Апостоллар 14
14
Иконийга
1Иконийга кэлэн, үгэстэринэн, иудей синагогатыгар киирэн, көй элбэх иудейдар да, омук дьоно да итэҕэйэрин курдук, ылыннарыылаахтык үөрэппиттэрэ. 2Ол эрээри итэҕэйбэт иудейдар омук дьонун өйүн-санаатын сүһүрдэн, кинилэри бырааттыыларга утары туруорбуттара. 3Ону ол диэбэккэ, Апостоллар, манна өссө да өр хаалан, Айыы Тойон туһунан хорсуннук кэпсээбиттэрэ. Айыы Тойон Бэйэтин илгэлээх үтүөтүн туһунан үөрэтэр тылы туоһулаан, кинилэр илиилэринэн бэлиэлэри, араас дьиктилэри оҥороро. 4Куорат дьоно икки аҥыы хайдыбыта: сорохторо иудейдар диэки охтубуттара, атыттара Апостоллар диэки буолбуттара. 5Омуктар иудей тойотторун кытта куомуннаһан Павеллаах Варнаваҕа саба түһэн, тааһынан тамнаан өлөрөргө санаммыттарын 6билэн, Апостоллар Ликаония куораттарыгар Листраҕа, Дербаҕа баран биэрбиттэрэ уонна ол эргин атын сирдэринэн сылдьан 7Евангелиены иһитиннэрбиттэрэ.
Листраҕа уонна Дербаҕа
8Листраҕа биир төрүөҕүттэн босхоҥ, хаһан да хаамар диэни билбэтэх киһи баара; 9кини Павел этэр тылын истэ олорбута. Павел киниэхэ хараҕын хатаан, бу киһи итэҕэлэ кинини үтүөрдэр кыахтааҕын көрөн, 10доргуччу эппитэ: «Айыы Тойон Иисус Христос аатыгар эйиэхэ этэбин: сүһүөххэр тур!» Киһи сонно ойон туран хаампытынан барбыта.
11Мустубут дьон, Павел тугу гыммытын көрөн, Ликаония тылынан: «Киһи дьүһүнүн-бодотун ылынан, биһиэхэ таҥаралар түспүттэр!» – диэн хаһыытаспыттара. 12Онон Варнаваны Зевс, оттон Павелы, үксүн кини саҥарарын иһин, Гермес диэн ааттаабыттара. 13Зевс храмын үлэһитэ (храма куорат таһыгар баара), куорат ааныгар оҕустардаах, өрүллүбүт бөнүөктэрдээх кэлэн, норуоту кытта бииргэ сиэртибэ биэрэрдии оҥостубута.
14Ону истэн, Апостоллар, Павеллаах Варнава, таҥастарын хайыта тыыттан баран, дьон ортотугар ойон киирэн: 15«Доҕоттор! Бу туох ааттааҕы быһыыланан эрэҕит? – диэн күөмэйдэрин муҥунан саҥаран тохтото сатаабыттара. – Биһиги эмиэ эһиги курдук дьоммут ээ! Эһиги сымыйа таҥаралартан киэр хайыһаҥҥыт сири-халлааны, муораны уонна онно баары барытын айбыт Тыыннаах Таҥараҕа эргиллэргит туһугар, биһиги эһиэхэ Евангелиены иһитиннэрэбит. 16Ааспыт көлүөнэлэргэ Кини хас биирдии норуот бэйэтин суолунан сылдьарын бопсубатаҕа эрээри, 17өрүү үтүөнү оҥорон, биһиэхэ халлаантан ардаҕы ыытан, сайынын өлгөм үүнүүнү биэрэн, аһыыр аспытын хааччыйан, сүрэхпитин үөрүүнэн толорон, Бэйэтин туһунан туоһулуура». 18Инньэ гынан кинилэргэ сиэртибэ биэрэ сатыыр норуоту бэрт эрэйинэн тохтотон дьиэлэригэр ыыталаабыттара.
Манна хаалан үөрэтэ сырыттахтарына, 19Антиохияттан уонна Иконийтан иудейдар тиийэн кэлбиттэрэ. Ол иудейдар, хорсуннук үөрэтэ сылдьар Апостоллары «кырдьыгы тугу да эппэттэр, барыта сымыйаны саҥараллар» диэн утаран, норуоту кинилэртэн тэйитэр курдук тылларыгар киллэрбиттэрэ. Итиэннэ дьону күөртээн Павелы тааһынан тамнатан баран, өллө диэн, куорат тас өттүгэр соһон кэбиспиттэрэ. 20Тулатыгар үөрэнээччилэрэ үмүөрүспүттэригэр Павел туран куоракка киирбитэ; онтон нөҥүө күнүгэр Варнавалыын Дербаҕа барбыта.
Сирия Антиохиятыгар төннүү
21Бу куоракка Евангелиены иһитиннэрэн, бэрт элбэх киһи үөрэнээччи буоларын ситиһэн баран, төттөрү Листранан, Иконийынан, Антиохиянан барбыттара; 22суолларын былаһын тухары үөрэнээччилэр санааларын бөҕөргөтө, итэҕэллэрин ыһыктыбаттарыгар такайа, «Таҥара Саарыстыбатыгар биһиги элбэх эрэйи көрсөн киириэхтээхпит» диэн үөрэтэ испиттэрэ; 23сиэркэптэргэ сылдьан пресвитердэри анаталаабыттара уонна постанан туран үҥэн баран, кинилэри барыларын итэҕэйбит Таҥараларын көрүүтүгэр-истиитигэр туттарбыттара. 24Онтон Писидияны ааһан, Памфилияҕа кэлбиттэрэ, 25Перга дьонугар Айыы Тойон тылын#14:25 Айыы Тойон тылын – сорох былыргы гректии илиинэн суруйууга «тылы» эбэтэр «Таҥара тылын». иһитиннэрэн баран, Атталияҕа барбыттара. 26Кинилэр Антиохияҕа – бу түмүктээбит үлэлэрин саҥа саҕалыылларыгар бырааттара кинилэри Таҥара үтүө кыһамньытыгар туттарбыт сирдэригэр – уунан айаннаабыттара. 27Онно тиийэн сиэркэби түмэн, Таҥара кинилэргэ тугу оҥорбутун, хайдах атын омуктарга итэҕэл аанын тэлэйэн биэрбитин кэпсээбиттэрэ. 28Кинилэр үөрэнээччилэри кытта Антиохияҕа өссө да өр буолбуттара.
Zvasarudzwa nguva ino
Апостоллар 14: СБК
Sarudza vhesi
Pakurirana nevamwe
Sarudza zvinyorwa izvi
Unoda kuti zviratidziro zvako zvichengetedzwe pamidziyo yako yose? Nyoresa kana kuti pinda
© Институт перевода Библии, 2008-2022