1
Апостоллар 20:35
Сибэтиэй Биибилийэ кинигэлэрэ
Тугу да гыммытым иһин, барытыгар маннык үлэлээн-хамсаан кыамматтарга көмөлөһүөхтээхпитин, Айыы Тойон Иисус „ылардааҕар биэрэр ордук алгыстаах“ диэн Бэйэтинэн эппит тылларын умнуо суохтаахпытын холобур буолан көрдөрбүтүм».
Compare
Explore Апостоллар 20:35
2
Апостоллар 20:24
Ол эрээри мин туохтан да торуттан турбаппын, олохпун да биэрэрбин кэрэйбэппин. Биэтэккэ эрэ тиийдэрбин, Айыы Тойон Иисустан ылбыт сулууспабын толорон, Таҥара илгэлээх үтүөтүн туһунан Евангелиены иһитиннэрдэрбин диэн эрэ баҕалаахпын!
Explore Апостоллар 20:24
3
Апостоллар 20:28
Эһиги бэйэҕитигэр уонна Сибэтиэй Тыын эһиэхэ көрдөрө-маната биэрбит бараанын үөрүгэр болҕомтолоох буолуҥ, Таҥара Уола Бэйэтин Хаанынан толуйан ылбыт дьонун – Айыы Тойон уонна Таҥара Сиэркэбин – туһугар кыһаныҥ.
Explore Апостоллар 20:28
4
Апостоллар 20:32
Аны билигин эһигини Таҥараҕа уонна Кини эһигини бөҕөргөтөр, Бэйэтин бары дьонун кытта тэҥҥэ нэһилиэстибэ биэрэр кыахтаах илгэлээх үтүө тылыгар туттарабын.
Explore Апостоллар 20:32
Home
Bible
Plans
Videos