Иоанн 5
5
Вифездаҕа ыарыһаҕы үтүөрдүү
1Бу кэнниттэн иудей бырааһынньыга буолбутугар Иисус Иерусалимҥа кэлбитэ. 2Иерусалимҥа Барааннар Ааннарын чугаһыгар еврейдии Вифезда#5:2 Вифезда – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «Вифсаида», сорохторугар «Бетзата». диэн ааттаах биэс колоннадалаах хаһыы көлүйэ баар. 3Ол колоннадаларга бэрт элбэх ыарыһах – хараҕа суох, доҕолоҥ, босхоҥ дьон – уу долгуйарын кэтэһэн сыталлара. 4Арыт Айыы Тойон Аанньала көлүйэҕэ түһэн ууну бүллүгүрэтэрэ, оччоҕо, уу долгуйаатын кытта, ууга урут киирбит ханнык да ыарыылаах киһи үтүөрэн хаалара#5:4Сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга бу этии суох.. 5Манна отут аҕыс сыл устата ыалдьыбыт киһи сытара. 6Иисус кинини көрөн, уһуннук ыалдьыбытын билэр буолан: «Үтүөрүөххүн баҕараҕын дуо?» – диэн ыйыппыта.
7«Тойонуом, баҕарабын! – дии түспүтэ ыарыһах. – Ол гынан баран, уу долгуйдаҕына, ууга киллэрэр киһим суох; хаһан бэйэм тиийиэхпэр диэри, атын киһи иннибэр киирбитэ баар буолар».
8«Туран тэллэххин ылан бар», – диэбитэ Иисус. 9Сонно тута киһи үтүөрэн хаалбыта, туран тэллэҕин ылан бэйэтэ хааман барбыта.
Бу субуота күн этэ. 10Ол иһин иудейдар тойотторо үтүөрбүт киһиэхэ: «Бүгүн субуота, онон тэллэххин тута сылдьарыҥ көҥүллэммэт»#5:10Субуота күн үлэ 39 көрүҥэ, ол иһигэр таһаҕаһы, малы-салы таһыы, бобуллара., – диэбиттэрэ.
11Кини эппитэ: «Миигин үтүөрдүбүт Киһи тэллэххин тутан бар диэбитэ».
12«Эйигин тэллэххин тутан бар диэбит хайа киһиний?» – иудейдар ыйыппыттара.
13Иисус хайыы-үйэ хойуу дьон быыһынан киирэн баран хаалбыт буолан, киһи Кини кимин билбэтэх этэ.
14Кэлин кинини, Таҥара Дьиэтигэр сылдьарын көрсөн#5:14 Көрсөн – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «булан ылан». Иисус: «Дьэ бу үтүөрэн чэгиэн буолан сылдьаҕын, – диэбитэ. – Аны аньыыны оҥорума – оҥордоххуна эйиэхэ итиннээҕэр куһаҕан буолуо». 15Киһи иудейдарга тиийэн, кинини Иисус үтүөрдүбүтүн туһунан кэпсээбитэ.
Таҥара Уолун былааһа
16Субуотаҕа итинник дьайыылары оҥорорун иһин, иудейдар Иисуһу сойуолаһан, өлөрөр түгэни көрдөөбүттэрэ. 17Иисус буоллаҕына кинилэргэ этэрэ: «Аҕам өрүү үтүөнү оҥорор, онон Мин эмиэ үтүөнү оҥоробун». 18Субуотаны кэһэрин ааһан, өссө Таҥараҕа тэҥнэһэн Кинини Аҕам диир диэннэр, иудейдар Иисуһу өлөрүөхтэрин ордук сэтэрэн туран баҕарбыттара.
19Ол иһин Иисус кинилэргэ эппитэ: «Дьиҥ кырдьыгы эһиэхэ этэбин: Уола, Аҕата тугу оҥорорун көрө илигинэ, Бэйэтин көҥүлүнэн тугу да оҥорор кыаҕа суох: Аҕата тугу оҥорор да, Уола эмиэ ону оҥорор. 20Аҕата Уолун таптыыр буолан, тугу оҥорорун барытын Уолугар көрдөрөр; оннооҕор да улахан эһигини сөхтөрөр дьайыылары Уолугар көрдөрүөҕэ. 21Аҕата өлбүттэри тилиннэрэн, олоҕу биэрэринии, Уола эмиэ кими баҕарбытын тилиннэрэр. 22-23Аҕата кими да дьүүллээбэт: бука бары Аҕатын ытыктыылларын курдук, Уолун эмиэ ытыктаатыннар диэн, дьүүлү барытын Уолугар биэрбитэ. Ким Уолун ытыктаабат, ол Кинини ыыппыт Аҕатын эмиэ ытыктаабат.
24Дьиҥ кырдьыгы эһиэхэ этэбин: Мин этэр тылбын истэр, Миигин Ыыппыты итэҕэйэр киһи бараммат олохтоох; кини өлөр өлүүттэн туораан бараммат олоххо киирбит буолан, дьүүлгэ турбат. 25Дьиҥ кырдьыгы эһиэхэ этэбин: өлбүттэр Таҥара Уола этэрин истэр итиэннэ истэн баран тиллэр кэмнэрэ кэлэн иһэр, хайыы-үйэ кэллэ даҕаны.
26Аҕа, Бэйэтэ олох төрдө буоларыныы, Уолун эмиэ олох төрдө гыммыта, 27Кини Уола – Киһи Уола, ол иһин Кини дьүүллүүр быраабы Уолугар биэрбитэ. 28Бу эппиппин дьиктиргээмэҥ. Хоруопка сытааччылар бука бары Таҥара Уола этэрин истэр кэмнэрэ кэлэн эрэр. 29Оччоҕо үтүөнү оҥорбуттар Олоххо тиксээри, куһаҕаны оҥорбуттар Дьүүлгэ тураары тиллэн, хоруоптарыттан тахсан кэлиэхтэрэ. 30Мин Бэйэм көҥүлбүнэн тугу да оҥорор кыаҕым суох. Хайдах истэбин да, оннук дьүүллүүбүн, онон Мин дьүүлүм кырдьыктаах: Мин Бэйэм көҥүлбүн буолбакка, Миигин Ыыппыт Аҕам көҥүлүн толорорго дьулуһабын.
Иисус Христос туһунан туоһулааһын
31Бэйэбин Бэйэм эрэ туоһуланар буоллахпына, Мин туоһум дьиҥэ суох. 32Миигин туоһулуур Атын Туоһу баар, Кини Мин туспунан этэрэ кырдьыктааҕын билэбин. 33Эһиги Иоаҥҥа киһи ыыта сылдьыбыккытыгар Иоанн кырдьыгы туоһулаабыта. 34Ол эрээри Мин киһиттэн туоһу эрэйбэппин, маны барытын эһиги быыһанаргыт туһугар этэбин.
35Иоанн умайан сыдьаайа сырдата турар сибэтиилинньик этэ, ол гынан баран эһиги кылгас кэмҥэ эрэ кини сырдыга эһигини үөрдүөн баҕарбыккыт. 36Оттон Миэхэ Иоантан ордук улахан туоһу баар: Аҕам Миэхэ оҥорторо биэрбит дьайыылара, Мин тугу оҥорорум – ол барыта Миигин Аҕам ыыппытын туоһулуур. 37Миигин ыыппыт Аҕам Бэйэтинэн Мин туспунан туоһулаабыта, оттон эһиги Кини саҥатын да истэ, дьүһүнүн да көрө иликкит; 38итиэннэ Кини Ыыппытын итэҕэйбэт буолаҥҥыт, Кини тылын сүрэххитигэр иҥэриммэккит. 39Эһиги Суруйуулары ааҕан, бараммат олоххо тиксиэхпит диигит, ол иһин барытын кыһаллан туран чинчийэҕит. Оттон Суруйуулар Мин туспунан туоһулууллар эбээт. 40Ол эрээри эһиги Олоххо тиксэр туһугар Миэхэ кэлиэххитин баҕарбаккыт.
41Мин дьонтон Бэйэбэр албан ааты эрэйбэппин. 42Эһиги сүрэххитигэр Таҥараҕа таптал суоҕун билэбин. 43Мин Аҕам аатыгар кэлбитим гынан баран, эһиги Миигин ылыммаккыт, оттон ким эмэ атын бэйэтин аатыгар тиийэн кэллэҕинэ, кинини ылыныаххыт. 44Бэйэ-бэйэҕититтэн хайҕал ылсар, оттон Таҥараттан хайҕал ыларга дьулуспат буоллаххытына, эһиги хайдах итэҕэйэр кыахтаныаххытый?
45Аҕатын иннигэр биһигини буруйдуо дии санаамаҥ: эрэнэр Моисейгыт эһигини буруйдуоҕа. 46Моисейы итэҕэйэргит эбитэ буоллар, Миигин эмиэ итэҕэйиэ этигит: кини Мин туспунан суруйбута. 47Оттон кини суруйбутун итэҕэйбэт буоллаххытына, Мин этэрбин хайдах итэҕэйиэххитий?»
Àwon tá yàn lọ́wọ́lọ́wọ́ báyìí:
Иоанн 5: СБК
Ìsàmì-sí
Pín
Daako
Ṣé o fẹ́ fi àwọn ohun pàtàkì pamọ́ sórí gbogbo àwọn ẹ̀rọ rẹ? Wọlé pẹ̀lú àkántì tuntun tàbí wọlé pẹ̀lú àkántì tí tẹ́lẹ̀
© Институт перевода Библии, 2008-2022