. 30Павел норуокка тахсаары гыммытын үөрэнээччилэрэ бопсубуттара. 31Асия сорох тойотторо, Павел доҕотторо, театрга кэлбэтин диэн көрдөһөн киниэхэ киһи ыыппыттара.
32Мустубут дьон аамы-саамы буолбуттара, бары түҥ-таҥ хаһыытаһаллара; үгүстэрэ тоҕо мустан туралларын да билбэт этилэр. 33Иудейдар тыл киллэриилэринэн норуоттан Александры ыҥыран таһаарбыттара; Александр тыл этээри, болҕомто көрдөөн, илиитин өрө ууммута. 34Ол эрээри, кини иудей буоларын билэн, бары икки чаас кэриҥэ: «Эфес Артемидата – улуу таҥара!» – диэн хаһыытаан ньиргитэ турбуттара.
35Куорат тойоно дьону чуумпурдан баран эппитэ: «Эфес олохтоохторо! Эфес куорат улуу Артемида таҥараҕа уонна кини халлаантан түспүт ытык мөссүөнүгэр сүгүрүйэрин ким билбэтий? 36Бу туһунан ханнык да мөккүөр суох буоллаҕына, эһиги уоскуйуохтааххыт, толкуйа суох быһыыланыа суохтааххыт. 37Бу дьонтон хайалара да Артемида храмын халаабатах, эһиги таҥараҕытын холуннарбатах, ол үрдүнэн кинилэри манна тутан аҕалбыккыт. 38Димитрий биир идэлээхтэрин кытта кими эмэ үҥсэрдээх буоллахтарына, суут да, салалта да баар: олорго тиийэн үҥүстүннэр. 39Өссө атын туох эмэ быһаарсардаах буоллаххытына, ол барыта туһааннаах мунньах көрүүтүгэр киириэҕэ. 40Оттон бу бүгүҥҥү быһыыбыт иһин биһиги өрө турбут аатын ылан буруйга тиксиэхпитин сөп. Туохтан бу үлүгэр айманан мустубуппутун биһиги хайдах да кыайан быһаарыахпыт суоҕа». Маны этэн баран, кини мустубут дьону тарҕаппыта.
Currently Selected:
Апостоллар 19: СБК
Highlight
Share
Copy
Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in
© Институт перевода Библии, 2008-2022