YouVersion Logo
Search Icon

Апостоллар 20

20
Павел Македониянан уонна Ахайянан айана
1Аймалҕан хаптайбытын кэннэ, Павел үөрэнээччилэри ыҥыран сүбэлээн-амалаан баран, быраһаайдаһан, Македонияҕа аттаммыта. 2Аара суолга сир-сир аайы сылдьан, үөрэнээччилэри бэрт элбэххэ үөрэтэн баран, Грецияҕа тиийбитэ. 3Онно кини үс ый буолбута. Сирияҕа субу устаары аҕай сылдьан, иудейдар кинини утары куомуннаспыттарын истэн төттөрү Македониянан айанныырга күһэллибитэ.
4Павелы кытта Асияҕа диэри#20:4 Асияҕа диэри – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу тыллар суохтар. Верия куораттан сылдьар Пирр уола Сопатр, Фессалоника олохтоохторо Аристарх, Секунд, Дервияттан кэлбит Гаий, Тимофей уонна Асия дьоно Тихиктээх Трофим барсыбыттара. 5Кинилэр урут тиийэн, биһигини Троадаҕа көһүппүттэрэ. 6Оттон биһиги Көтөхтөрүүтэ суох Килиэп бырааһынньыгын кэнниттэн Филиппыттан хараабылынан айаннаан, биэс хонугунан кинилэргэ Троадаҕа тиийбиппит. Онно сэттэ күн буолбуппут.
Павел Троадаҕа тиһэх сырыыта
7Нэдиэлэ маҥнайгы күнүгэр үөрэнээччилэр килиэп тоһутуутугар түмсүбүттэрэ. Сарсыныгар барыахтаах буолан, Павел дьону кытта түүн үөһүгэр диэри кэпсэппитэ. 8Үөһэ, биһиги мустубут хоспутугар, элбэх сибэтиилинньик умайан турара. 9Евтих диэн биир эдэр киһи түннүк сыҥаһатыгар олорбута. Павел өр кэпсээбитигэр, кини дириҥник утуйан хаалан, утуйбутунан үһүс мэндиэмэнтэн таһырдьа сууллубута; сүүрэн түспүттэрэ, уол өлө сытара. 10Павел аллара түһэн, уолу ыга кууһан баран: «Айманымаҥ, уолгут тыыннаах», – диэбитэ. 11Уонна үөһэ тахсан килиэп тоһутан ылан сиэн баран, күн тахсыар диэри, өссө да өр кэпсэппитэ, дьэ онтон сарсыарда айаҥҥа туруммута. 12Уолларын дьиэтигэр этэҥҥэ атааран, бары сүргэлэрэ улаханнык көтөҕүллүбүтэ.
Троадаттан Милет куоракка айан
13Биһиги Павелы кэтэһэ барбакка хараабылга олорон, кинини ыла Аска устубуппут; сатыы айаннаары кини бэйэтэ итинник соруйбута. 14Аска көрсүбүтүгэр биһиги, кинини хараабылга ылан, Митиленэҕэ устан кэлбиппит. 15Онтон Митиленэттэн араҕан, сарсыныгар Хиос утарытыгар кэлэн тохтообуппут, нөҥүө күнүгэр Самоска тиксибиппит, ол кэнниттэн Трогиллияҕа сылдьан баран, өссө биир күнүнэн Милет куоракка кэлбиппит. 16Павел Иерусалимҥа тиэтэйэр буолан, Асияҕа тардыллымаары, Эфескэ таарыйбакка ааһарга быһаарыммыта. Табылыннаҕына, Биэс уонус күн бырааһынньыгар кини Иерусалимҥа буолуон баҕарара.
Эфес пресвитердэрин кытта көрсүһүү
17Павел Милеттэн дьону ыытан, Эфес пресвитердэрин ыҥыртарбыта; 18тиийэн кэлбиттэригэр эппитэ: «Мин, Асияҕа үктэниэхпиттэн ыла, манна хайдах олорбуппун эһиги билэҕит. 19Иудейдар туорайдаһалларыттан араас эрэйи да көрүстэрбин, Айыы Тойон иннигэр үрдүктүк санаммакка, хараҕым уутун бараан туран, сулууспалаабытым. 20Эһиэхэ туһалаах буолуо диэбиппин тугу да көтүппэккэ, бар дьон да иннигэр, дьиэлэргитинэн да сылдьан, үөрэтэрим. 21Таҥара иннигэр аньыыны билиниини уонна биһиги Айыы Тойоммутугар Иисус Христоска#20:21 Иисус Христоска – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «Иисуска». итэҕэли иудейдарга да, омуктарга да иһитиннэрэрим.
22Аны билигин миигин туох көрсөрүн билбэтэрбин даҕаны, Сибэтиэй Тыын угуйуутунан бу Иерусалимнаан иһэбин. 23Арай Сибэтиэй Тыын миигин хаайыы, эрэй-кыһалҕа күүтэрин туһунан хас куорат аайы туоһулуур. 24Ол эрээри мин туохтан да торуттан турбаппын, олохпун да биэрэрбин кэрэйбэппин. Биэтэккэ эрэ тиийдэрбин, Айыы Тойон Иисустан ылбыт сулууспабын толорон, Таҥара илгэлээх үтүөтүн туһунан Евангелиены иһитиннэрдэрбин диэн эрэ баҕалаахпын!
25Таҥара Саарыстыбатын туһунан үөрэппит дьоммуттан – эһигиттэн – ким даҕаны аны миигин көрбөтүн билэбин. 26-27Онон бүгүн кэрэһилиибин: мин суобаһым ыраас, мин эһиэхэ Таҥара көҥүлүн тугу да энчирэппэккэ биллэрдим, онон хайаҕыт да хааныгар буруйум суох. 28Эһиги бэйэҕитигэр уонна Сибэтиэй Тыын эһиэхэ көрдөрө-маната биэрбит бараанын үөрүгэр болҕомтолоох буолуҥ, Таҥара Уола Бэйэтин Хаанынан толуйан ылбыт дьонун – Айыы Тойон уонна Таҥара Сиэркэбин#20:28 Айыы Тойон уонна Таҥара Сиэркэбин – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «Таҥара Сиэркэбин». – туһугар кыһаныҥ. 29Мин барбытым кэннэ эһиги ортоҕутугар бараан үөрүн аһыммат торҕон бөрөлөр киириэхтэрин билэбин. 30Эһигиттэн бэйэҕититтэн эмиэ, үөрэнээччилэри тардар туһугар, кырдьыгы токурутан кэпсиир дьон тахсан кэлиэхтэрэ. 31Онон сэрэхтээх буолуҥ, үс сыл тухары күннэри-түүннэри утумун быспакка сэрэппиппин, хас биирдиигитин хараҕым уутун тоҕон туран үөрэппиппин умнумаҥ.
32Аны билигин эһигини Таҥараҕа уонна Кини эһигини бөҕөргөтөр, Бэйэтин бары дьонун кытта тэҥҥэ нэһилиэстибэ биэрэр кыахтаах илгэлээх үтүө тылыгар туттарабын. 33Мин кимтэн да үрүҥ да, кыһыл да көмүһүн эрэйбэтэҕим: 34бэйэм да, аргыстарым да кыһалҕаларын бу харым күүһүнэн толуйан олорбуппун бэйэҕит билэҕит. 35Тугу да гыммытым иһин, барытыгар маннык үлэлээн-хамсаан кыамматтарга көмөлөһүөхтээхпитин, Айыы Тойон Иисус „ылардааҕар биэрэр ордук алгыстаах“ диэн Бэйэтинэн эппит тылларын умнуо суохтаахпытын холобур буолан көрдөрбүтүм».
36Маны этэн баран, Павел сөһүргэстээн барыларын кытта бииргэ Таҥараҕа үҥпүтэ. 37Бары ытаһа-ытаһа, кинини моонньуттан кууһан туран уурууллара. 38Ордук Павел аны хаһан даҕаны миигин көрүөххүт суоҕа диэбититтэн хараастыбыттара. Онтон кинини хараабылга диэри атааран биэрбиттэрэ.

Highlight

Share

Copy

None

Want to have your highlights saved across all your devices? Sign up or sign in