Саалтыр 23

23
1Давид псалома.
Сир уонна сиргэ баар барыта – Айыы Тойон киэнэ,
аан дойду уонна онно олорор барыта – Киниэнэ.
2Кини сири муоралар үрдүлэригэр олохтообута,
өрүстэр үрдүлэригэр туруорбута.
3Ким Айыы Тойон хайатыгар тахсыаҕай?
Ким Кини сибэтиэй сиригэр туруоҕай?
4Кир-дьай киртиппэтэх илиилээх, ыраас сүрэхтээх,
дууһатын сымыйаҕа кытыарбатах,
албыннаан андаҕайбатах киһи.
5Кини Айыы Тойон алгыһын ылыаҕа,
Быыһааччы Таҥаратын амарах сыһыанын билиэҕэ.
6Итинниктэр эбээт Киниэхэ дьулуһааччылар,
Иаков Таҥаратын көрүөхтэрин баҕарааччылар. Села
7Тэлэччи аһыллыҥ, олбуор ааннара#23:7 Тылыттан тылыгар түһэрдэххэ: Төбөҕүтүн өрө көтөҕүҥ, олбуор ааннара. 23:9 эмиэ оннук. ,
мэҥэ ааннар, өрө көтөҕүллүҥ –
киириэхтин килбиэннээх Ыраахтааҕы!
8Кимий килбиэннээх Ыраахтааҕы?
Күүстээх Айыы Тойон, бараммат кыахтаах,
кыргыһыыга кыайыылаах Айыы Тойон.
9Тэлэччи аһыллыҥ, олбуор ааннара,
мэҥэ ааннар, өрө көтөҕүллүҥ –
киириэхтин килбиэннээх Ыраахтааҕы!
10Кимий килбиэннээх Ыраахтааҕы?
Аанньал сэриитин Ыраахтааҕыта,
Кини килбиэннээх Ыраахтааҕы. Села

Поточний вибір:

Саалтыр 23: СБК

Позначайте

Поділитись

Копіювати

None

Хочете, щоб ваші позначення зберігалися на всіх ваших пристроях? Зареєструйтеся або увійдіть